Обот үгүрүө
From Wikipedia, the free encyclopedia
Обот үгүрүө (нууч. вальдшнеп, лат. Scolopax rusticola) — үгүрүөтүҥүлэр кэргэннэригэр киирэр улахана суох түүҥҥү көтөр. Уйатын Евразия хоту өттүгэр туттар. Сүрүн биотоба — ырааһыйалардаах сэбирдэхтээх биитэр булкаас эргэ ойуурдар. Үксүгэр соҕотох буолар, ардыгар бөлөхтүүр. Спортивнай интэриэстэн бултанар.
Нууччалыы аата ниэмэстии аатыттан тахсар Waldschnepfe («ойуур үгүрүөтэ»)[1].