From Wikipedia, the free encyclopedia
Маҥан Ордуу, эбэтэр Ак Орда (ноҕайдыы Ак Орда, каз. Ақ-Орда) – XIII үйэттэн XV үйэҕэ диэри Алтан Ордуу (Дьүчи Улууһун) арҕааҥа аҥара буолуон сөп.
Историяны чинчийээччилэр Күөх Ордуу (Көк Орда) уонна Маҥан Ордуу (Ак Орда) диэн өйдөбүллэр Алтан Ордуу ханнык сиригэр сыһыаннаахтарын чопчу быһаара иликтэр. Бу буккуур төрүөтэ былыргы суруктарга Күөх Ордуу (Көк Орда) уонна Маҥан Ордуу (Ак Орда) диэн өйдүбүллэри буккуйуу буолар. Холобур, мусульманнар суруйбут кинигэлэригэ (араабтыы, перстыы, түүрдүү) Күөх Ордуу (Көк Орда), Маҥан Ордуу (Ак Орда) уонна Дьүчи Улууһа диэн өйдөбүллэр бүтүн Алтан Ордууну да бэлиэтииллэр, Алтан Ордуу сорох улуустарын да бэлиэтииллэр, ол иһин бу үс өйдөбүл кыраныыссатын быһаарар уустук[1]. Нуучча былыргы суруктарыгар Күөх Ордуу (Көк Орда) диэн Алтан Ордуу илиҥҥи аҥара ааттанар, ол аата Алтан Ордуу арҕааҥы аҥара Маҥан Ордуу буолуохтаах[2]. Ол аата Маҥан Ордуу диэн Сарай киин куораттаах Алтан Ордуу сүрүн чааһа буолар.
1360-с сылларга Бату аҕа ууһа быстыбытын кэнниттэн уонна Улуу Кэхтии кэмэ (нууччалыы: Великая Замятня) саҕаламмытыгар Маҥан Ордууну Күөх Ордуу хааннара, Шибан сыдьааннара баһылаабыттара.
Сорох чинчийээччилэр Маҥан Ордуу Алтан Ордуу арҕааҥы аҥара буолбакка, илиҥҥи аҥара дииллэр. 1840 сыллаахха Австрия чинчийээччитэ Й. Хаммер-Пургшталь Алтан Ордуу историятын суруйбут уонна ол үлэтигэр бу версияны эппит. Кини XV үйэҕэ суруллубут «Мунтахаб ат-таварих-и Му‛ини» Му‛ин ад-Дина Натанзи диэн киһи үлэтигэр олоҕурар[3].
Каһаах чинчийээччилэрэ сабаҕалыылларынан Күөх Ордуу (Көк Орда) уонна Маҥан Ордуу (Ак Орда) диэн арахсыы Алтан Ордуу илиҥҥи аҥарыгар эрэ сыһыаннаах. Бу сабаҕалааһынынан Күөх Ордуу (Көк Орда) Шибан улууһа буолар[4].
Түүр тылларыгар "ак" диэн тыл "маҥан", "үрүҥ" диэн суолталаах. Кытайдар аан дойдуну өҥүнэн көрөн араараллар этэ, ол курдук хоту – хара, илин – күөх, арҕаа – маҥан, соҕуруу – кыһыл.
Маҥан Ордуу (Ак Орда) икки аҥы арахсар этэ: арҕааҥы – Хара муораттан хоту диэки сытар сирдэр, Кырыым; илиҥҥи – Поволжье уонна Хотугу Кавказ.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.