From Wikipedia, the free encyclopedia
Протодьяконов Василий Никитич — саха литэрэтиирэтин устуоруйатын чинчийбит литературовед учуонай, литэрэтиирэ кириитигэ, педагог, мэтэдиис, Таатта улууһун Ытык киһитэ, тыыл бэтэрээнэ. "Саха ырыата" (Алампа тылларыгар),"Ньургуһуннар" (Сиэн Чолбодук тылларыгар) диэн норуокка киэҥник биллибит ырыа ааптара.
Бу ыстатыйаҕа В. Н. Протодьяконов ыстатыйа иһинээҕитэ көһөрүллүөхтээх уонна онтон утаарыы туруоруллуохтаах. Бу ыстатыйалары холбоон көмөлөһүөххүн сөп. Өскө холбооһун тоҕоостооҕун ырытыы булгуччулаах буоллаҕына, бу халыып оннугар {{Холбуурга}} халыыбы туруор уонна Бикипиэдьийэ: Холбуурга сирэйгэ туһааннаах суругу эбэн кулу. |
1934 с. от ыйын 1 күнүгэр Тааттаҕа Чөркөөххө төрөөбүтэ. 1954 с. Дьокуускайдааҕы педучилищены бүтэрэн начаалынай кылаас уонна пионер баһаатай идэтин ылбыта. Үс сыл аармыйаҕа сулууспалаан баран, 1957 с. СГУ усуторуйа-филилогия факультетын саха тылын уонна литэрэтиирэтин салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. 1962 с. саха тылын уонна литературатын кафедратыгар ассистенынан үлэлии хаалбыта. 1965-1968 сс. университет аспирантуратыгар ситиһиилээхтик үөрэммитэ. 1968 с. кафедраҕа бастаан старшай преподавателинэн, онтон доценынан үлэлээбитэ. 1992 с. саҥа тэриллибит саха литэрэтиирэтин кафедратын сэбиэдиссэйинэн анаабыттара.
Университекка "Саха литературатын историята", "Саха литературнай критикатын историята", "Саха литературатын оскуолаҕа үөрэтии методиката" куурустары ааҕар, элбэх үөрэх кинигэтин, научнай ыстатыйалары бэчээттэттэ. Үлэтин сүрүн ис хоһооно - саха тылын күүһүн тилиннэрии, омук кырдьыгын, уратытын туруулаһыы.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.