Кулачиков Серафим Романович — Эллэй (29.11.1904, Амма нэһилиэгэ, Таатта улууһа, Саха уобалаһа — 14.12.1976) — саха норуодунай бэйиэтэ (бу аат киниэхэ бастакынан 1964 с. иҥэриллибитэ).
Кылгас чахчылар Төрөөбүт аата:, Төрөөбүт күнэ: ...
Эллэй |
|
Төрөөбүт аата: |
Кулачиков Серафим Романович
|
---|
Төрөөбүт күнэ: |
29 сэтинньи 1904({{padleft:1904|4|0}}-{{padleft:11|2|0}}-{{padleft:29|2|0}})
|
---|
Төрөөбүт сирэ: |
Амма нэһилиэгэ, Таатта улууһа, Саха уобалаһа
|
---|
Өлбүт күнэ: |
14 ахсынньы 1976({{padleft:1976|4|0}}-{{padleft:12|2|0}}-{{padleft:14|2|0}}) (72 сааһыгар)
|
---|
Дойдута: |
Россия империята Россия империята → ССРС ССРС
|
---|
Дьарыга: |
поэт, тылбаасчыт
|
---|
Жанр: |
хоһоон, поэма
|
---|
Айымньыларын тыла: |
саха
|
---|
Бастакы кинигэтэ: |
Күөгэйэр күннэрбэр (1929)
|
---|
Наҕараадалара: |
|
Сап
Бикипиэдьийэҕэ маннык араспаанньалаах дьон туһунан ыстатыйалар бааллар, көр Кулачиков.
1904 сыллаахха сэтинньи 29 күнүгэр Таатта улууһун Амма нэһилиэгэр төрөөбүт.
1920—1921 сс. — буолас уонна нэһилиэк ревкомнарын секретарынан үлэлээбит.
1924 с. — Дьокуускайдааҕы педтехникуму бүтэрэн баран, онно учууталлаабыт.
1928 с. Москубатааҕы журналистика институтун бүтэрбит. «Хотугу ыччат», «Автономная Якутия», «Кыым», «Социалистическая Якутия» хаһыаттар, «Чолбон», «Кыһыл ыллык», «Хотугу сулус» сурунааллар эрэдээксийэлэригэр, Саха Сирин суруйааччыларын бырабылыанньатыгар үлэлээбит.
1936—1939 сс. — Тыл, литература уонна история Институтун фольклорга салаатын сэбиэдиссэкэ.
1939—1942 сс; 1946—1948 cc. — Саха Сирин суруйааччыларын Салалтатын бэрэссэдээтэлэ.
Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ кыттыбыт.
ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1938). ССРС уонна РСФСР суруйааччыларын съеһин делегаттарынан, ССКП обкомун чилиэнинэн талылла сылдьыбыт.
1976 с. ахсынньы 14 күнүгэр ыалдьан өлбүт. Дьокуускайга көмүллүбүт.
Айар үлэтин 1924 с. нуучча өрөбүлүссүйүөннэй ырыаларын тылбаастыыртан саҕалаабыт.
Ырыа тылларын суруйар поэт. Xohooннopy сэргэ поэма суруйбут. Олортон Гражданскай сэрии тиэмэтигэр арыйар «Буурҕа, буулдьа дьылыгар» поэмата ордук чорбойор.
Биир кэмҥэ саха фольклорун утаран[төрүтэ ыйыллыбатах 3747 күн] улаханнык туруна сырыттар даҕаны , ол сыыһатын өйдөөн, «Чурум-Чурумчуку» курдук уһулуччу табыллыбыт остуоруйа-поэманы суруйбут.
Айымньылара нууччалыы, сэбиэскэй норуоттар тылларынан элбэхтик бэчээттэммиттэр, сорох айымньылара немецтии, французтуу, гректии, китайдыы, арабтыы тылбаастаммыттар. Эллэй саха поэзиятын Союз, аан дойду таһымыгар таһаарсыбыт.
- Саха норуодунай бэйиэтэ (1964)
- Октябрьскай Революция уордьана
- Үлэ Кыһыл Знамятын уордьана
- Норуоттар Доҕордоһууларын уордьана
- «Бочуот Бэлиэтэ» уордьан
- Мэтээллэр
- Саха комсомолун бириэмийэтин лауреата
- Талыллыбыт айымньылар. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1947. — 160.
- Талыллыбыт айымньылар: 2 томнаах. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1964—1965.
Т. 1. Ырыапар, хоһооннор. — 284 с.
Т. 2. Поэмалар. — 256 с.
- Талыллыбыт айымньылар: 2 томнаах. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1974.
Т. 1. Ырыалар, хоһооннор. — 335 с.
Т. 2. Поэмалар. — 216 с.
- Күөгэйэр күннэрбэр: Ырыалар, хоһооннор. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1929. — 96 с.
- Саҥа ырыалар. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1932. — 134 с.
- Аҕал социализмы!: Хоһооннор. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1934. — 96 с.
- Сир уустара. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1935. — 100 с.
- Хоһооннор. — М.: Учпедгиз, 1936. — 64 с.
- Дьоллоох олох: Хоһооннор. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1938. — 52 с.
- Сырдык уобарастар: Хоһооннор. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1939. — 102 с.
- Чурум-Чурумчуку: Оҕолорго остуоруйа. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1939. — 36 с. 1945. — 46 с.
- Айан уоттара: Поэмалар, хоһооннор. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1941. — 110 с.
- Күн сирин көмүскэлигэр: Хоһооннор. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1943. — 76 с.
- Үөрүү: Хоһооннор, поэмалар. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1946. — 100 с.
- Кыайыы ырыалара. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1950. — 120 с.
- Хоһооннор, поэмалар. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1954. — 626 с.
- Айар үлэҕэ айхал!: Ырыалар, хоһооннор, поэмалар. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1959. — 144 с.
- Киһи — киһиэхэ: Хоһооннор, поэмалар. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1962. — 136 с.
- Хорсун сүрэхтэр: Поэма. Оскуолаҕа үөрэнэр оҕолорго. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1967. — 36 с.
- Умнуллубат уот: Хоһооннор. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1969. — 172 с.
- Доҕор сүрэҕэ: Хоһооннор, поэма. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1973. — 144 с.
- Чычып-чаап уонна чыычаахсыт: Кыра оҕолорго остуоруйа. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1975,-14 с.
- Үс ыстыык үөһүгэр: Хоһооннор. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1977. — 15 с.
- Самныбат саргы: Хоһооннор, поэма. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1979. — 192 с.
- Саҥа олоҕу айабыт: Хоһооннор, ырыалар, тылбаастар, поэмалар: Кылаас таһынааҕы ааҕыыга көмө. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1989 — 116 с.
- Туйаара: Поэма. Кыра саастаах оскуола оҕолоругар поэма. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1960. — 32 с; 1989. — 32 с.
Нууччалыы
- Избранное. — М.: Гослитиздат, 1952. — 151 с.
- Чурумчуку: Сказка / Пер. А. Кочетков. — Якутск: Кн. изд-во, 1946. — 23 с; — М.: Детгиз, 1957. — 32 с.
- Весенние напевы: Стихи. — Якутск: Кн. изд-во, 1948. — 84 с.
- Стихотворения и поэмы. — М.: Сов. писатель, 1951. — 148 с.
- Счастье якута: Стихи и поэмы. — Якутск: Кн. изд-во, 1952. — 140 с.
- Песни якута. — М.: Гослитиздат, 1957. — 470 с.
- Туйара: Поэма. Для детей мл. школ. возраста. — Якутск: Кн. изд-во, 1961. — 32 с.
- Камень счастья: Стихи и поэмы. — М.: Сов. Россия, 1967. — 56 с.
- Стихотворения и поэмы. — М.: Худож. лит., 1972. — 190 с.
- Мой хомус: Стихи и поэма / Пер. С. Кузнецова. — М.: Сов. писатель, 1974. — 127 с.
- Песня о Лене: Стихотворения и поэмы. — М.: Сов. Россия, 1988. — 125 с.
- Бурцев А. А., Максимова П. В. «Негаснущий огонь» поэзии Элляя II Бурцев А. А., Максимова П. В. На крылатом коне. — Якутск, 1995. — С.52—63.
- Габышев Н. Үтүө аргыстар: Орто уонна улахан саастаах оҕолорго. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1982. — 190 с. О нем. — С. 98—117.
- Дьячковская М. Н. Общие тенденции изменения ритмической структуры равносложного стиха в поэзии Элляя 40—70-х г.г. // Конф. науч. молодежи «Эрэл-95». — Якутск, 1995. — С. 132.
- Копырин Н. «Мин көтөн күпсүтэн, бу кэллим» // «Чолбон». — 1994. — № 11. — С. 212—214.
- Копырин Н. З. Эллэй — норуот тапталлаах поэта // «Чолбон». — 1999. — № 11. — С. 85—86.
- Местников И. К. Кини аата өлбөөдүйүө суоҕа // «Хотугу сулус». — 1988. — № 6. — С. 93—94.
- Михайлова М. Незабываемая песня Элляя // «Полярная звезда». −1991. — № 6. — С. 173—175.
- Михайлова М. Г. С. Р. Кулачиков-Элляй // Михайлова М. Г. Творческие портреты. — Якутск, 1980. — С. 19—24.
- Михайлова М. Г. Высоких судеб ясный свет. — Якутск, 1986. — С. 3—15.
- Павлов Н. Н. — Тыаһыт. Эллэй туһунан: Ахтыы // Хотугу сулус. —1989. — № 12. — С. 89—95.
- Попов Г. В. Хантан хааннаахпытый?: Саха народнай суруйааччыларын төрүттэрэ. — Дьокуускай: «Бичик», 1988. — 142 с. 0 нем. — С. 81—83.
- Тарасов С. Эллэй // Тарасов С. Алгыстаах алаһа. — Дьокуускай, 1981. — С. 67—72.
- Смеляков Я. Побед и успехов // Слово русской критики о якутской литературе. — Якутск, 1986. — С. 117—119.
- Стеркин Г. Поэзия весны и созидания // Слово русской критики о якутской литературе. — Якутск, 1986. — С. 119—122.
- Эллэй: 80 сааһын туоларыгар // «Хотугу сулус». — 1984. — № 11. — С. 81—89.
- Егоров А., Протодьяконов В., Павлова В. Писатели Якутии: Биобиблиогр. справочник, 1981. — 271 с. О нем. — 48—52.
- Кириллин Д. В., Павлова В. Н., Шевков Д. С. Писатели земли Олонхо: Биобиблиогр. справочник. — Якутск: «Бичик», 1995. — 303 с. О нем. — С. 82—83.
- Кулачиков С. Р. — Элляй // Ученые-исследователи Института языка, литературы и истории. — Якутск, 1995. — С. 115—117.