From Wikipedia, the free encyclopedia
Күүс диэн эттик хамсааһынын кубулутар (түргэтэтэр, бытаардар, хайысхатын уларытар) эбэтэр эттиги кумуктатар (форматын уларытар) дьайыы. Эттиккэ атын эттиктэр эбэтэр хонуулар дьайаллар. Күүс тэйитэр уонна тардар буолар. Күүс ахсаана векторынан уонна хайысхатынан быһаарыллар. Кээмэйдэнэр биирдигэ Ньютон (N), бэлиэтэ F. Ньютон биирдигэ 1 килограмм маассалаах эттиги 1 м/с² түргэтэтэр күүс буолар.
Исаак Ньютон эттиктэр хамсааһыннарын быһаарарыгар инерция уонна күүс диэн торумнары туттубута. Бары эттиктэр хараан сокуонун тутуһаллар диэн суруйбута. Ньютон 1687 сылга Айылҕа философиятын математика тосхоллоро (лат. Philosophiæ Naturalis Principia Mathematica) диэн ааттаах битигин таһаарбыта. Бу үлэтигэр Ньютон хамсааһын үс сокуонун ойуулаан суруйбута. Бу сокуоннары физикаҕа күүс өйдөбүлүн быһаарарга күн бүгүҥҥэ дылы туһаналлар.
Ньютон формулата:
Күүһү импульс (хамсааһын ахсаана) кэминэн билиэххэ сөп:
Маасса мэлдьинэн хаалар буоллаҕына маннык суруллар:
m - маасса, a түргэтэтии (акселерация). Бу формуланы Ньютон хамсааһын иккис сокуонугар суруйбута. Статика (хамсаабат) түргэтэтии суох түгэнигэр дьайар күүстэри тэҥнэһик торумнарыттан түмүктээн таһаарыахха сөп.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.