From Wikipedia, the free encyclopedia
Кытай тыла (кыт. трад. 漢語, судургу 汉语, пиньинь hànyǔ, палл. ханьйүү, эбэтэр кыт. 中文, пиньинь zhōngwén, палл. джуҥ’уэн — сурук туһунан этиллэр буоллаҕына) — кытайдар саҥарар тыллара, билиҥҥи саамай тарҕаммыт тыллартан биирдэстэрэ (тыл кэргэнин курдук эмиэ көрүллэр; кытай-тибиэт (син-тибиэт) кэргэнигэр киирэр. Бастаан Кытай сүрүн этноһын - хань - тыла эбит.
Кытай тыла 汉语/漢語, 华语/華語 or 中文 Hànyǔ, Huáyǔ, or Zhōngwén | ||
---|---|---|
: | ||
Дойдулар: | Кытай, Тайвань, Сингапур, Малайзия, АХШ, the Филипиннар, Австралия, Таиланд, Вьетнам, Индонезия, Маврикий, Перу, атын да регионнарга Кытай дьон түөлбэлэригэр | |
Регион: | (сүнньүнэн): Кытай, Гонг Конг, Макау, Тайвань, Сингапур, Малайзия уонна соҕурулуу-илин Азия, уонна атын регионнарга Кытай дьон коммуналарыгар | |
Total speakers: | примерно1.3 млрд | |
Тыл системата: | Sinitic Кытай тыла | |
Суруга: | Chinese characters, zhuyin fuhao, pinyin, Xiao'erjing | |
Ил суолталаах | ||
Ил статустаах: | Халыып:UNO Халыып:PRC
Халыып:ROC-TW | |
Салайыллар: | In the PRC: National Commission on Language and Script Work[1] In the ROC: National Languages Committee In Singapore: Promote Mandarin Council/Speak Mandarin Campaign[2] | |
Language codes | ||
ISO 639-1: | zh | |
ISO 639-2: | chi (B)Халыып:Infobox Language/terminological | |
ISO 639-3: | variously: cdo – Min Dong cjy – Jinyu cmn – Mandarin cpx – Pu Xian czh – Huizhou czo – Min Zhong gan – Gan hak – Hakka hsn – Xiang mnp – Min Bei nan – Min Nan wuu – Wu yue – Yue och – Old Chinese ltc – Late Middle Chinese lzh – Classical Chinese | |
Glottolog: | ||
Халыып:Infobox Language/IPA |
Кытай тыла хас да араас диалектардаах. Бу диалектар бэйэ бэйэлэриттэн туспа араас Түрк эбэтэр Славян тылларын курдук уратылаахтаар, ол иһин араас кытай диалектарынан саҥарар дьон бэйэ бэйэлэрин өйдөһөллөрө уустук буолааччы. Кытай диалектарыттан саамай киэҥник тарҕаммыт, кэлин хал буолбут диалект - Путуҥхуа. Кытайга олорор үгүс дьон бары бу тылы билэллэр. Путуҥхуа Кытайга, Тайбааҥҥа, Гонкоҥҥа, Макаога уонна Сингапурга официал тыл буолар. Кантон (Гуаҥдуҥ) тыла - өссө биир киэҥник тарҕаммыт кытай диалега буолар. Кытай диалектара төһө да дорҕооннорунан араас буоллаллар (холобур, путуҥхуа 4 фонетическай тоннардаах, Кантон тыла - 6), суруктара биир. Кытай суругар былыргыттан ыла кытай иероглифтара туттуллаллар. Онон кытай иероглифтара араас диалектарынан саҥарар дьоҥҥо өйдөнүөн сөп. Холобур, путуҥхуалыы "дорообо" 「你好」 диэн "ни хао" (nǐ hǎo), кантоннуу — "нэй хоу" (néih hóu).
Путуҥхуа (кытайдыы 普通话, "уопсай тыл", пиньинь Pǔtōnghuà) - диэн хал буолбут кытай тылын формата, официальнай статуһа Кытайга (Кытай Дьон Республиката, Хоҥ Коҥ, Аомэн), Тайбааҥҥа уонна Сингапурга официал статустаах. Ону тэҥэ Путуҥхуа ХНТ алта официал тылларыттан биирдэстэрэ. Путуҥхуанан кэпсэтэр дьон ахсаана - 850 мөл.
Аан дойдуга кытай тылынан (бары диалектары холбоон) 1,3 млрд. киһи саҥарар.
Кытай тылын атын улахан диалектара:
Путуҥхуа - тоновай тыл, ол эбэтэр хас биирдии тон араас суолталаах. Кытай тылыгар (путуҥхуа) 4 толору уонна 1 нейтральнай тон баар:
Тон уларыйыытын кытта сүһүөх (ол эбэтэр биир иероглиф) суолтата эмиэ уларыйлар. Холобур, бастакы тонунан ааҕыллыбыт [mā] "ийэ"(妈) диэн суолталаах, иккис тонунан [má] - суолтата "кунжут" (麻) диэн, үһүс тонунан ааҕыллыбыт [mǎ] "ат" (马) диэн суолталаах, төрдүс тонунан ааҕыллыбыт "этиһии" (骂) диэн суолталаах. Нейтральнай тон тыл бүтэһигэр эрэ турар, грамматическай эрэ функциялаах тылларга (частицалар) баар буолааччы.
Пиньиньҥа (кытай тылын фонетикатын алпабыыта) тон аһаҕас дорҕоон үрдүгэр анал бэлиэлэринэн бэриллэллэр - ā, á, ǎ, à), сороҕор сыыпыраннан суруллааччы - ma1, ma2, ma3, ma4. Холобур, 你好 (дорообо) nǐhǎo, эбэтэр ni3hao3 диэн суруллуон сөп.
Кытай тыла аан дойдуга баар саамай былыргы тыллартан биирдэстэрэ, ону таһынан кытай тыла билиҥээҥҥэ дылы туһаныллар саамай былыргы суруктаах. Кытай суруга (иероглифтар) дьоппуон тылыгар туттуллар (онно кандзи диэн ааттанар), өтөрдөөҕүтэ кэриэй уонна вьетнам тылыгар эмиэ туттулла сылдьыбыта.
Кытай суруга билиҥҥи кэмҥэ икки көрүҥнээх - судургутуллубут, эбэтэр чэпчэтиллибит (упрощенные иероглифы) уонна төрүкүлүү (традиционные иероглифы). 1950 с. дылы төрүкүлүү иероглифтар туһаныллар этилэр, ол кэннэ Кытай олохтоохторун үөрэҕириилэрэ намыһах буолан, сотору кэминэн улам-улам кытай суруга чэпчэтиллэн барбыта. Билигин бүтүн Кытайга уонна Сингапурга чэпчэтиллибит сурук туһаныллар. Тайбааҥҥа уонна Гонкоҥҥа билигин даҕаны төрүкүлүү сурук туттуллар. Төрүкүлүү уонна чэпчэтиллибит сурук арааһа иероглифтар сурааһыннарын ахсааннарынан араас буолар, ол курдук, төрүкүлүү иероглифтар сурааһыннарын ахсаана чэпчэтиллибит иероглифтааҕар элбэх буолар. Холобур, "дойду" диэн иероглиф төрүкүлүү көрүҥэ 11 сурааһыннаах (國), оттон чэпчэтиллибитэ - 8 сурааһыннаах (国).
Кытай иероглифтарын ахсаана чуолкайдык биллибэт (~100 тыһ. саҕа). Үөрэхтээх киһи 3000 саҕа иероглифтары билиэхтээх.
Хас биирдии иероглиф биир эрэ сүһүөҕүнэн ааҕыллар.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.