Эбилгэ (бур. Эбилгэ, нууч. Иволги́нск, барыйааннара — Ивалга, Иволга) — сэлиэнньэ (1973—1991 сс. — куорат тииптээх бөһүөлэк), Бүрээт Өрөспүүбүлүкэтин Эбилгэ оройуонун уонна Эбилгэ тыа сэлиэнньэтин киинэ. Олохтоохторун ахсаана — 7382[1] киһи (2010).
Географията
Эбилгэ хочотун ортотугар Улан-Удэттэн соҕуруулуу арҕаа 27 км сиргэ Кяхта федераллыы суолталаах А340 тыраагар сытар. Сэлиэнньэ хочо соҕуруу өттүгэр баар. Сирин ньуура — куйаар хаптала, Эбилгэ өрүс диэки кыратык иҥнэри. Сэлиэнньэ соҕуруу кырыытыгар Баян-Тогод диэн хайа турар (710 м).
Устуоруйата
Эбилгэ хочотунан былыргаттан араас моҕуол биистэрэ сылдьаллара. XVIII үйэ саҕаланыытыгар Байкаал арҕаа өттүттэн кэлбит эхирииттэр уонна булагааттар олохсуйбуттара. Үһүйээн быһыытынан олохсуйбут сирдэрин Эбилгэтэ (өҥ сир) диэн ааттаабыттар, кэлин бу аат нуучча докумуоннарын сабыдыалынан Эбилгэ́, Ивалга́, Иволга́ диэн ааттанар буолбут.
XX үйэ саҥатыгар билиҥҥи Эбилгэ сэлиэнньэтин оннугар Мангазай уонна Боро-Губээ диэн бүрээт улуустара бааллара. 1940 сыллаахха Мангазай улууска Эбилгэ оройуонун киинэ Саянтуй сэлиэнньэтиттэн көспүт, онон ситимнээн сэлиэнньэ Эбилгэ (Иволгинскай) диэн ааттаммыта.
1951—1959 сыллардаахха Бүрээт тыа хаһаайыстыбатын техникумун Иволгатааҕы үөрэтэр-уопуттуур хаһаайыстыбата (ОПХ) баар этэ. 1959 сыл кулун тутар 3 күнүгэр оҕуруот аһын уонна үүтү оҥорон таһаарар «Иволгинскай» сопхуос үөскээбитэ[2].
1973 сыл кулун тутар 22 оробуочай бөһүөлэк ыстаатыһа иҥэриллибитэ[3].
1991 сыл алтынньы 4 күнүгэр тыа сэлиэнньэлээх пууна буолбута[3].
Үөрэх
- Бүрээт өрөспүүбүлүкэтээҕи агротехническэй техникума (БРАТТ)
- Забайкалье норуоттарын ускуустубаларын лиссиэйэ
- Орто оскуола
- Оҕо ускуустубатын оскуолата
- Киэһээҥҥи оскуола
- Оҕо-ыччат спордун оскуолата
Култуура
- Эбилгэ дацаана — Арассыыйа буддизмын киинэ, Эбилгэттэн 8 км сиргэ сытар Үөһээ Эбилгэ диэн сэлиэнньэҕэ баар.
- Баян-Тогод (Баай павлин) — бөһүөлэк соҕуруу кырыытыгар турар ытык хайа. Айылҕа уонна археология бэлиэ сирэ.
Быһаарыылар
Wikiwand in your browser!
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.