From Wikipedia, the free encyclopedia
Нуучча тыла (нууч. русский язык) диэн илин славян тылларын бөлөҕүгэр киирэр. Сир үрдүгэр олус тарҕаммыт тыллартан биирдэстэрэ. Нууччалар национальнай тыллара, Центральнай Евразия, урукку ССРС, араас омуктарын икки ардыларыгар кэпсэтэр тыллара. ХНТ үлэ тыла. Славян тылларыттан биир саамай тарҕаммыт тыл[4].
Нуучча тыла | ||
---|---|---|
Дойдулар: | Россия, СНГ дойдулара, Грузия, Соҕуруу Осетия, Абхазия, Латвия, Литва, Эстония, Израиль, Монголия, Шпицберген, Финляндия, Арҕаа Еуропа дойдулара, Германия, Франция, США мегаполистара, Канада, Кытай, Австралия. | |
Total speakers: | Төрөөбүт тыла: 170 мөл,[1] онтон 130[2] (119[3]) мөл. Россияҕа Иккис тыл: 114 мөл (2006) — 125 миллионов[1] Саҥараччы уопсай ахсаана: 300[1] (295[2]) мөлүйүөн. | |
Тыл системата: | Индо-Эуропа Славянскай Илинславянскай Нуучча тыла | |
Суруга: | Кирилл алпабыыта | |
Ил суолталаах | ||
Ил статустаах: | Россия, Белоруссия, Казахстан, Киргизия,
organizations
Халыып:UNO Халыып:Country data CIS | |
Салайыллар: | no official regulation | |
Language codes | ||
ISO 639-1: | ru | |
ISO 639-2: | rus | |
ISO 639-3: | rus | |
Glottolog: | russ1263 | |
Note: This page may contain IPA phonetic symbols in Unicode. |
Морфологическай стройунан нуучча тыла ордук флективнай, синтетическэй. Лиэксийэ грамматическай суолтата, быраабыла курдук, флексия көмөтүнэн бэриллэр. Хас биирдии флексия хас да суолтаны тэҥҥэ көрдөрөр. Синтетическэй формалары сэргэ, нууччалыы аналитизм элеменнэрин сайыннарыы эмиэ көстөр.
Синтаксис нуучча тылын көҥүл бэрээдэгинэн, тыл бэрээдэгин утары, биир томпоненнаах уонна икки компонентнай структураларын утары боростуой этиилэр үс көрүҥэ баарын, интонационнай средстволар актыыбынай оруолларын көрдөрөр.
Нуучча тылын лексическэй састааба бэйэтин сүнньүнэн — төрүт нуучча. Тыл фондатын хаҥатыы - тылы бэйэ моделынан уонна киирии тылларынан үөрэтии. Киирии тылларга славянизм, грецзизм уонна тюркизм сыһыаннаахтар. XIII үйэлэргэ Голландия,немецкэй уонна французскай киирии тыллар баһыйаллар, ХХ үйэттэн — английскайдар.
Нуучча тылын диалектара икки тылга арахсаллар: хоту уонна соҕуруу. Сыһыаттар икки ардыларыгар билиҥҥи литературнай тыл тирэҕинэн буолбут көһө сылдьар тыллар этиллэллэр.
Нуучча тылын историятыгар үс сүрүн кэми араарар: былыргы нуучча, Белоруссия уонна Украина тылларыгар (ВИ- Х үйэлэр), Старорусскай эбэтэр великорусскай (ХІІ- XII үйэ ортотуттан) уонна национальнай нуучча тылын периода (XII үйэ ортотугар). Сурук- Бичик өттүгэр старлавянскай кириллица сытар.
Нуучча тылын наукатын комплекса лингвистика диэн ааттанар.[5]
А а | Б б | В в | Г г | Д д | Е е | Ё ё | Ж ж |
З з | И и | Й й | К к | Л л | М м | Н н | О о |
П п | Р р | С с | Т т | У у | Ф ф | Х х | Ц ц |
Ч ч | Ш ш | Щ щ | Ъ ъ | Ы ы | Ь ь | Э э | Ю ю |
Я я |
1938 сыллаахха кулун тутар 13 күнүгэр нуучча тыла ССРС бары оскуолаларыгар булгуччу үөрэтиллэр буолбут.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.