Алексеев Егор Егорович — саха аатырбыт устуорук учуонайа, публицист, устуоруйа билимин дуоктара.
1930 сыллаахха от ыйын 12 күнүгэр Саха АССР Ньурба оройуонун Мэгэдьэк нэһилиэгэр төрөөбүт.
- 1957 с. Москубатааҕы культура институтун бүтэрбит.
- 1957—1958 сс. — Саха АССР культуратын министерствотын инспектора.
- 1958—1960 сс. — Саха АССР Киин госархивын научнай үлэһитэ.
- 1960—1964 сс. — Саха государственнай университетын ССРС историятыгар кафедратын старшай лаборана.
- 1964—1965 сс. — Саха государственнай университетын аспирана.
- 1965—1988 сс. — Саха государственнай университетыгар: преподаватель, старшай преподаватель, доцент.
- 1966 с. — история билимнэрин кандидатыгар «Роль В. И. Ленина в установлении и упрочении Советской власти в Якутии» тиэмэҕэ суруйбут диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбит.
- 1971 с. — «доцент» учуонай аата иҥэриллибит.
- 1989 сылтан — омуктар ыккардыларынааҕы сыһыаннар уонна этносоциальнай процесстар салааларын старшай научнай үлэһитэ.
- 1999 с. — история билимнэрин докторыгар «Национальный вопрос в РС(Я). 1917—1944 гг.» тиэмэҕэ диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбит.
- 1999—2004 сс. — Саха Өрөспүүбүлүкэтин билимин академиятын гуманитарнай чинчийэр Институтун историяҕа салаатын научнай үлэһитэ, главнай научнай үлэһитэ.
- 2010 сыл алтынньы 24 күнүгэр күн сириттэн барбыта.
Е. Е. Алексеев — республикаҕа омуктар ыккардыларынааҕы сыһыаннар историяларын уонна Саха Сирин государственнай тутуутун үөрэппит чинчийээччинэн биллэр, 30-ча научнай монография, кинигэлэр, брошюралар уонна 400 научнай ыстатыйалар ааптардара.
Учуонай сыралаах үлэтин биир сүҥкэн өҥөтүнэн Саха Сирин бөдөҥ политиктарын, государственнай деятеллэрин — А. Е. Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй, М. К. Аммосов, П. А. Ойуунускай, И. Н. Барахов, И. Е. Винокуров, С. В. Васильев, В. Г. Павлов — олохторун-дьылҕаларын чинчийэн, кинилэр тустарынан бэртээхэй кинигэлэри суруйан күн сирин көрдөрбүтэ.
КГБ архивтарын чинчийэн, республика органнарын Сталин террорын кэминээҕи үлэлэрин, сымыйанан буруйдаммыттар үтүө ааттарын чөлүгэр түһэриини суруйан сырдаппыта:
- «Признаю виновным: Служба безопасности Республики Саха» (М.,1996);
- «Обреченные» (Якутск, 1993);
- «КГБ-ФСБ историк хараҕынан» (Якутск, 2000);
- «В. Скрипин — идейный преемник И. Ласкова. Об очередном наступлении на П. А. Ойунского, М. К. Аммосова, И. Н. Барахова» (Якутск, 2003).
В. И. Ленин уонна Саха Сирэ:
- «Роль В.И.Ленина в установлении и упрочении Советской власти в Якутии» (Якутск, 1962);
- «По пути полного укрепления власти самих трудящихся (Роль В. И. Ленина в исторических судьбах народов Якутии)» (Якутск, 1970);
- «Кривда и правда о Ленине» (Якутск,1993).
А. Е. Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун-үлэтин чинчийии:
- «Өксөкүлээх Өлөксөй» (Якутск, 1962);
- «Өксөкүлээх көмүскэлигэр» (Якутск, 1993);
- «А. Е. Кулаковский и XXI век» (Якутск, 2002);
- «Мировоззрение А. Е. Кулаковского» (Якутск, 2002).
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин билимин үтүөлээх деятелэ (1992)
- А. Е. Кулаковскай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата (1995)
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин Духуобунаһын академиятын дьиҥнээх чилиэнэ
- Нам улууһун ытык киһитэ
- Таатта улууһун ытык киһитэ
- Үөһээ Бүлүү улууһун ытык киһитэ
- Ньурба улууһун ытык киһитэ
- Бүлүүчээн нэһилиэгин ытык киһитэ
- Сыроватский А. Книга о великом вожде // Молодёжь Якутии. — 1962. — 27 дек.
- Познанский В. С. В. И. Ленин и Советская Якутия // Изв. Сиб. отделения АН СССР. Сер. обществ., наук. — 1965. — Вып. 1 — № 1. — С. 102—105.
- Иванов В. Н. В. И. Ленин о судьбах якутского народа // Полярная звезда. — 1965. — № 6. — С. 121—124.
- Боескоров Г. Сыралаах үлэ, сырдык дьулуур түмүгэр // Хотугу сулус — 1968 — № 1. — С. 138—141
- Гоголев Н., Цугель-Аммосова Р. И. По пути, указанному В. И. Лениным // Соц. Якутия. — 1970. — 16 авг.
- Демидов В. А. Октябрь и национальный вопрос в Сибири 1917—1923 гг. — Новосибирск. 1977. — С. 12—19
- Читатели нам пишут: Письмо Николаева С. И. из г. Якутска // Вопросы истории КПСС. — 1980. — № 8. — С. 112—115
- Сыромятников Г. С. Литературно-художественная критика в Якутии (1939—1975). — Якутск, 1990. Об Алексееве Е. Е. — С. 142, 157, 165, 170, 254, 255.
- Багдарыын Сүлбэ. Өргөс — кылаан киһи // Кыым. — 1992. — От ыйын 7 к. — С. 4.
- Федосеев И. Кырдьыгы кынат оҥостон // Саха сирэ. — 1992. — Сэтинньи 3 к. — С. 6.
- Быков И. Очень своевременная книга // Якутия. — 1999 — 10 февр.
- Борисов И. Кырдьык иhин мөккүhэр // Забота-Арчы. — 1999. Алтынньы 7 к.
- Ксенофонтов В. КГБ-ФСБ историк хараҕынан // Ил Тумэн — 2000 — Атырдьах ыйын 30 к. — С. 12.