Бэс ыйын 1 диэн Григориан халандаарыгар сыл 152-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 153-c күнэ). Сыл бүтүө 213 күн баар.
- — Аан дойдуга Оҕо көмүскэлин күнэ. 1949 сыллаахха Аан дойдутааҕы дьахталлар демократтыы федерациялара быһаарыытынан бэлиэтэнэр. Аборту утарыыга туһаайыллар
- ХНТ ХНТ — Төрөппүт аан дойдутааҕы күнэ. ХНТ 2012 сыллаахха ылыммыта. Оҕо бары өттүнэн толору сайдарыгар төрөппүт сылааһа, болҕомтото, таптала уонна өйдүүрэ баар буолуохтаах диир ХНТ саайта. Бу күн аан дойду бары төрөппүттэригэр ананар
- — Аан дойдуга Үүт күнэ. 2020 сылга сүүрбэһис төгүлүн бэлиэтэнэр. Үүт сүҥкэн суолтатын санатарга уонна үүтү оҥорооччулары өйүүргэ анаан ХНТ Аска уонна тыа хаһаайыстыбатыгар тэрилтэтэ олохтообута
- Камбодьа Камбодьа — Мас олордуутун күнэ
- Кения Кения — Мадарака (Көҥ;л күнэ)[1]
- Кытай Кытай — Оҕо күнэ
- Миэксикэ Миэксикэ — Байҕалынан устуу күнэ. 1917 сыллаахха Миэксикэ эргиэн флота баар буолбут. Аан бастаан 1942 сыллаахха ньиэмэс подлодкалара тимирдибит икки хараабыл экипажтарын кэриэстээн бэлиэтэммит
- Монголия Монголия — Ийэ уонна оҕо күнэ[2]
- Палау Палау — Бэрэсидьиэн күнэ[3]
- Арассыыйа Арассыыйа:
- Хотугу флот күнэ[4];
- Хиппи күнэ
- Байыаннай транспортнай авиация күнэ[5];
- Сибээс сэриитэ төрүттэммит күнэ[6]
- Самоа Самоа — Тутулуга суох буолуу күнэ (Саҥа Зеландияттан 1962 сыл тьохсунньу 1 күнүттэн)
- АХШ АХШ, Теннесси — Судаарыстыбаннас күнэ
- Тунис Тунис — Конституция күнэ
- Грузия Грузия — Нинооба
- 1215 — Цзинь династия импэрээтэрэ Сюаньцзун салайан олорор Чжунду куоратын (билигин Пекин) Чыҥыс Хаан сэриилэрэ ылбыттар.
- 1649 — Сумурой өрө туруута: Филиппин төрүт олохтоохторо Испания былааһын утары өрө турбуттар.
- 1764 — коллежскай советник Мирон Черкашенинов Саха сирин бойобуодатынан ананаммыт, бу дуоһунаска 1766 сыл ыам ыйын 3 күнүгэр дылы сулууспалаабыта. Уурайан баран дьаһаах хамыыһыйатын начаалынньыгынан үлэлээбит. Сахаҕа кини аатынан өс номоҕо үөскээбит: "Мөрүөн хамыыһыйа саҕаттан", "туос биэдэмэскэ суруллубутунан". Сири сыһыарыы биэдэмэстэрин, кумааҕы суох буолан, Мөрүөн хамыыһыйата туоска суруйбута биллэр.
- 1766 — Мэлдьэхси нэһилиэгиттэн араарыллан Иккис Мэлдьэхси нэһилиэгэ үөскээбит[7].
- 1899 — Дьокуускайга уу суолунан Хапхаастан көскө ыытыллыбыт духобордар кэлбиттэр. Бу дьон сэрии сэбин тутартан батыналлара. Бастаан Кырыымҥа, онтон Хапхааска көскө ыыта сылдьыбыттара. Тиһэҕэр үгүстэрэ Лев Толстой уонна квакердар өйөбүллэринэн Канаадаҕа көспүттэрэ, сыдьааннара билигин да онно бааллар.
- 1918 — Ньурба Чаппандатыгар кииннээх «Холбоhук» (“Единение”) диэн атыы-эргиэн тэрилтэтэ үлэтин саҕалаабыт.
- 1919 — Баһылай Никифоров-Күлүмнүүр Омскайга Судаарыстыбаннай экономика мунньаҕа буоларын туһунан телеграмма тутар. Бу мунньах бэс ыйын 30 буолбутугар көхтөөх кыттыыны ылар, аара Саха сирин сайдыытыгар, олоҕор-дьаһаҕар элбэх көдьүүстээҕи ситиһэр, үп-харчы аҕалар.
- 1922 — ВЦИК дэкириэтигэр олоҕуран Былатыан Ойуунускай баһылыктаах бастакы национальнай сэбиэскэй бырабыыталыстыба тэриллибитэ.
- 1922 — Алтаай күбүөрүнэтиттэн араарыллан Ойрот автономиялаах уобалаһа олохтоммут (кэлин Алтаай Өрөспүүбүлүкэтэ).
- 1931 — Сэбиэскэй Сойууска 90 металлургия собуотун тутуутугар Америка инженердэрэ кытталларын туһунан контракт түһэрсиллибит. Бу кэмҥэ Сэбиэскэй Сойууска балысхан тэтимнээх индустриализация барбыта.
- 1941 — Иккис аан дойду сэриитэ: Крит иһин кыргыһыы Крит Германияҕа бэриниитинэн түмүктэммит.
- 1962 — ССРС-ка эт, үүт уонна сымыыт сыаната 25-30% үрдэтиллибит.
- 1965 — сэбиэскэй суруйааччы Михаил Шолохов Нобель бириэмийэтин литэрэтиирэҕэ лауреата буолбут.
- 1966 — Кытай араадьыйатыгар буржуазияны утарар дацзыбао ааҕыллыбыт, интеллигенцияны репрессиялыыр хампаанньа саҕаламмыт.
- 1988 — Орто уонна кыра ракеталар тустарынан сөбүлэҥ олоххо киирбит.
- 1990 — Джордж Буш уонна Михаил Горбачев химическэй сэрии сэбин оҥорууну тохтотор туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар.
- 2016 — Уһук Илиҥҥи гектар туһунан сокуон олоххо киирбит.
- 2010 — Андрей Вознесенскай (1933 с.т.), бэйиэт уонна прозаик, ССРС Судаарыстыбаннай бириэмиэйтин лауреата.
II Мэлдьэхси нэһилиэгэ / хомуйан оҥордулар: М.Н. Корякин, А. Д. Аммосов. - Дьокуускай : Сайдам, 2019. - 25 см. - (Чурапчы улууһа).- Кн. 1. - 2019. – С.6.