From Wikipedia, the free encyclopedia
Соһор рикша эбэтэр рикша — соҕотох биитэр икки киһини олордон баран сатыы киһи соһор тэлиэскэтэ.
Аныгы кэмҥэ сорох дойдуларга рикшаны соһор киһи доруобуйатын харыстаан бобуллан турар. Ол оннугар велорикша уонна моторикша үөдүйдэ.
Рикша 1860-с сылларга Японияҕа техника балысханнык сайдар кэмигэр айыллыбыт диэн ааҕаллар[1][2]. XIX үйэҕэ Азияҕа барытыгар тарҕаммыта[1].
Куоракка көспүт бааһынайдар бастаан рикша буолаллара[3][4].
Японияҕа 1930-с сылларга массыына элбээн, рикша улам аҕыйаан барбыта. Кытайга 1920-с сылларга аҕыйаабыта[3][5]. Оттон Сингапуурга төттөрүтүн 1920 сыллаахха 50 000 кэриҥэ рикша баар буоллаҕына, 1930 сыллаахха икки төгүл элбээбит.[6].
Бастакы рикшалар тимир көлүөһэлээх этилэр, пассажир эмиэ кытаанах олбоххо олороро. Кэлин, 19-с үйэ бүтүүтүгэр, 20-с үйэ саҥатыгар эрэһиинэ уонна салгыннаах эрэһиинэ көлүөһэлэммиттэ, буруһууналаммыта, олбохторо эмиэ буруһууналаах, олорорго табыгастаах буоллун диэн сис өйүүр олоппос сарайын курдук сарайдаммыта. Ону таһынан уоттаммыта[7].
Шанхайга баай дьон бас билэр рикшаларыттан араараары уопсастыбаннай рикшалар араҕас өҥнөөх этилэр.
Рикша элбэх киһилээх, кыараҕас уулуссаҕа сылдьарга табыгастааҕа. Ардах кэмигэр чалбахтаах уулуссаннан дьиэ ааныгар тиэрдэн биэрэллэрэ. Оптуобустан уонна тырамбаайтан уратылара диэн аантан ааҥҥа диэри тиэрдэллэрэ[7].
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.