From Wikipedia, the free encyclopedia
Бүлүү диэн былыр былыргыттан кытылыгар дьон олохсуйбут Саха Сирин биир улахан өрүстэриттэн биирдэстэрэ. Өлүөнэ ордук уhун салаата.
Бүлүү өрүс | |
---|---|
Төрдө | Орто Сибиир хаптал хайата |
Ханна түһэрий | Өлүөнэ өрүс |
Тардыытын дойдута | Россия |
Уһуна | 2,650 км |
Орто түһэрэр уута | 1,480 м³/с (төрдүн аттыгар) |
Бассейнын иэнэ | 454,000 км² |
ГВР | 18030800112117400003664 |
Саха Сиригэр уһунунан иккис өрүс. Өлүөнэ өрүскэ ханас өттүттэн түһэр. Уһуна 2650 км, бассейнын иэнэ - 454 тыһ. км2. Уутун сыллааҕы орто ороскуота Өлүөнэҕэ түһэр сиринэн 1450 м3/с. Бу көрдөрүүлэринэн Дон, Урал курдук улахан өрүстэри куоһарар, Днепрдааҕар арыый кыра буолан биэрэр.
Бүлүү бассейныгар 15664 уу салаата сүүрүгүрдэн киирэр. Онтон улахан салаалара: Марха, Чуона, Улахан Вава, Ахтаранда, Улахан Ботуобуйа, Түҥ, Түүкээн онтон да атыттар. Өрүс бассейныгар 67266 күөл баар, онтон улаханнара Нидьили (119 км2), Сүгдьээр (80 км2), Богуда (22,6 км2), дириҥнэрэ - Муоһааны (110 м).
Өрүс бассейныгар салгын сыллааҕы орто температурата — 8 кыраадыс.
Бүлүү өрүс бэйэтэ да, тулалыыр күөллэрэ да балыгынан баайдар. Бүлүү бассейныгар маннык балыктар бааллар:
Далан «Бүтэй Бүлүү» диэн арамааныгар нууччалар кэлиэхтэрин иннигэр Бүлүү өрүс сүнньүнэн олоро сылдьыбыт биис-уустар тустарынан суруйбут.
Бүлүүтээҕи ГЭС муората 2170 км2 иэннээх. Онно 30 мөл. кубическай миэтэрэ мас тимирэ сытар.
Ядернай дэлби тэптэрии полигоннара. 1978 сылтан саҕалаан сир анныгар ядернай зарядтары элбэх төгүл эспиттэрэ. Бу объектар 1996 сыллаахха аварийнай туруктаахтара биллибитэ.
Өрүс тардыытыгар алмаас баара өрөбөлүүссүйэ инниттэн биллэрэ. Холобур, Парижка буолбут аан дойдутааҕы быыстапкаҕа Саха сирин алмааһа көрдөрүллүбүтэ биллэр. Ону туһаҕа таһаарыахха сөбүн туһунан Бүлүү куорат учуутала Петр Староватов туруорсар этэ. Ол эрээри геологтар 1950 с. эрэ бигэргэппиттэрэ.
Бүлүү сүннүнньүгэр олорор куораттар, нэһилиэктэр бөхтөрүн-сахтарын ыраастаабакка өрүскэ түһэрэллэр. Тыа хаһаайыстыбатын ыарахан техниката сир кырсын алдьатар. Сүүһүнэн свалкалар киһи түөлбэлээн олорор сирдэригэр туох да көрүүтэ-харайыыта суох сытыйа-ымыйа сыталлар. Удобрениелар уонна араас химикааттар мунньулла сытар сирдэрэ бааллар.
"Свободнай" диэн ааттаах космодромтан ракеталар космоска тахсалларыгар өрөспүүбүлүкэ территориятын үрдүнэн ааһаллар. Ракетнай двигателлэр бастакы ступеннара үлэлээн бүттэҕинэ ракетаттан арахсан Өргүөт, Быракаан уонна Туобуйа диэн Үөһээ Бүлүү сирдэригэр түһэр. Ол ступеннар уматыктара ситэ туһаныллыбат, онон дьааттаах гептил диэн эттик айылҕаны сүһүрдэр.
Бүлүү өрүс айылҕатын алдьатан эрэбит диэн санаа ааспыт XX үйэ 70-с сылларыттан баар буолбута. 90-с сылларга ол санаа хамсааһыҥҥа кубулуйбута. Бүлүүнү көмүскүохтэрин харыыстыахтахтарын баҕарар дьон үксэ "Вилюй" диэн ааттаах общественнай экологическай комитекка түмсүбүтэ.
Бүлүү улуустарын быһаарыытынан ыам ыйын 25 күнүгэр бэлиэтэнэр.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.