From Wikipedia, the free encyclopedia
Свердловскай уобалас, (Нууччалыы: Свердловская область) — Арассыыйа Федерациятын субъега. Киин куората — Екатеринбург.
| |||||
Киин куората | Екатеринбург | ||||
Иэнэ | 194 300 км² | ||||
Дьонун ахсаана | 4 394 600 (2009) | ||||
Федеральнай уокуруга | Ураал | ||||
Экономическай оройуона | Ураал | ||||
Ил тыла | Нуучча тыла | ||||
Губернатор | Эдуард Россель | ||||
Уобалас сэбиэтин Бэрэстээтэлэ | Виктор Кокшаров | ||||
Кэм зоната | Халыып:MSK+2 |
Тэриллиитэ: Тохсунньу 17-гэр, 1934 сыллаахха.
Кирбиилэһэр — Пермь кыраайын, Коми, Башкортостан республикалары, Тюмень уобалаһын, Курган уобалаһын, Челябинскай уобалаһын уонна ХМАУ-ны кытта.
Свердловскай уобалас — Ураал саамай улахан региона. Уобалас ортоку уонна хотугу Ураал хайаларга, уонна Аргаа-Сибиир дэхси сирин арҕаатыгар сытар. Саамай үрдүк үрдэлэ — Конжаковскай таас хайа (1569 м).
Климата континентаальнай, тохсунньу орто температуурата −16, −20 °C , от ыйын киэнэ +16, +19 °C. Халлаан уутун түһэрэ, сылга — 500 мм.
Сиртэн хостонор баайдарынан уобалас баай — кыһыл көмүс, платина, асбест, бокситтар. Тимир, никель, хром, марганец уонна алтан рудаалара.
Омуктар | Ахсааннара, 2002-ис сылга.(* Архыыптаммыт 2011, Алтынньы 10 күнүгэр.) |
Ирээтэ, % |
---|---|---|
Нууччалар | 89,23 | |
Татаардар | 3,75 | |
Украинестар | 1,24 | |
Башкирдар | 0,83 | |
Атыттар | 4,95 |
Хара уонна өҥнөөх металлургия баһылыыллар, (31 % уонна 19 % уобалас уопсай промышленнай оҥорон таһаарыытыттан). Ураан уонна тимир руудаларын уоҕурдааһын байытааһын.
Сэрии сэбтэрин, ытар тэриллэри, тааҥкалары (Уралвагонзавод) оҥороллор.
Бу Арассыыйа географиятыгар сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.