Кытай Дьон Өрөспүүбүлүкэтэ
From Wikipedia, the free encyclopedia
Кытай (кытайдыы 中國, судургу кытайдыы 中国, пиньинь Zhōngguó, Джуоҥгуо, «орто дойду», официаллык Кытай Дьон Өрөспүүбүлүкэтэ (кытайдыы 中華人民共和國, судургу кытайдыы 中华人民共和国, пиньинь Zhōnghuá Rénmín Gònghéguó, Джуоҥхуа Жэнмин Гуоҥхэгуо) диэн Илин Азия дойдута. Сүүрбэ икки провинциялаах, биэс аутоном регионнаах, түөрт муниципалитеттаах уонна икки анал административнай регионнаах. Кытайга 1.3 миллиард киhи олорор (аан дойду дьонун 1/5). Сирин иининэн Кытай үһүс миэстэҕэ турар (Россия уонна Канада кэннилэриттэн).
Кытай Наруоднай Өрөспүүблүкэтэ 中华人民共和国 Zhōnghuá Rénmín Gònghéguó |
||||||
---|---|---|---|---|---|---|
Өрөгөй ырыата: "March of the Volunteers" (义勇军进行曲) |
||||||
Киин куората | Пекин | |||||
Largest city | Шанхай | |||||
Ил тыла | Кытай тыла (Мандарин тыла) |
|||||
Олохтоохтор ааттара | Кытайдар | |||||
Дьаhалтата | Биир партия дьаhалтата, социалист өрөспүүбүлүкэ | |||||
- | Председатель | Си Цзиньпин | ||||
- | Премьер | Ли Кецян | ||||
- | Chairman of the Standing Committee | Чжан Дэцзян | ||||
- | Chief Grand Justice | Юй Чжэншэн | ||||
Историята | ||||||
- | Three Sovereigns and Five Emperors | c. 2852 BCE | ||||
- | Цин династия | c. 221 BC | ||||
- | Дьон өрөспүүбүлүкэ тэриллибитэ | Алтынньы 1 1949 | ||||
Иэнэ | ||||||
- | Бүтүн | 9 598 086 km² [d] or 9,640,821 km²[d] (3rd / 4th–disputed) 3 704 427 sq mi |
||||
- | Уу (%) | 2.8[c] | ||||
Олохтоохторо | ||||||
- | 2007 estimate | 1,321,851,888[c] (1st) | ||||
- | 2000 census | 1,242,612,226 | ||||
- | Олохтоох чиҥэ | 140/km² (53rd) 363/sq mi |
||||
БИО (АКП) | 2007 estimate | |||||
- | Total | $7.043 trillion[1] (2nd) | ||||
- | Per capita | $5,300[2] (99th) | ||||
БИО (номинал) | 2007 estimate | |||||
- | Total | $3.42 trillion (4th) | ||||
- | Per capita | $2,800 (105th) | ||||
Дьини (2007) | 47.0[3] | |||||
КСИ (2007) | ▲ 0.777 (medium) (81st) | |||||
Валюта | Юань (CNY ) |
|||||
Кэм зоната | (UTC+8) | |||||
- | Сайыҥҥы кэм | not observed (UTC+9) | ||||
Ил домен | .cn[c] | |||||
Телефон кода | +86[c] |
Кытай Монголиялыын, Россиялыын, Хотугу Кэриэйэлиин, Вьетнамныын, Лаостуун, Мьянмалыын, Индиялыын, Непаллыын, Пакистанныын, Афганистанныын, Тадьикистанныын, Кыргызстанныын уонна Казахстанныын кэккэлэhэр. Кытай хоту өттүгэр далалар, тыалар уонна Гоби кумах куйаар баар, арҕаа Хималайа уонна Тэҥри-Таҕ хайалара (Тыан-Шан, Таҥара-Хайа), соҕуруу субтропик тыалар, илин Соҕуруу кытай уонна Илин кытай байҕаллара бааллар. Бу байҕаллар кытылларыгар дойду дьонун улахан өттө олорор.
Кытай Дьон Өрөспүүбүлүкэтэ 1949 с. төрүттэммититтэн ыла салайар партиянан Кытай Коммунист партията буолар. Кытай Дьон Өрөспүүбүлүкэтэ конституциятынан, КДР - норуот демократ диктатуралаах социалист дойду буолар.