Тохсунньу 1 күнэ — Григориан халандаарыгар сыл бастакы күнэ. Сыл бүтүө 364 күн (ордук хонуктаах сылга 365 күн) баар.
- 1863 — Пьер де Кубертен — Франция учуутала уонна устуоруга. Аныгы Олимпия оонньууларын төрүттээччитэ, Аан Дойду Олимпия кэмитиэтин олохтооччута уонна бэрэсидьиэнэ.
- 1873 — Афанасий Рязанскай — Амма улууһун бастакы кулубата.
- 1895 — Илья Винокуров — 1943-1946 сылларга Саха АССР Совнаркомун бэрэстээтэлэ, 1946-1952 сылларга Саха Сирин обкомун бастакы сэкиритээрэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар саха омугун хоргуйан өлөртөн быыһаабыт, сэллик ыарыыга эмтэрбитин тохтотор суолга киллэрбит, Саха Сирин автономиятын 1947 сыллаахха быһаары гыммыттарын көмүскээбит өҥөлөөх Саха Сирин уһулуччулаах салайааччыта.
- 1914 — Мария Николаева — Саха Сирин уһун үйэлээх олохтооҕо, Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин ытык киһитэ.
- 1920 — Алексей Айкаров — Саха АССР үлэһит кылааһын уонна бырамыысыланнаһын устуоруйатын чинчийбит устуоруйа билимин хандьыдаата.
- 1928 — Иван Подойницын — 1985-2007 сылларга Нуучча драматическай тыйаатырын дириэктэрэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ (2000), Дьокуускай куоратын ытык киһитэ.
- 1929 — Марина Петрова - Тойуктаах Марыына — тойуксут, саха болкулуорун тарҕатааччы, Саха тыйаатырын артыыһа, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ.
- 1930 — Иван Гоголев — Кындыл — саха норуодунай бэйиэтэ, драматург, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1957). Кини аатын Бүлүү народнай тыйаатыра уонна Чочу орто оскуолата сүгэллэр.
- 1950 — Евдокия Поликарпова — саха литэрэтиирэтин орто оскуолаҕа үөрэтиигэ мэтэдиис учуонай, педагогика билимин дуоктара, бэрэпиэссэр, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ.
- 1959 — Михаил Старостин — саха худуоһунньуга, график.