From Wikipedia, the free encyclopedia
Швейцария (официаллык Швейцария Конфедерацията) диэн Арҕаа Эуропа дойдута. Олохтоохторун ахсаана 7.6 мөл киhи, иэнэ 41,285 км². Швейцария федерал республика, 26 кантоннардаах (штаттардаах). Киин куората Берн. Суолталаах куораттар: Женева, Базель уонна Цүрих. Швейцария аан дойду ордук баай дойдуларын ахсааннарыгар киирэр.
ниэм. Schweizerische Eidgenossenschaft фр. Confédération suisse ит. Confederazione Svizzera ромш. Confederaziun svizra лат. Confoederatio Helvetica Швейцария Конфедерацията |
||||||
---|---|---|---|---|---|---|
Ыҥырыыта: Unus pro omnibus, omnes pro uno (Латин)[1] «One for all, all for one» |
||||||
Өрөгөй ырыата: "Swiss Psalm" |
||||||
Киин куората | Берн[2] | |||||
Largest city | Цүрих | |||||
Ил тыла | ниэмэс, француз тыла, итал, романш[3] |
|||||
Олохтоохтор ааттара | Swiss | |||||
Дьаhалтата | Direct democracy Federal parliamentary republic |
|||||
- | Federal Council | M. Leuenberger P. Couchepin (Pres. 08) U.Maurer M. Calmy-Rey H.-R. Merz (VP 08) D. Leuthard E. Widmer-Schlumpf |
||||
Independence | ||||||
- | Foundation date | 1 August[4] 1291 | ||||
- | de facto | 22 September 1499 | ||||
- | Recognized | 24 October 1648 | ||||
- | Restored | 7 August 1815 | ||||
- | Federal state | 12 September 1848[5] | ||||
Иэнэ | ||||||
- | Бүтүн | 41,285 km² (136th) 15,940 sq mi |
||||
- | Уу (%) | 4.2 | ||||
Олохтоохторо | ||||||
- | 2008[6] estimate | 7,676,500 (94th) | ||||
- | 2000 census | 7,288,010 | ||||
- | Олохтоох чиҥэ | 181.4/km² (61st) 479,8/sq mi |
||||
БИО (АКП) | 2007 estimate | |||||
- | Total | $301.181 billion[7] (38th) | ||||
- | Per capita | $41,264[7] (IMF) (6th) | ||||
БИО (номинал) | 2007 estimate | |||||
- | Total | $427.074 billion[7] (19th) | ||||
- | Per capita | $58,513[7] (IMF) (7th) | ||||
Дьини (2000) | 33.7 (medium) | |||||
КСИ (2007) | ▲ 0.955 (high) (7th) | |||||
Валюта | Swiss franc (CHF ) |
|||||
Кэм зоната | CET (UTC+1) | |||||
- | Сайыҥҥы кэм | CEST (UTC+2) | ||||
Ил домен | .ch | |||||
Телефон кода | +41 |
Кирбиилэhэр Германиялыын хоту уонна хотугулуу-илин, Франциялыын арҕаа уонна хотугулуу-арҕаа, Италиялыын соҕуруу уонна соҕуруулуу-арҕаа, Аустриялыын уонна Лихтенштайнныын илин.
Альпа хайалара дойду сирин 60-ча бырыһыанын ылаллар уонна дойдуну хотугулуу-илинтэн соҕуруулуу-арҕаа быһа охсоллор. Швейцария хайа хайыһарынан дьарыгырар курортарынан биллэр, онтулара 200-тэн тахсалар, онтон сорохторо аан дойдуга саамай үчүгэйинэн ааҕыллалар.
Швейцария өссө күөллэринэн (саамай биллэллэрэ Цүрих, Тун уонна Женева күөллэрэ), күрүлгэннэринэн, ледниктарынан, минеральнай дьүүктэ ууларынан биллэр. Женева күөлэ Арҕаа Еуропа саамай улахан тууһа суох уу саппаастааҕынан аатырар. Эуропа Рейн, Рона уонна Инн курдук улахан өрүстэрэ Швейцаряи Альпатын хайаларыттан саҕаланаллар.
Элбэх култуура бэйэ-бэйэтигэр дьайыыта Швейцарияҕа 4 ил тыла баарыгар тиэрдибит: ниэмэс (65 %), француз (20 %), итальянскай (9 %) уонна ретер-роман тыла (1 % кыра).
Олохтоохторун ахсаана 7 мөл киһи. Онтон 20 % атын омук дьоно. Швейцарецтар ортотунан 79 саастарыгар диэри олороллор. Олохтоохторун 46 % католиктар, 40 % протестааннар, уоннааҕылара — атын итэҕэллээхтэр.
Швейцария 26 сувереннай кантонтан турар, ол кантоннартан үһэ иккилии полукантонтан тураллар. Бу кантоннар Конфедерацияҕа хобоммуттар. Хас биирдии кантон туһунан сокуоннаах, нолуок систиэмлээх, үөрэҕирии систиэмэлээх, сууттаах. Федеральнай бырабыыталыстыба тас политиканы, тас эргиэни дьаһайар, дойду көмүскэлинэн дьарыктанар.
Ниэмэстии саҥарар кантоннар:
Француузтуу саҥарар кантоннар:
Итальянскайдыы саҥарар кантон:
Икки тыллаах кантон (ниэмэстии уонна французтуу):
Швейцария Эуропа сойууһугар киирбэт. Ол гынан баран көҥүл атыы туһунан ЭС кытта сөбүлэҥнээх, уонна элбэх дойдулар ыккардыларынааҕы сөбүлэҥнэрдээх, онон атыы-эргиэн уонна өҥө оҥоруута көҥүллүк ыытыллар. Онон Швейцария политика өттүнэн Эуропаттан тутулуга суох эрээри Эуропа рыынагар толору киирэ сылдьар. Эуропаҕа табаар киллэриитинэе Швейцария үһүс миэсэҕэ турар, Эуропа табаарын туһаныытынан иккис миэстэлээх.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.