From Wikipedia, the free encyclopedia
Саха итэҕэлэ сайдар кэскилэ хас биирдии саха киһититтэн тутулуктаах. Саха итэҕэлэ сүрүннээн Аар Айыы итэҕэлэ буолар. Айыы киһитэ ай-тут, сиэрдээх буол диэн.
Айыы́ — божества традиционных верований якутов. Согласно мифологии, айыы — жители Верхнего мира, прародители народа саха. В широком смысле учение Айыы является своего рода уникальным реликтом древних учений (вероятно индо-иранского происхождения). Основной отличительной чертой учения Айыы является представление о триединстве мира Концепция триединства мира иногда называется триалектикой, согласно которой всякая сущность/явление в мире состоит из трёх неделимых частей (в противоположность диалектике, которая утверждает о существовании двух частей — т. н. борьба и единство противоположностей. Например, основным символом в учении Айыы является Аал Луук Мас (Великое Древо Жизни) — символ триединства мира. Согласно космогонии Айыы мир состоит из трёх частей:
Крона Аал Луук Мас символизирует Верхний мир, ствол — Срединный мир, корни — Подземный мир. Не менее причудливым является в учении Айыы представление о душе (кут). Согласно этим представлениям кут состоит из 3-х частей:
Символы Айыы (например Аал Луук Мас) являются обязательными для изображения на празднике Ысыах и регламентируются соответствующими постановлениями правительства Республики Саха (Якутия).
Саха омук итэҕэлэ сайдарыгар анаан сыл аайы Тайылҕан диэн тэрээһин ыытыллар. Ол тэрээһин туһунан Хаҥалас улууһун сайтыгар Антонина Охлопкова ыстатыйата тахсыбыт.
Олунньу 24 күнүгэр «Өбүгэ үөрэҕэ – омукпут инники сайдыытын кэскилэ» диэн ааттаах республикатааҕы «Тайылҕан» семинара Чурапчы нэһилиэгэр киэҥ тэрээһиннээхтик буолан ааста. Барыта аҕыс улуус (Нам, Горнай, Бүлүү, Амма, Мэҥэ-Хаҥалас, Уус-Алдан, Хаҥалас, Чурапчы) уонна Дьокуускай куораттан кыттыыны ыллылар. Семинар кыттыылаахтара алта түһүлгэҕэ арахсан үлэлээтилэр:
Биһиги улууспутуттан Протодьяконов Борис Петрович салайааччылаах сэттэ киһилээх делегация баран, Чурапчыга 2010 с. балаҕан ыйын 24 күнүгэр саҥа үлэҕэ киирбит «Арчы дьиэтин» тутуутун, үлэтин-хамнаһын кытта билсиһэн кэллибит.
Биһиги делегациябыт чуолаан алтыс түһүмэххэ кыттыыны ылла. Семинары «Арчы дьиэтин» дириэктэрэ Заболоцкая Надежда Михайловна иилээн – саҕалаан ыытта. Ону тэҥэ кыттыыны ыллылар: Афанасьев Л.А. – Тэрис – «Айыы кыһата» түмсүү түсчүтэ, алгысчыт; Михайлов Б.Н. – Айылҕан – «Арчы дьиэтэ» духуобунай култуура киинин фольклорга методиһа, алгысчыт; Лукина И.Е. – Уйусхаана – «Айыы кыһа» түмсүү эппиэттээх үлэһитэ, алгысчыт; Слепцова Л.Н. – Горнай улууьун «Айыы итэҕэлэ» тумсуу эппиэттээх улэһитэ.
Афанасьев Л.А. – Тэрис холумтан тула мустан олорор дьоҥҥо ыраастаныы хас да керуҥун көрдөрдө, үөрэттэ: «Арчы дьиэтин» саамай улахан үлэтэ – дьону киртэн – хахтан ыраастааһын. «Кир» - төбөҕө баар сыыһа санаа. Киһиэхэ оҕо эрдэҕиттэн киирэр (тэлэбиисэртэн, араадьыйаттан). Онон, «Арчы дьиэтигэр» дьон үксүтүгэр ыраастана кэлэллэр. Ону тэҥэ алгысчыт тустаах киһиэхэ «күрүө тутар» (дьаҥ киирбэтин – тахсыбатын диэн), «күрүөтун бөҕүргэтэр» (киһи санаата дьалкыллыбыт кэмигэр туһалыыр). Киһиэхэ өркөн ханна баарын көрдөрдө уонна «өркөнү санааннан хамсатаҕын, ол аата бэйэҥ салайа сылдьыахтааххын – ити айыы үөрэҕин саамай улахан кистэлэҥэ» диэн эттэ. 250 – тан тахса туом баар. Онтон 100-тэн тахса - алгыс, 100-тэн тахса - сиэр – туом. Үһүс таһымҥа тахсыбыт киһи 250 туому оҥорор кыахтанар эбит.
2009 с. муус устар ыйга Чурапчы кырдьаҕастарын сүбэлэрин ыҥыран, киэҥ кэпсэтии түмүгүнэн, «Арчы дьиэтин» тутарга быһаарыы ылыммыттар. Бастакы хардыынан улууска саҥа тутуллар дьиэ эскиһигэр куонкурс биллэриллибит, тутуллар сирэ, кини анала быһаарыллыбыт. Тутуу анала – саха омук үйэттэн үйэҕэ илдьэ кэлбит сиэрин – туомун, үгэһин норуокка таһаарыы, үүнэр көлүөнэни саха тыыныгар иитии, бэйэни салайыныыга үөрэтии. Чурапчы улууһун кырдьаҕастара бэйэлэрин баҕаларынан харчы хомуйбуттар. Бастакы саҕалааһын быһыытынан матырыйаалын биирдиилээн тэрилтэлэртэн хомуйбуттар. Дьиэ көҥдөйүн олохтоох уолаттар көмөлөрүнэн таһаарбыттар. Үп – харчы хомуйарга улуус таһымнаах телемарафон ыыппыттар. Нэһилиэнньэ, тэрилтэлэр улаханнык өйөөбүттэр. Биһиги «Арчы дьиэтин» үлэһиттэрин көрсөн хайдах үлэлии – хамсыы олороллорун ыйыталастыбыт. «Дьон сылдьыыта үчүгэй, араас дьаһалларга кыттыы кыра оҕолортон саҕалаан улаатан иһэрэ киһини үөрдэр» диэн хоруйдаатылар.
Эбиэт кэнниттэн «Айыллаан» сынньалаҥ киинигэр «Кэрэни, кэскиллээҕи кэпсиибин» диэн ааттаах норуот маастардарын оҥоһуктарын уонна «Бичик» кинигэ кыһата ыччаты сахалыы тыыҥҥа, сиэргэ – майгыга уһуйарга аналлаах кинигэлэри атыылыыр быыстапканы сэргээн көрдүбүт. Ол кэннэ «Чурапчы нэьилиэгэ» МТ баһылыга Оконешников И.И. түмүк этиилэри ылыннарар, инники былааннары түстүүр «Тайылҕан» семинары салҕыы үөрүүлээх быһыыга – майгыга арыйда. Түгэнинэн туһанан, бастатан, нэһилиэк бары кырдьаҕастарыгар, бар дьонугар, Чурапчы нэһилиэгин тэрилтэлэригэр, Дьокуускай куоракка үлэлиир «Чурапчы сэлиэнньэтэ» түмсүүгэ (сал. Федотов А.И.) истиҥ махталын тириэртэ. Кырдьык даҕаны, бу курдук бииргэ түмсэн үлэлээннэр, элбэҕи ситиспиттэрин, үгүһү кыайбыттарын биһиги илэ харахпытынан көрөн кэллибит. Ол курдук, Чурапчы улуустааҕы гимназията алтыс сылын Олоҥхо философиятыгар олоҕуран «Тумус туттар киһини иитии» бырайыагынан үлэлиир. Бырайыак үлэҕэ киириэҕиттэн үгүс ситиһиилэммиттэр: гимназия сахалыы тыыннаммыт, үгэс буолбут дьаһаллар баар буолбуттар (этнопедагогическай ааҕыылар, «Олоҥхо педагогикатыгар» куурустар, «Айылгы» этнопедагогика түһүлгэтэ, «Кэрэ куо», «Үрүҥ Уолан», «Саха ыала», «Долгулдьуйар уһун суһуох», «Өбүгэ оонньуулара» куонкурстар, аҕалар кэмпириэнсийэлэрэ, күрэхтэһиилэр, переменаҕа эти – хааны эрчийэр, өйу – санааны сынньатар оһуохай, ыһыах уо.д.а.). Ону тэҥэ, атын оскуолалар иитэр - үөрэтэр үлэлэрин, сүрүннээн икки бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэр «Удьуор тылын сайыннарыы утума» уонна «Иитис» бырагырааммалар чэрчилэринэн ыыталлар эбит. «Бу ыытыллар иитэр-үөрэтэр үлэлэр оҕо кыра сааһыттан Ийэ тыл сүмэтин иҥэринэн, сиэрдээх буола улаатан тахсарыгар бастакы олуктары уураллар» - диэн эттэ Дьячковская М.Е., оҕо сайдар киинин уһуйаан методиһа.
Улуус иһинэн «Чэбдик» (сал. М.Н. Матвеева) кулууп үлэлиир. Бэйэлэрин доруобуйаларын көрүнэр, араас чэбдигирдэр ньымаларынан дьарыктанар дьону түмэн, республикаҕа тиийэ биллэр, чөл олоҕу пропагандалыыр, 17 сыл устата таһаарыылаахтык үлэлээн кэлбит коллектив буолар.
Семинарга кэлбит ыҥырыылаах ыалдьыттар уонна делегация салайааччылара тыл эттилэр, санаа атастастылар. Сахалар тумус туттар киһилэрэ Павлов А.П. – Дабыл: «Хас биирдии түөлбэҕэ ураты көстүүлээх, сахалыы эйгэлээх балаҕаннары тутан ыччат дьоммутун сахалыы тыыҥҥа уһуйуоҕуҥ, истиҥ өйү – санааны саҕыаҕыҥ. Үгэс эргииринэн тэрээһиннэри, сиэри – туому, алгыһы ыытыаҕыҥ» - диэн семинар кыттыылаахтарыгар туһаайан эттэ. Онтон Попова Г.С.- Санаайа: «Бөлөхтөһөн, түмсэн, түөлбэлэһэн үлэлиэххэ, итэҕэли чинчийиэххэ, итэҕэл уонна култуура хайдах алтыһалларын үөрэтиэххэ» - диэн эдэр ыччаты ыҥырда. Нам улууһун «Айыы» дьиэтин салайааччыта, Олоҥхо ассоцияциятын тутаах үлэһитэ – С.М.Лукина кыратык үлэтин сырдатта. Ол курдук улуустарыгар «Бар5а» программа иһинэн оҕолорго сиэр – туом 126 быраабылатын үөрэтэллэр эбит. Былаацца баар эбит - хас нэһилиэк аайы «Айыы» дьиэтин тутуута.
Хаҥалас улууһун депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Протодьяконов Б.П. биһиги улууспутугар «Арчы дьиэтин» тутуутун бырайыагар туох үлэ – хамнас бара турарын туһунан кыратык билиһиннэрдэ уонна саҥа талыллыбыт улууспут Аҕа баһылыга Зайцев Ю.Н. үс сылга (2011-2013 сс.) духуобунас сылын биллэрбитин иһитиннэрдэ. Итиэннэ быйыл күһүн үлэҕэ киириэхтээх «Арчы дьиэтин» тутуутугар улуус мунньаҕын депутаттара үс мөлүйүөн харчыны көрдүлэр диэн эттэ. Мустан олорор дьон Хаҥалас улууьун дьаьалтатын бырайыагын олус сөҕө - махтайа сэҥээрэ иһиттилэр.
«Тулаһы» түмсүү тэрийэр сүбэтин салайааччыта А.Друзьянов, семинары түмүктээтэ. Ыраахтан – чугастан кэлбит ыалдьыттарга, республика улуустарын делегацияларыгар, «Тайылҕан» тэрийээччилэригэр, общественнай түмсүүлэргэ, саха итэҕэлэ сайдарыгар санааларын ууран туран үлэлиир энтузиаст дьоҥҥо дириҥ махталын тириэртэ.
«Өбүгэ үөрэҕэ – омукпут инники сайдыытын кэскилэ» республикатааҕы «Тайылҕан» семинар кыттыылаахтара эппит ыра санаалара олоххо киирэллэрэ хас биирдии бэйэбититтэн тутулуктааҕын өйдөөн туран, сахалыы тыыннаах улууспут дьоно бииргэ буолуоҕуҥ.
Антонина Охлопкова, «Уран» уустар салайааччыта.
Бу ыстатыйаны тупсарарга?:
|
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.