From Wikipedia, the free encyclopedia
Вилли Смитс (нидерл. Willie (W.T.M.) Smits; төр. олунньу 22 күнэ 1957 сыл, Верт (ааҥл. Weurt), Гелдерланд, Нидерланды) — Нидерланды уонна Индонезия учуонайа, микробиолог, эколог, активист, уопсастыбаннай диэйэтэл, чунуобунньук, түмэт урбаанньыт уонна менеджер, ойуурдары харыстааччы уонна кыыллар бырааптарын араҥаччылааччы.
Вилли Смитс | |
Willie (W.T.M.) Smits | |
Үлэтэ: |
түмэт урбаанньыт |
---|---|
Төрөөбүт күнэ: |
22 олунньу 1957 (67 саастаах) |
Гражданствота: |
Нидерланды, Индонезия (2005 сылтан) |
Дойдута: |
Королевство Нидерландов уонна Индонезия |
Ойоҕо: |
индон. Syennie Watoelangkow |
Вилли Смитс 1957 сыллаахха олунньу 22 күнүгэр Вертегэ (ааҥл. Weurt) Гелдерланд провинцияҕа (илин Нидерланды) төрөөбүтэ.
1980 сыллаахха Калимантанҥа[1] бастакы сырыытыгар сылдьан индонезийка дьахтары ойох ылбыта[2] Халыып:Lang-id2[3].
1985 сылтан Индонезия Илиҥҥи Калимантан провинциятыгар Баликпапан аттынааҕы ойуурдары чинчийэр ыстаансыйаҕа үлэлээбитэ.
1989 сыллаахха ырыынак атыыһыттара бырахпыт орангутаан оҕотун булан, атаҕар туруорбута[1].
Ол кэннэ бу кыыллары көмүскүүр дьарыктаммыт[1].
1990-с сыллар саҕаланыыларыгар Tropenbos International пуонда уонна дойду тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ бииргэ оҥорбут бырайыактарын салайбыта.
1991 сыллаахха Вилли Смитс Калимантанҥҥа (Борнео) «Орангутааннары быыһыыр пуонда»ны (ааҥл. Borneo Orangutan Survival Foundation, BOS) тэрийбитэ, хойут пуондата сүтэн эрэр кыыллары харыстыыр биир бөдөҥ тэрилтэ буолбут.
1994 сыллаахха ойуур хаһаайыстыбатын уонна кырыс буор үөрэҕин уобалаһыгар Нидерлаандылар Вагенинген үнүбүрсүтүөтүгэр дуоктар истиэпэнин ылбыта[4].
2001 сыллаахха Томохоҥҥа (ааҥл. Tomohon) (Хотугу Сулавеси, Индонезия) Masarang (индон. Yayasan Masarang) пуонданы арыйбыт [2], пуонда түмэт урбаан бириинсиптэрин тутуһан Индонезияҕа социаальнай уонна экологиическэй кыһалҕалары быһаарар[2][5].
2007 сыллаахха тохсунньу 14 күнүгэр Индонезия бэрэсидьиэнэ Сусило Бамбанг Юдойоно Смтс пуондата туппут Масаранг (ааҥл. The Masarang Palm Sugar Factory) саахар собуотун арыйбыта[3], собуот оҥорон таһаарыыга экологияҕа сыһыаны тутуһар, тулалыыр айылҕаҕа эппиэттэхтик сыһыаннаһар[2][6][7][8].
Саахар собуотун бырайыага 6285 дьиэ кэргэни үлэнэн хааччыйар уонна 200 000 кв. м иэннээх ойууру харыстаабыт[9].
Masarang пуонда 2010 сыллаахха Нидерлаандыга (Masarang Internatiol Foundation) уонна Гонконгга (ааҥл. Masarang HK Society Limited) офистары арыйбыта[5].
Вилли Смитс Satya Lencana Pembangunan Award (1998) бириэмийэнэн нагараадаламмыта; итини таһынан, Нидерлаандыга «хоруол лиэнтэтинэн» (нидерл. Koninklijke onderscheiding; рыцарь уордьана) (1995)[1].
2005 сыллаахха дойдутун иннигэр өҥөлөрүн иһин Индонезия гражданствотын ылбыт[1].
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.