Бетлингк Отто (ниэмэстии: Bohtlingk) — Арассыыйа Император наука академятын академига, илин тыллары билэр киһи.

Thumb
Бетлингк Отто «Сахалар тылларын туһунан» диэн кинигэ
Thumb
Бетлингк Отто

Олоҕун олуктара

  • 1815 сыл ыам ыйын 30 күнүгэр Петербург куоракка төрөөбүтэ. Кини удьуордара 1713 сыллаахха Германияттан көһөн кэлбиттэрэ.
  • Петропавловскай училищетын уонна Дерпт куоракка гимназияны бүтэрбитэ.
  • Петербург университетыгар үөрэнэ сылдьан түүр уонна перс тылларын үөрэппитэ.
  • Санскрит тылы үөрэтээри Берлин уонна Бонн куораттарга өр кэм олорор.
  • 1868 сыллаахха санскрит тылын тылдьытын бүтэрээри Иена уонна Лейпциг куораттарга олорор.
  • 1904 сыллаахха өлбүтэ.

Айымньылара

  • «Словарь санскритского языка» (СПб., 1852—75, 7 томнаах, кылгатыллыбыт вариаана 2 томнаах 1879—80).
  • Ону таһынан сынскрит тылынан суруйаачылар кинигэлэрин таһаарар
  • «Сакунтала» Калидаса (текст уонна тылбаас, Бонн, 1842);
  • «Санскритская хрестоматия» (СПб., 2 таһаарыы, 1877 г.);
  • «Мритшакатика, эбэтэр Глиняные вески» комедия (тылбаас, СПб., 1877 г.);
  • «Индийские изречения» (3 томнаах, СПб., 1870—73) уонна да атыттар.
  • Панини грамматиката (2 томнаах, Бонн, 1842)
  • «О языке якутов» (СПб., 1849—51, 3 томнаах) («Über die Sprache der Jakuten»).

Ылыллыбыт сирэ

Биография.ру

Wikiwand in your browser!

Seamless Wikipedia browsing. On steroids.

Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.

Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.