Атырдьах ыйын 31 диэн Григориан халандаарыгар сыл 243-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 244-c күнэ). Сыл бүтүө 122 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- Белуджа уонна пуштун омуктар сомоҕо күннэрэ (аан дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр)
- Ахтыы суруйуу күнэ. Виктория Твид уонна Алан Паркс диэн мемуарист суруйааччылар "Мемуары сөбүлүүбүт" диэн ааттаан мемуаристиканы сөбүлүүр дьон алтыһар бөлөҕүн 2013 сыллаахха төрүттээбит күннэригэр бэлиэтэнэр.
- Кыргыстаан — Тутулуга суох буолуу күнэ
- Малайзия — Тутулуга суох буолуу күнэ (ааҥл. Hari Merdeka)
- Молдавия — Дойду тылын күнэ
- Румыния — Румын тылын күнэ
- Польша — Сомоҕолоһуу уонна Көҥүл күнэ
- Тринидад уонна Тобаго — Тутулуга суох буолуу күнэ
- Узбекистан — Репрессиялар сиэртибэлэрин ахтан ааһар күн
- Арассыыйа — Арассыыйа бэтэринээрин күнэ.
Түбэлтэлэр
- 1056 — Аҕыйах хонук ыалдьаат Византия ыраахтааҕыта Феодора өлөн хаалар, оҕото суох буолан македон династия кининэн быстар.
- 1492 — Москуба княжествота уонна Осмаан импиэрийэтэ бастакы эйэ сөбүлэҥин түһэрсибиттэр.
- 1907 — Улуу Британия, Арассыыйа уонна Франция Антанта диэн союз төрүттээбиттэр. Кинилэр Германия, Австро-Венгрия уонна Италия Үс өрүттээх союзтарын утары холбоспуттара. Сотору кэминэн бу икки бөлөх Аан дойду бастакы сэриитигэр харсыспыта.
- 1914 — Германияны утары сэрии саҕаламмытын кэннэ Санкт-Петербург ньиэмэстии аатын Петроград диэҥҥэ уларыппыттар.
- 1935 — Стаханов рекорд олохтообут — биир симиэнэҕэ (5 чаас 45 мүнүүтэ) 102 туонна таас чоҕу хостообут, нуорманы 14 төгүл куоһарбыт.
- 1939 — Сэбиэскэй Сойуус уонна Япония ыккардыгар Монголияҕа Халхин-Гол өрүскэ буолбут сэрии түмүктэммит.
- 1944 — Сэбиэскэй сэриилэр Румыния киин куоратыгар Бухарестка киирбиттэр.
- 1947 — Лётчик-испытатель Павел Володин Ан-2 көтөр аал бастакы прототибын халлааҥҥа көтүппүт.
- 1952 — Хельсинкигэ Саахымат олимпиадата түмүктэммит. Манна бастакытын кыттыыны ылбыт ССРС хамаандата кыайыыны ситиспит. Аныгыскы 40 сыл тухары ССРС биирдэ эрэ чөмпүйүөн аатын сүкпэтэҕэ. Ону таһынан 2012 сыллаахха диэри өрүүтүн урукку Сэбиэскэй сойуус өрөспүүбүлүкэлэрэ эрэ кыайаллар этэ.
- 1972 — Арҕаа Германия Мюнхеныгар Олимпийскай оонньууларга Дмитрий Коркин иитиллээччитэ Роман Дмитриев көҥүл тустууга кыһыл көмүс мэтээли ылбыт.
- 1980 — Польшаҕа «Солидарность» профсоюз олохтоммут. Бу тэрилтэ икки сылынан бобуллубута эрээри кистэлэҥ уопсастыбаҕа кубулуйбута уонна 1989 сыллаахха сөргүтүллүбүтэ. 1989-1990 сылларга дойдуга хаан тохтуута суох хомуньуус былааһын суулларбыта.
- 1990 — Татарскай АССР РСФСР өрөспүүбүлүкэлэриттэн иккиһинэн (бастакы Карельскай АССР этэ) сүбэрэнитиэт биллэрбитэ, ол эрээри федерацияттан тахсарын туһунан эппэтэҕэ.
- 1991 — Кыргыстаан тутулуга суоҕун биллэрбит.
- 1993 — Арассыыйа Литваттан бүтэһик сэриилэрин таһаарбыт.
- 1994 — Арассыыйа Эстонияттан бүтэһик сэриилэрин таһаарбыт.
- 1997 — Парижка Уэльс принцессата Диана уонна кини доҕоро, Египет баайа Доди Аль-Файед массыына саахалыгар өлбүттэр.
- 1999 — Арассыыйаҕа биир ый иһигэр буолбут хас да терактан бастакылара буолбут, Москубаҕа "Охотнай ряд" эргиэн киинигэр эстии түмүгэр биир киһи өлбүт, түөрт уонча киһи дэҥнэммит.
Төрөөбүттэр
- 12 — Гай Юлий Германик (Калигула) — Рим импэрээтэрэ (41 сыллаахха өлб.)
- 1821 — Герман Гельмгольц — ньиэмэс физигэ, физиолог уонна психолог (1894 өлб.)
- 1863 — Сергей Прокудин-Горскай — биллиилээх нуучча фотограба (1944 сыллаахха Парижка өлбүтэ).
- 1870 — Мария Монтессори — Италия бырааһа, педагог, учуонай, философ, гуманистка. ЮНЕСКО XX үйэҕэ педагогикалыы өй-санаа ньыматын тобулбут түөрт педагогтарыттан биирдэстэрэ (1952 өлб.)
- 1940 — Федор Павлов — худуоһунньук, Арассыыйа худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ, Нам улууһун Ытык олохтооҕо.
- 1945 — Степан Юмшанов — бэйиэт уонна прозаик-очеркист, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ.
- 1947 — Степан Овчинников — «Кыым» хаһыат Саха сирин арҕаа өттүгэр собкора. 1993 сыллаахха Мииринэйгэ олорон өлбүтэ.
Өлбүттэр
- 1867 — Шарль Бодлер (1821 с.т.) — бэйиэт уонна критик, Франция уонна аан дойду литэрэтиирэтин кылаассыга.
- 1929 — Михаил Мегежекскай (1898 с.т.) — Саха сиригэр Сэбиэт былааһын олохтооччулартан биирдэстэрэ, Саха АССР судаарыстыбаннай диэйэтэлэ.
- 1941 — Марина Цветаева (1892 с.т.) — нуучча бэйиэтэ.
- 1973 — Дьон Форд (1894 с.т.) — АХШ киинэ режиссера. Вестерн киинэ жанрын биир уhулуччулаах ууhа. Бастыҥ режиссер иhин түөрт Оскар (1935, 1940, 1941, 1952) соҕотох кыайыылааҕа.
- 1994 — Алексей Михайлов (1946 с.т.) — бэйиэт уонна литэрэтиирэ кириитигэ, филология билимин хандьыдаата.
- 1995 — Анна Егорова (1915 с. Байаҕантай улууһугар төрөөбүтэ) — саха ырыаһыта, саха оператын бастакы үөрэхтээх режиссера.
Wikiwand in your browser!
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.