From Wikipedia, the free encyclopedia
Новгородов сахалыы алпабыыта — Семен Андреевич Новгородов айбыт саха тылын алпабыыта.
Революция иннинэ саха тылын алпабыытын хас даҕаны көрүҥэ баар эбит: ол курдук, кириллицаҕа олохтоммут Г. Я. Попов уонна Д. В. Хитров варианнара. Ол алфавиттар «миссионерскай» диэн биллэллэр эбит. 1851 сыллаахха академик О. Н. Бётлинг «Сахалар тылларын туһунан» диэн киэҥ билим үлэтин бэчээттээбит. Онно саха алпабыыта суруллубут, ону дьон «академическай» диэн ааттаабыттар. Революция буолуон иннинэ ол алпабыытынан «Сахалар литературатын холобудара», Э. К. Пекарскай «Саха тылын тылдьыта» бэчээттэниллибиттэр, уонна саха тылынан бэчээттэнэр хаһыаттар баар буолбуттар («Саха кыраайа», «Якутская жизнь» уонна «Саха саҥата» сурунаал). Ол гынан баран киэҥник тарҕатыллыбатах, билим эрэ суолтатыгар туттуллар буолбут.
Дьон үөрэҕириитин тарҕатарга Новгородов С. А., дьон туттар алпабыыта наада диэн санаан, Бётлинг алпабыытын уларытан, латиницаҕа олоҕуран, 1917 сыллаахха саха алпабыытын айан бэчээккэ ыыппыт. Онно 33 буукуба, ол иһигэр 4 лигатура дифтоннарга анаан оҥоһуллубут эбит. Уонна кыра буукубата суох эбит. 1929 сыллаахха дылы Новгородов алпабыыта киэҥник туттуллар буолбут.
Аан бастаан алпабыыт кыра эрэ бичиктэрдээх, ону кытта уһатыылаах дорҕооннору (аһаҕас, бүтэй) көрдөрөр «:» бэлиэлээх эбит. Новгородов бастакы бичигин кинигэтигэр a, b, c, d, e, g, ʁ, h, i, ie, j, ɉ, k, l, ʎ, m, n, ng, nj, ɔ, oe, p, q, r, s, t, ɯ, ɯa, u, uo, w, y, з бичиктэри туһаммыт.[1]
Кэккэ мөккүөрдэр кэннилэриттэн бу алпабыыт официальнай таһымҥа ылыныллан, киниэхэ олоҕуран киинигэлэр уонна хаһыаттар тахсыылара, оскуолаҕа үөрэтии о. д. а. саҕаламмыт. 1924 сыллаахха алпабыыт уларытыллыбыт. Ити кэннэ өссө хаста да уларыйан, 1929 сыллаахха тюрк алпабыытынан солбуллубут.
Саха алпабыыта, 1929—1939 сс.
A a | B b | C c | Ç ç | D d | E e | F f | G g |
Ƣ ƣ | H h | I i | J j | K k | L l | M m | N n |
Ŋ ᶇ | O o | Ө ө | P p | Q q | R r | S s | Ş ş |
T t | U u | V v | W w | X x | Y y | Z z | Ƶ ƶ |
Ь ь | ' |
Эрдэтээҥи унифицированнай латиницаннан таһаарыыларга алпабыыт атын соҕус: F f, Ş ş, V v, W w, X x, Z z, Ƶ ƶ бичиктэр суохтар, Lj lj, Nj nj диграфтар бааллар.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.