From Wikipedia, the free encyclopedia
Уйгуур хаҕаната, Уйгуур-Орхон хаҕаната (ол эбэтэр Тоҕус-Оҕус илэ) — VIII–IX үйэлэргэ Илиҥҥи Түүр хаҕанатын оннугар үөскүү сылдьыбыт былыргы уйгуурдар дойдулара. Ираан былыргы историга Ибн Хордадбэһ Уйгуур хаҕанатын туһунан маннык суруйбут: «кинилэр дойдулара түүр дойдуларыттан саамай улахан, кинилэр Кытайы, Тибиэти уонна карлуктары кытта ыаллыы олороллор»[1].
Былыргы уйгуурдар Уйгуур хаҕанатын тэрийиэхтэрин иннинэ хас да дойдулана сылдьыбыттара:
140 сылынан урукку Илиҥҥи Түүр хаҕанатын сиригэр үһүс Уйгуур хаҕаната үөскээбитэ. 840 с. бу дойду сүүрбэ сыллаах кыргыс сэриитин кэнниттэн суох буолбута. Уйгуурдар кыргыстартан үтүрүллэн Илиҥҥи Түркистаҥҥа көһөспүттэрэ. Ол кэннэ уйгуурдар Ганьсуга уонна Турфаҥҥа бэйэлэрин дойдуларын тэрийбиттэр (Уйгуур Турфан дойдута диэни көр).
Онно эбии 500 кэриҥэ уйгуур киһитэ Амуурга олорор шивэй уонна татаб (хи) биистэригэр куоталлар[2], ол да буоллар 847 с. кыргыстар шивэйдэргэ саспып уйгуурдарга сэриинэн бараллар, ону тэҥэ кытайдар татаб (хи) бииһин утары сэриилэһэллэр. Ол кэннэ Амуурга саспыт уйгуурдар эмиэ Илиҥҥи Түркистаҥҥа куоппуттара[3].
Уйгуурдар (былыргы кыт.: 回鶻, аныгы кыт.: 回鹘, пиньинь: huihu) аан маҥнай Хотугу Вэй (354–386 сыллар) суруктарыгар ахтыллаллар уонна хуннартан төрүттээхтэрэ этиллэр. Кинилэр Гаоцзюй (кыт. 高車, пиньинь: gaoju), ол аата «үрдүк тэлиэгэлэр» диэн эмиэ ааттаналлара. Уйгуурдар Чилэй (кыт.: 敕勒; пиньинь: chilei) диэн ааттаах биистэр холбоһуктарыгар киирсэллэрэ. Сорохтор саныылларынан сөптөөх аат Чилэй буолбакка Тэлэ (кыт.: 鐵勒; пиньинь: tiele) диэн буолуохтаах (көр: телеуттар, тэлэҥиттэр). Суй кэмигэр уйгуурдар Уху (烏護), Ухэ (烏紇), Вейхэ (韋紇) диэн ааттаммыттар. Ол саҕана кинилэр Дьуҥҕаар сиригэр олорбуттар уонна 15 биискэ арахсар эбиттэр (онно эбии басмал уонна карлук доҕордуу биистэрэ):
1. Юаньхэ (袁紇).
2. Сюеяньто (сороҕор Сеяньто, сир дэнэллэр) (薛延陀).
3. Циюй (契羽 эбэтэр 契亦, киби) Харашартан хотугулуу арҕаа диэки олорбуттара.
4. Дубо-Тывалар (都播, 都波) Сяохай күөл (小海, Хубсугул буолуон сөп) диэки олорбуттар; арҕаа диэкиттэн хакастары уонна соҕуруу диэкиттэн уйгуурдары кытта ыаллаһар этилэр. Үс аймахха арахсаллар, хас биирдии аймах бэйэтэ баһылыктаах этэ.
5. Гулигань-Курыканнар (骨利幹) Байҕал күөлтэн (瀚海) хоту диэки олорбуттар. Улахан уонна күүстээх сылгылары иитэллэтэ, сэриилэрэ 5000 кэриҥэ киһилээх этэ. Кытайдар саныылларынан курыканнар сирдэрэ хотугу муораҕа диэри тиийэр уонна кылгас түүннээх, уһун күннэх сир буолар.
6. Доланьгэ-Тэлэҥиттэр (多覽葛) эбэтэр Долань (多濫) сюеяньтоттан илин диэки, Тунло (同羅水) өрүһүнэн олорбуттар. Сэриилэрин ахсаана 10 000 киһи кэриҥэ этэ.
7. Пугу эбэтэр Бугу (仆骨, 仆固) доланьгэттэн илин диэки олорбуттар, уйгуур биистэриттэн саамай хотугу биис этилэр. 30 000 сурттаах (юрталаах) уонна 10 000 киһилээх сэриилээх этилэр. Аан маҥнай Түүр хаҕанатыгар холбоспуттара, онтон сюеяньтоҕа бас бэриммиттэрэ.
8. Баегу-Байырку (拔野古, 拔野固, 拔曳固), Гобиттэн арҕаа, пугулартан илин уонна мохэттэн арҕаа диэки олорбуттар. 60 000 сурттаах уонна 10 000 киһилээх сэриилээх этилэр. Тимири уһанар биис.
9. Тунло-Тоҥра (同羅) сюеяньтоттан хоту уонна доланьгэттэн илин диэки олорбуттар. 30 000 киһилээх сэриилээх этилэр. 728 с. Кытайга илдьити ыыппыттара.
10. Хунь (渾) саамай соҕуруу олорбут биис.
11. Адэ-Эдиз (阿跌) эбэтэр Хэде (訶咥). 629 сыллаахха атын биистэри кытта Кытайга илдьит ыыппыттара. 713 уонна 741 сыллар ыккардыларыгар түүрдэргэ бас бэринэртэн аккаастанан Кытай былааһын ылыммыттара.
12. Байси (白霫) аан маҥнай Тунло уонна Пугу икки ардыларыгар олорбуттар, онтон сюеньтоттан куотан Аочжи өрүс (奧支水) уонна Лэнсин хайатын (冷陘山) диэки көспүттэр. Соҕуруу диэкиттэн киданнары кытта ыаллаһа олорбуттара. 10 000 киһилээх сэриилээхтэрэ.
13. Гэлолу (葛邏祿, Карлуктар) Алтаай хайаларыттан арҕаа диэки, Пугучжэнь өрүһүнэн (仆固振水, Тарбагатай өрүс буолуон сөп) олорбуттар. Кинилэри кытта ыалыы Чеби (車鼻) биис олорбут. Гэлолу үс аҕа ууска арахсар этэ: Моулуо (謀落) эбэтэр Моуцы (謀刺), Чисы (熾俟) эбэтэр Пофу (婆匐), Ташили (踏實力).
14. Басими (拔悉蜜, Басмаллар) 649 сыллаахха Тан Кытайыгар илдьиттэрин ыыппыттара. 742 сыллаахха басими уонна уйгуурдар холбоһон Озмыш-тыгын-хааны өлөрбүттэрэ.
15. Хусюэ (斛薛) Доланьгэттэн хоту диэки олорбуттара. 10 000 кэриҥэ киһилээх сэриилээх этилэр.
16. Сыцзе (思結) урукку сюеяньто сирдэригэр олорбуттара.
17. Сицзе (奚結) Тунлоттан хоту диэки олорбуттар. Сыцзе кытта 20 000 киһилээх сэриилээх этилэр.
Түүрдэр 606 сыллаахха хас да сүүс уйгуур аҕа баһылыгын өлөрбүттэрэ, онтон сылтаан уйгуурдар Түүр хаҕанатыттан тахсан Яологэ (藥羅葛) тула түмсүбүттэр[4]. Ордуулара Селенга өрүс диэки баар этэ. Уйгуурдар 50 000 сэрииһиттээх, 100 000 ыаллаах этилэр. Хой иитээһининэн дьарыктаналлара.
Бастакы хаан Шыгянь Сыгин буолар, кини өлбүтүн кэннэ Яоша Пуса былааска тиийэр. 628 с. Кат Ил-хаан Баҕадур-шад уйгуурдары утары Толис-хаан Шибоби баһылыктаах 100 000 киһи ахсааннаах сэриини ыытар. Мацзуншань хайатын аттыгар 100 000 киһилээх түүр уонна 5 000 киһилээх уйгуур сэриитин кыргыһыыта буолар. Ол кэннэ Яоша Пуса Дуло өрүс диэки көһөр. 629 с. уйгуурдар Кытайга бэлэхтэрдээх илдьит ыытар.
629 с. уйгуур хаана Хулу Сылифа Тумиду буолар. Кини Кытайга илдьит ыытан кытайдар былаастарын билинэр.
Тай-цзун Ли Шимин быһаарыытынан уйгуурдар Ханьхай (瀚海) улууһугар киирэллэр. Бу улууһу аҕа баһылыктар салайбыттара. Кинилэр сололоро: дуду (都督), цыши (刺史), чжанши (長史), сыма (司馬). Хотугу сирдэри Яньжань Духуфу (燕然都護府) салайбыта. Хулу Сылифа Тумиду хаан буолан хаалбыта. Кини быраата Угэ Тумидуну өлөрөн баран Ильчур Күбэ-хааҥҥа холбоһорго сананар. Угэ убайын өлөрөр, ол эрээри саҥа хаан буолаары Кытай ыраахтааҕытыгар барар уонна онно өлөн хаалар. Саҥа хаан Тумиду уола Пожунь буолар
Ол кэннэ уйгуурдар Халлыг Ышбара-Дьагбу хаҕаны (Ашина Хэлу) кытта сэриилэһэллэр. Пожунь үчүгэй сэрииһит буолан Кытай ыраахтааҕыта кинини Кэриэй сирин утары сэриигэ ыытар.
Пужань кэннэ кини уола Дуцзечжи (獨解支) хаан буолар. Капаҕан хаҕан былыргы түүрдэр сирдэрин төнүннэрэн саҕалыыр. Сорох уйгуурдар Ордос диэки көһөллөр.
Дуцзечжи кэнниттэн Фудифу (伏帝匐) хаан буолар. Уйгуурдар түүрдэри кытта сэриилэһэ сылдьан Ордоско көһүүлэрин салгыыллар. Фудифу кэннэ кини уола Чэньцзун (承宗) хаан буолар.
755 сыллаахха Ань Лушань Кытайы утары өрө турууну саҕалаабыт. 756 сыллаахха Су-цзун ыраахтааҕы Моян-чур хаҕантан көмө көрдүүр. Уйгуурдар түүрдэри утары сэриигэ көмөлөһөллөр уонна Чанъан икки Лоян куораты баһылыыллар. Ону таһынан Моян-чур хаҕан Кытайдааҕы Нинго хотуну кэргэн ылар, Кытай принцэ буоллаҕына уйгуур хотунун кытта ыал буолар[5]. Кэлин Моян-чур хаҕан кыыһа Пидьий (公公主) Ли Чэнцай (李李) диэн Кытай принцигэр кэргэн тахсар.
758 сыллаахха уйгуурдар Енисей кыргыстарын кытта сэриилэһэллэр[6]. 759 сыллаахха Моян-чур хаҕан өлөр, кини уола Идигэн саҥа хаҕан буолар уонна Кутлуг Тархан сэнгүн диэҥҥэ аатын уларытар[6].
779 сыллаахха Дуньмага диэн ааттаах Идигэн убайа хаҕаны өлөрөр уонна бэйэтэ Алп Кутлуп Билгэ диэн ааттаай хаҕан буолар[7].
795 сыллаахха Кутлуг Билгэ хаҕан өлөр уонна Яглакар аҕа ууһа тиһэҕэр тиийэр. Ол кэннэ Кутлуг диэн ааттаах сэрии баһылыга саҥа хаҕан буолар уонна Ай Тэҥридэ Улуг Болмиш Алп Кутлук Күлүг Билгэ Хаҕан ааты ылынар[8]. 803 сыллаахха уйгуурдар Хочо сирин сэриилээн ылаллар[9]. 808 с. Кутлуг өлөр, кини уола Бо-и-хаан былааска кэлэр[10].
821 сыллаахха Бо-и-хаан кэннэ саҥа хаан Чин-дэ буолар. Чин-дэ Гүн Тэҥридэ Улуг Болмиш Күчлүг Билгэ Хаҕан диэн ааттанар. Кини бүтэһик улуу уйгуур хаҕана этэ. 824 сыллаахха Чин-дэ өлөр, саҥа хаҕан кини быраата Чжаоли буолар. 832 с. Чжаоли-хааны өлөрөллөр уонна саҥа хаан Чин-дэ уола Күлүг-бэг-хаан буолар.
839 сыллаахха Күлүг-Бэг-хаан өлөр. Былааһы Күлүг-бэк диэн миниистир былдьыыр. Ол сыл аччыктааһын, дьаҥ, тыйыс кыһын буолан сүөһү бөҕөтө өлөр[11].
840 сыллаахха Күлүг-бэг өстөөҕө Күлүг-баҕа Енисей кыргыстарыгар куотар уонна хотуттан уйгуурдары сэриилииллэрин сүбэлиир. Ол сыл 80 000 кыргыс аттаах сэрииһитэ уйгуурдар киин куораттарын Ордуубалыгы сэриилээн ылар.
Аата | Салайбыт сыллара | Олобоххо олорбут кытайдыы аата | Кытайдыы тус аата | Кытайыы солотун аата | Түүрдүү аата |
---|---|---|---|---|---|
745—795 сс. салайбыт Яглакар аҕа ууһа | |||||
Чэн-цзун Хошу | |||||
Бастакы Кутлуг Билгэ Пэйло | 744 — 747 | 怀仁可汗 (huarenkehan) | 骨力裴罗 (gulupeiluo) | 骨咄禄毗伽阙可汗 (gudulupigaquekehan) | QutluğBilgä Kül Qağan |
Мойан-чур | 747 — 759 | 英武可汗 (yingwukehan) | 磨延啜立 (moyanchuo) | 葛勒可汗 (geleikehan) | Bilgä Kül Qağan |
Идигэн | 759 — 780 | 牟羽可汗 (moyukehan) | 移地健 (yidijian) | суох | Tängri Qağan |
Дуньмаҕа | 780 — 789 | 长寿天亲可汗 (changshoutianqingkehan) | 移地健 (dunmohedagan) | суох | Alp Qutluğ Bilgä Qağan |
Паньгуань | 789 — 790 | 泮官特勒 (panguantelei) | 多邏斯 (duoluosi) | суох | Külüg Bilgä Qağan |
Ачжо-хан | 790 — 795 | 奉诚可汗 (fengchengkehan) | 阿啜 (achuo) | суох | Qutluğ Bilgä Qağan |
795—840 сс. салайбыт Эдиз аҕа ууһа | |||||
Иккис Кутлуг | 795 — 805 | 懷信可汗 (huaixinkehan) | 骨咄禄 (guduolu) | 爱腾里逻羽录没密施合禄胡毗伽可汗 (aitengliluoyulumeimishiheluhupigakehan) | Ay Tängridä Ülüg Bulmıš Alp Qutluğ Uluğ Bilgä Qağan |
Күлүг-Билгэ-хаан | 805 — 808 | 滕里可汗 (tenglikehan) | 俱錄毗伽 (julupiga) | 滕裏野合俱錄毗伽可汗 (Тэнлиехэцзюйлупигакэхань) | Ay Tängridä Qut Bulmıš Külüg Bilgä Qağan |
Бо-и-хаан | 808 — 821 | 保義可汗 (baoyikehan) | 李孝誠 (li xiao cheng) | 爱登里罗汩密施合毗伽可汗 (aidengliluogumishihepigakehan) | Ay Tängri-dä Qut Bulmıš Alp Bilgä Qağan |
Чин-дэ-хаан | 821 — 824 | 崇德可汗 (chongdekehan) | биллибэт | 登啰羽錄沒蜜施句主毗伽崇德可汗 (dengluoyumeimishijuzhupigachongdekehan) | Kün Tängridä Ülüg Bulmıš Alp Küčlüg Bilgä Qağan |
Чжаоли-хаан | 824 — 832 | 昭禮可汗 (zhaolikehan) | 曷薩特勒 (Хэса Тэлэй) | 愛登裏羅汨沒密施合毗伽昭禮可 (aidengliluomimeimishihepigazhaolikehan) | Ay Tängridä Qut Bulmıš Alp Bilgä Qağan |
Күлүг-бэг-хаан | 832 — 839 | 彰信可汗 (zhangxinkehan) | 胡特勒 (Ху Тэлэй) | 為愛登裏羅汨沒蜜施合句錄毗伽彰信可汗 (aidengliluomimeimishihejulupigazhangxinkehan) | Ay Tängridä Qut Bulmıš Alp Külüg Bilgä Qağan |
Кут-тыгын | 839 — 840 | суох | суох | суох | суох |
840—847 сс. Яглакар аҕа ууһа | |||||
Уге-хаан | 840 — 846 | 乌介可汗 (wujiekehan) | 乌介 (wujie) | суох | Öge |
Энянь дэлэ-хаан | 846 — 848 | 遏捻可汗 (eniankehan) | 遏捻特勒 (enian telei) | суох | биллибэт |
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.