From Wikipedia, the free encyclopedia
Үөһээ дойду диэн киһи өллөҕүнэ өйө-санаата туспа баран айыы буолан сылдьар дойдута.
Былыр сахаларга өй-санаа туһунан үөрэх олус дириҥ силистээх эбит. Ол [кэм]]ҥэ улахан күүстээх ойууннар өй-санаа үөрэҕин баһылаан, билэн-көрөн сайыннарбыт буолуохтарын сөп. Кинилэр үөрэхтэрэ киһи өйүн-санаатын быдан толорутук көрдөрөллөрүн билигин кэлэн саҥа билэн эрэбит. Бу кэмҥэ Сибиир ойууннарын үөрэхтэрин саҥалыы сөргүтэн үөрэтии ыытыллан, тэнийэн эрэр.
Сахалар сири-дойдуну үс тус-туспа дойдуларга араараллар. Бу дойдулара Үөһээ, Орто уонна Аллараа дойду диэн буолаллар. Бэйэлэрэ, айыы аймахтара олорор сирдэрин Орто дойду диэн ааттыыллар. Орто дойду аатын курдук Үөһээ уонна Аллараа дойдулар икки ардыларыгар тайаан сытар уонна Сир саара бэйэтэ буолар.
Үөһээ дойдуга үрдүк айыылар, онтон аллараа дойдуга абааһылар олороллор диэн былыргы өйдөбүлтэн сахалар бэйэлэрин, айыылар да, абааһылар да буолбатахтарын билинэннэр, олорор сирдэрин туспа арааран Орто дойду диэн ааттаабыттар. Сири-дойдуну итинник үс аҥы араарыыттан сахаларга Үөһээ дойду диэн туспа айыылар олорор дойдулара баар буолбут. Кэлин Үөһээ дойду диэн өйдөбүл үөһэ диэки баар Халлааны кытта биир өйдөбүллэнэн, биир курдук буолан хаалбыт.
Былыргы кэмнэргэ ойууннар көрүүлэнэллэригэр, кыыралларыгар Үөһээ дойдуга тиийэ сылдьаннар бу дойдуну сиһилии ойуулаабыттар. Үөһээ дойду түөрт халлааннаах уонна тоҕус хаттыгастаах диэн быһааран этэллэр. (1,13). Үөһээ дойду халлааннара өрө тахсан бэйэ-бэйэлэриттэн үрдээн иһэр таһымнары санаталлар. Өй-санаа сайдыытын таһымын төһөнөн үрдүгүн ситиспит айыылар, ол таһымнарга сөп түбэһэр үрдүккэ баар хаттыгастарга олороллор дииллэр. Айыылар төһө үрдүк хаттыгаска тахсан олороллор даҕаны соччонон кыахтаахтар, өйдөөхтөр-санаалаахтар диэн өйдөбүл үөскээбит.
Саха ойууннара уус-уран тылы кыайа туттан баһылааннар Үөһээ дойду халлааннарын хаттыгастарын олус ымпыктаан-чымпыктаан бэйэлэрэ субу көрөн туралларын курдук ойуулаан хоһуйаллар. Олоҥхолорго ойууланар халлааннар уус-уран хоһуйуулара ордук баһыйбыттарыттан кэлин ыра санаалар халлааннарыгар, дойдуларыгар кубулуйбуттар.
Ойуун кыыран көрүүлэнэригэр араас аартыктарынан айаннаан Үөһээ дойдуга тиийэр. (2,47). Ол дойдуга тиийэн хайа эмэ былыргы өлбүт киһи кутун көрсөн манньалаан инники туох буолуохтааҕын ыйыталаһар. Көрдөһүүтэ, манньалааһына табылыннаҕына барыны - бары билэр куттар инники олоххо туох буолуохтааҕын ойууҥҥа этэн биэрэллэр эбит.
Былыр абааһы диэн илэ сылдьар буолара үһү. Абааһыны кытта айыы дьонун бөҕөстөрө куруутун охсуһаллар, тусталлар, күрэхтэһэллэр диэн кэпсииллэр. Айыы сириттэн үөһэ абааһылар киирэн дьахтар сүгүннэрэн таһаараллар эбэтэр абааһы уола киирэн айыы дьахтарын тутуһан олортон айыы-абааһы аҥардаах бухатыыр-бөҕө дьон төрүөн отто дойду бөҕөтүгэр үөһэ абааһы бөҕөһүгэр кыаттарбакка, бэйэлэрин тыыннаахтыы көмүнэллэр.
Үөһээ, аллараа, отто дойдулар диэн үс сир-дойду баарын курдук былыргы саха сэһэнэ кэпсиир. Үөһээ дойдуга айыы, абааһы сирэ-олохторо бааллар, аллараа дойдуга – абааһы сирэ. Саха сэһэнинэн, отто дойду улуу баайдара үөһээ абааһы дьонун кытта уруурҕаһаллара баар. Билиҥҥи саха төрүттэрэ үөһээ 7-8-9 хартыгастаах халлааҥҥа эбиттэр. Кэнники онтон арахсан, тэйэн үөһээ (соҕуруу), аллараа (хоту) абааһылар икки ардыларыгар (орто дойдуга) түбэһэн олорон хаалбыттар. (3,209,313).
Үөһээ дойдуга үчүгэй айыылары кытта куһаҕан абааһылар эмиэ олороллор. Үөһээ дойду абааһылара ордук күүстээх, күдэхтээх, уордаах буолаллар. Үөһээттэн түһэр абааһылартан ордук биллэллэрэ «Кугас уонна Хара маҥаас» сылгылаахтар эбиттэр. (4,112-116).
Сир-дойду үс өттүлэригэр, барыларыгар үчүгэй уонна куһаҕан айыылар, абааһылар уонна дьон бааллара сахалар былыр-былыргыттан киһи өйө-санаата икки аҥы арахсарын билэллэрин дакаастыыр. Дьон олоҕор үчүгэй уонна куһаҕан хаһан баҕарар сэргэстэһэн, бииргэ сылдьаллар. Өй-санаа бу икки өрүттэриттэн хайалара баһыйар буолар даҕаны дьон олохторо ол диэки салаллан барар. Дьон өйдөрө-санаалара бу куһаҕан уонна үчүгэй диэн өйдөбүллэр икки ардыларынан, ортолорунан сайдан баран иһиэхтээҕин сахалар билэннэр олорор сирдэрин Орто дойду диэн ааттаабыттар.
Үөһээ дойдуга эмиэ Орто дойдуга курдук үчүгэй да, куһаҕан да дьон, айыылар баалларын сахалар итэҕэллэрэ билинэр. Бу быһаарыы дьон майгылара былыргыттан баччаҕа диэри кыратык да уларыйан, тупсан көрө иликтэрин, үчүгэй уонна куһаҕан диэннэргэ билигин да арахса сылдьалларын дакаастыыр.
«Үөһээттэн үргүөр үргүйбэтин, алларааттан аргыар аргыйбатын» диэн алгыс тыллара дьон-аймах олорор, үлэлиир уонна сайдар сирдэрэ Орто дойду эрэ буоларын бигэргэтэллэр. Орто дойду олоҕо огдолуйбатын туһугар үөһээттэн даҕаны, алларааттан да араас өйдөр-санаалар киириилэрэ-тахсыылара эмиэ кэмнээх-кэрдиилээх буолаллара ирдэнэр.
Киһи бэйэтин түүлүгэр өлбүт дьон куттарын көрөрө, кэпсэтэрэ туспа дойду - түүл дойдута баарын бигэргэтэр. Өлбүт дьон куттара бу дойдуга көҥүл сылдьаллара, бу дойду - сахалар өйдөбүллэригэр, итэҕэллэригэр иҥэн сылдьар Үөһээ дойдулара буоларын көрдөрөр. Киһи түүллэригэр көрөр өлбүт дьоно тыыннаах курдук сылдьаллар. Арай түүлгэ бириэмэ диэн өйдөбүл суох. Түүлү көрөр кэмҥэ киһи өйө-санаата «уларыйбыт кэмҥэ» киирэрин А.Горбовскай «Пророки и прозорливцы в Отечестве своем» диэн үлэтигэр быһаарар. (5,319).
Былыргыта өлбүт дьон куттара Үөһээ дойдуга сылдьаллар диэн өйдөбүл саха дьонугар иҥэн сылдьар. Киһи түһээтэҕинэ өлбүт дьону тыыннаах сылдьалларын курдук көрөрө онно төрүөт буолбут. Түүлгэ киһи кута көстөр. Бу дойду өйө-санаата Орто дойду өйүттэн-санаатыттан эмиэ уратылаах. Киһи түүлүгэр көрбүтүн үксүгэр кыайан быһаара охсубат. Бу көстүүлэр илэ курдук буолбатахтарына, барылара кэриэтэ ханнык да тылынан буолбакка, бу көстөр бэлиэҕэ уруккуттан иҥмит олохсуйбут, үгэс буолбут өйдөбүлүнэн быһаарыллаллар.
Үөһээ дойду диэн өйдөбүлү түүллэри үөрэтэн, ырытан баран быһаардахпытына, дьон өйдөрө сайдыаҕыттан ыла мунньустубут өйдөрө-санаалара, ийэ куттара сылдьар сирдэрэ буолар.
Сахалар былыргы кэпсээннэриттэн Үөһээ дойду диэн түүл дойдута буолара быһаарыллар. Дьон ойуун буолаары эттэниилэрин түүллэригэр көрөллөр. Урут өлбүт ойууттар куттара, үөрдэрэ мунньустаннар кинини эттииллэр уонна урукку оннугар хомуйан кэбиһэллэр. (6,45).
Ойуун буолааччылар эттэнэ сытар кэмнэригэр өйө суох буолаллар уонна утуйан турбут курдук эттэнэн бүтэн тураллар. Ойууннар эттэнэр кэмнэригэр бары сытар эбиттэр. Сорохтор туспа отуу оҥотторон онно туос тэлгээн баран сыталлар диэн эмиэ кэпсииллэр. Киһи олоҕор араас соһуччу быһылааннар, күүстээх ыарыылар буолуохтарын сөп. Киһи соһуччу уҥан, өйө көтөн хааллаҕына өйө-санаата түүл дойдутугар тиийэн араас түүлү көрөр. (7,166). Киһи өйө-санаата бу кэмҥэ киирдэҕинэ урут буолбуту тэҥэ, кэлэн иһэр кэми эмиэ билиэн-көрүөн сөп. Уҥмут киһи өйө-санаата атын кээмэйдээх сиргэ сылдьарын ойууннар бэйэлэрин эттэниилэрин көрүүлэрэ эмиэ билэргэтэр.
Билиҥҥи үөрэх быһааран эрэринэн аҥардас өй-санаа мунньустар дойдута баар. Бу өй-санаа мунньустуутун К.Юнг «коллективное бессознательное» диэн ааттыыр.
Ойууннар кыыран, кутуран Үөһээ дойду аартыктарын арыйталыыллар. Кинилэр араас сыттары сытырҕалааннар уонна эрчимнээхтик биир тэҥник хамсананнар өй-санаа уларыйар кэмигэр киирэллэр. Бу өй-санаа уларыйар кэмигэр киирдэхтэринэ араас үөрдэри, өлбүт дьон куттарын көрсөллөр. Бу куттары кытта түүл бэлиэлэринэн кэпсэтэннэр инники туох буолуохтааҕын билэр эбиттэр.
Үөһээ дойду диэн түүл дойдута буолар эбит диэн быһаарыыны оҥорор кыах баар буолла. Бу дойду өй-санаа уларыйбыт дойдута. Манна барыта былыргыттан үгэс буолбут өйдөбүллэринэн туһаналлар. Үөһээ дойду аҥардастыы өй-санаа, салгын уонна ийэ куттар мунньустар сирдэрэ буолар. Бу дойду дьон-аймаҕы, Сири-дойдуну тулалаан саба бүрүйэ сылдьар. Киһи туох эмэ буолан, түһээн, өйө баайыллан, өйө көтөн ылар кэмнэригэр өйө-санаата уларыйан Үөһээ дойдуга баран кэлэрэ эбэтэр Үөһээ дойду өйүн-санаатын кытта быһаччы холбонон ылара быһаарыллар.
Түүллэри үөрэтээччилэр былыргы дьон өйдөрө-санаалара аныгы киһиэхэ түүлүгэр кэлэн киирэрин билинэллэр. Бу көстүүлэр саха дьоно өй-санаа Үөһээ дойдуттан Орто дойду дьонугар киирбитэ диэн олоҥхолоругар этиилэрин бигэргэтэр буолуохтарын сөп. Киһи хараҕар көстүбэт санаа ситимнэринэн Сир дойду бүрүллэ сылдьар. Хас биирдии киһи өйө-санаата бу ситимнэри кытта сибээстээх. Ол сибээс биллэр уратытынан киһи өйө-санаата бу сибээс иһигэр сылдьара буолар. Дьон-аймах барыларын куттара Сири дойдуну саба бүрүйэн сылдьаллар. Ол бүрүөһүн сахалыы Үөһээ дойду диэн ааттанар. Бу быһаарыы саха дьоно «Аан дойдуну санаа тутан турар» диэн этиилэригэр толору сөп түбэһэр. Дьон-аймах үгүс өттүлэрин санаалара хайа диэки салаллар даҕаны сирдээҕи олох ол диэки салаллан барара итинэн быһаарыллар. (8,29).
1. Н.Н.Яковлев. Курууппа ойуун көрүүлэрэ. Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1993.- 56 с.
2. Ойуун. Ойууннар норуот номоҕор. Дьокуускай: РНА СО ССНК ТЛИНЧИ, 1992.- 64 с.
3. Сэһэн Боло. Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо. Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1994.- 352 с.
4. Предания, легенды и мифы саха (якутов).- Новосибирск: Наука, 1995.- 400 с.
5. Детектив и политика. МАДПР. Вып.3. Москва: Изд-во Новости, 1990. - 352 с.
6. Г.В.Ксенофонтов. Шаманизм. Избранные труды. ( Публи-кации 1928-1929 гг.) Якутск: Творческо-производстенная фирма «Север-Юг», 1992.- 318 с.
7. Г.В.Врублевская. «5 уроков по толкованию снов».-Санкт-Петербург, «СМИО Пресс»,1998.- 320 с.
8. Каженкин И.И. Түүл Үөһээ дойду өйө-санаата. – Дьокуускай: Бичик, 2014. – 160 с.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.