Тохсунньу 27 диэн Григориан халандаарыгар сыл 27-с күнэ. Сыл бүтүө 338 күн (ордук хонуктаах сылга 339 күн) баар.
- ХНТ ХНТ — Холокост сиэртибэлэрин кэриэстиир дойдулар ардыларынааҕы күн. Освенцим лааҕыра босхоломмут күнүгэр бэлиэтэнэр
- Арассыыйа Арассыыйа — «Байыаннай килбиэн күнэ — Ленинград фашист былакаадатыттан толору босхоломмут күнэ»
- Грузия Грузия — Грузия сырдатааччыта сибэтиэй Нино кэриэстэбилин күнэ (Нинооба)
- Түркменистаан Түркменистаан — Аҕа дойдуну көмүскээччи күнэ
- 98 — Траян ииппит аҕатын утумнаан Рим импэрээтэрэ буолбут. Кини салалтатынан Рим импиэрийэтэ муҥутуурдук улаата сылдьыбыта.
- 945 — Константин VII хос баһылыктарын Стефаны уонна Константины суулларан манаахтыы ыыппыт, Византия импиэрийэтин соҕотох баһылыга буолбут.
- 1186 — Генрих VI, Ытык Рим импиэрийэтин ыраахтааҕытын Фридрих I уола Сицилия Констанциятын ойох ылбыт.
- 1302 — Данте Алигьерини сууттаабыттар уонна Флоренцияттан үүрбүттэр.
- 1695 — Ахмед II өлбүтүн кэннэ Мустафа II Осмаан импиэрийэтин султаана уонна ислам халиба буолбут. Мустафа ыраахтааҕылыырыттан 1703 сыллаахха батыммыта.
- 1820 — Фабиан Готлиб фон Беллинсгаузен уонна Михаил Лазарев салалталаах нуучча эспэдииссийэтэ Антартыыданы арыйбыт.
- 1825 — АХШ Кэнгириэһэ Индеец сирин олохтообут (билиҥҥи Оклаhома штаатын сиригэр). Ол сиргэ АХШ илиҥҥи өттүгэр олохтоох индиэйэстэри күүс өттүнэн көһөрбүттэрэ. Кинилэр айаннара «харах уутун ыллыга» диэн ааттаммыта. Индиэйэс сирин үрүҥ тириилээх дьон тыытыа суохтаах диэн буолбута, ол эрээри 1890 сыллаахха онно Оклаhома штата тэриллибитэ уонна сири үрүҥ дьоҥҥо үллэрбиттэрэ.
- 1827 — Саха уобалаһын начаалынньыга Николай Мягков салалтатынан «Туора урдустары салайыы устаабыгар» уонна 1824 сыллаахха Саха сирин дьокутааттара оҥорбут матырыйаалларыгар олоҕуран «Правила для единообразного учреждения порядка по управлению родовых и инородных управ Якутского округа» диэн докумуон тахсыбыт. Бу күн Саха сирин Истиэпэннээх дуумата — бастакы түмэнэ — тэриллибит күнүнэн ааҕыллар.
- 1880 — Америка айааччыта Томас Эдисон кытардыы лаампатыгар патент ылбыт.
- 1918 — "Кыһыл" Иркутскайтан Дьокуускайга уобалаһы салайан олорор Быстах кэм бырабыыталыстыбатын хамыһаарын эсер Владимир Соловьеву устар туһунан тэлэгирээмэ кэлбит. Кини оннугар бассабыык Андреевич анаммыт, ол эрээри Саха сиринээҕи оробуочайдар дьокутааттарын сэбиэтэ мөлтөх буолан, бу дьаһал олоххо киирбэтэх.
- 1924 — Москубаҕа Владимир Ленин өлүгүн Кыһыл болуоссакка тутуллубут мавзолейга укпуттар.
- 1944 — Ленинград 872 хонуктаах блокаадата толору уһуллубут.
- 1945 — Аан дойду иккис сэриитэ: Сэбиэскэй 322-с стрелковай дивизия Освенцим-Биркенау тыыннаах хаалбыт хаайыылаахтарын босхолообут.
- 1965 — Таатта оройуона 5 сыл Чурапчыны кытта биир Алексеевскай оройуон буола сылдьан баран хат араарыллыбыт, аата Алексеевскай оройуон диэҥҥэ уларыйбыт. Кэлин 1990 сыл атырдьах ыйын 6 күнүттэн урукку бэйэтин аата сөргүтүллэн Таатта оройуона буолбута.
- 1967 — Космос туһунан дуогабар түһэрсиллибит. Хайа да дойду космос эбийиэктэрин бэйэтин киэнинэн биллэриэ суохтааҕа уонна космоска ядернай сэрии сэбэ суох буолуохтааҕа этиллибит.
- 1973 — Парижтааҕы эйэ сөбүлэҥнэрэ АХШ уонна Вьетнам сэриитин түмүктээбиттэр.
- 1983 — Дьоппуоҥҥа Хонсю уонна Хоккайдо арыыларын ситимниир Сэйкан бастакы тоннелэ тэһиллибит. Бу 53,85 км усталаах тоннель 2016 сыллаахха диэри аан дойдуга саамай уһун этэ. Оттон билигин саамай уһун уу аннынааҕы тоннель быһыытынан биллэр.
- 2010 — Сан-Францискоҕа Apple хампаанньа тойоно Стив Джобс iPad диэн планшет көмпүүтэри көрдөрбүт.
- 2011 — Арааб сааһа: Йиэмэҥҥэ өрөбөлүүссүйэ саҕаламмыт, 16 000 тахса бырачыастааччылар Санаҕа аарбыйалаан хаампыттар(демонстрация).
- 1756 — Вольфганг Амадей Моцарт — Австрия улуу композитора, скрипач, пианист, дирижёр, композитордар Венатааҕы классическай оскуолаларын биир биллэр киһитэ.
- 1826 — Михаил Салтыков-Щедрин — нуучча кылаассык суруйааччыта.
- 1832 — Льюис Кэрролл — Англия суруйааччыта, математик уонна бөлүһүөк, «Алиса аптаах дойдуга» ааптара.
- 1928 — Михаил Кочнев — 1983—1987 сылларга Саха АССР олоххо-дьаһахха миниистирэ, 1975-1983 сылларга норуодунай дьокутааттар Нүөрүҥгүрү куораттааҕы Сүбэлэрин исполкомун бэрэстээтэлэ, 1966-1975 сылларга Алдан дьокутааттарын оройуоннааҕы Сүбэлэрин исполкомун бэрэстээтэлэ. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун (1975), Алдан улууһун (1982), Нүөрүҥгүрү куоратын (1987) уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ (2000). 2010 сыллаахха кини аата Нүөрүҥгүрү 1 №-дээх орто оскуолатыгар иҥэриллибитэ.
- 1945 — Марк Григорьев — математик учуонай, физика-математика билимин хандьыдаата, төрүччүнү чинчийээччи (генеалог).
- 1953 — Алексей Попов — биллиилээх сири олохтооччу.
- 1974 — Уле Эйнар Бьорндален — Норвегия улуу биатлониһа, 13 олимпийскай мэтээл хаһаайына (13 мэтээл, 8-кыһыл көмүс)), 19 төгүллээх аан дойду чөмпүйүөнэ, 95 төгүллээх Аан дойду куубагын этээбин кыайыылааҕа, 6 төгүл Аан дойду куубагын хаһаайына буола сылдьыбыта.