Булагааттар
From Wikipedia, the free encyclopedia
From Wikipedia, the free encyclopedia
Булагааттар (бур. булагадууд) — Байкаал аттыгар олорбут биис уустара, бүрээт омугун сорҕото.
Булагаат биис-ууһа XIII — XVII үйэлэргэ Байкаал аттыгар олорбут бүрээт ордук бөдөҥ биистэрэ этэ[1].
Чинчийээччилэр суруйууларынан булагааттар чинос биис ууһуттан биитэр эхириит биис ууһуттан төрүттээхтэр. Бастакы биэрсийэнэн чиностары XIII үйэҕэ Бухаа-нойон диэн Чыҥыс Хаан киһитэ Орто Азияҕа илдьибит. Иккис биэрсийэннэн эхириит саллааттарын монгуоллары кытта булкуйан Чыҥыс Хаан сиэнэ Бату Орто Азияҕа илдьибит. Онно баран Мавераннахр диэн сиргэ олохсуппут.
Кэлин XIV үйэҕэ Монгол Алтаайыгар, Тянь-Шань чугаһыгар булагааттар Булагачи диэн ханствоны төрүттээбиттэр, ол дойдуну кэлин Тимур (Тамерлан) урусхаллаабыта. Булагачи дьоно ол кэннэ дойдуларыгар төннүбүттэрэ биллибэт эрээри, Байкаалга хаалбыт чинос омуктар булгааттарбыт дэнэр буолбуттар.
Булагааттар өс номохторугар Бухаа-нойон Булагаат диэн уоллаах эбит, ол уолуттан Булган-хара (Хара Саарба) диэн уол төрөөбүт, киниттэн Тугалак төрөөбүт, ол Тугалактан булагаат уустарын үөскэппит сэттэ уол төрөөбүт.
Булагааттар өбүгэлэрин дойдуларынан Кудаа өрүс (үрэх) ортотун (Мурин үрэх төрдүттэн Бозой улууска диэри) ааттыыллар. Онтон төрүттээх уустар: Алагуй, Абаганад, Ашаабагад, Бозой, Бурлай, Буиновский, Бубай, Готол, Ноёд, Онгой, Онхотой, Хогой, Холбутай, Шаралдай, Эрхидэй. Бу уустар ытык сирдэрэ Ухыр-Манхай уонна Удэгэ-Булен (Бэлеэн) диэн хайалар буолаллар, онно өс номох кэпсииринэн уус киинэ көмүллэ сытар.
Билигин булагааттар Иркутскай уобалас Эхирит-Булагат, Охан, Бохан, Нукут оройуоннарыгар уонна Бүрээтийэҕэ олороллор.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.