Күөх Ордуу (Көк Орда) – Алтан Ордуу (Дьүчи улууһун) илиҥҥи эбэтэр атыннык эттэххэ хаҥас аҥара[1]. Күөх Ордуу сирдэрэ билиҥҥи Казахстаан уонна Арҕаа Сибиир этэ.

Күөх Ордуу (Көк Орда) уонна Маҥан Ордуу (Ак Орда)

Былыргы суруктарга Күөх Ордуу (Көк Орда) уонна Маҥан Ордуу (Ак Орда) диэн өйдөбүллэр буккуллар буоланнар, билиҥҥи чинчийээччилэр бу икки дойду бэйэ-бэйэлэриттэн уратыларын чопчу кыайан быһаарар кыахтара суох.

Холобур, мусульманнар суруйбут кинигэлэригэ (араабтыы, перстыы, түүрдүү) Күөх Ордуу (Көк Орда), Маҥан Ордуу (Ак Орда) уонна Дьүчи Улууһа диэн өйдөбүллэр бүтүн Алтан Ордууну да бэлиэтииллэр, Алтан Ордуу сорох улуустарын да бэлиэтииллэр, ол иһин бу үс өйдөбүл кыраныыссатын быһаарар уустук[2].

Алтан Ордуу илиҥҥи аҥара

Арассыыйа чинчийээччилэрэ үгэс быһыытынан былыргы нуучча сурукатыргар олоҕураллар. Ол кинигэлэргэ Күөх Ордуу (Көк Орда) диэн Алтан Ордуу илиҥҥи аҥара ааттанар. Б. Д. Греков, А. Ю. Якубовскай[3] уонна Г. А. Федоров-Давыдов[4] саныылларынан Күөх Ордуу Маҥан Ордууттан (Алтан Ордуу арҕааҥы аҥара) тутулуктаах этэ, тоҕо диэтэр Маҥан Ордуу хааннара Бату убайын Орду Ичен сыдьааннара этилэр[5].

Нуучча суруктарыгар Күөх Ордуу Волга өрүстэн илиҥҥи кытылыттан саҕаланар. Летописьтэргэ Күөх Ордуу иккитэ ахтыллыбыт: бастакытын Тохтамыш кэмигэр сыһыаннаах («царь с востока, именем Тохтамыш, из Синие Орды») уонна иккиһин Тимур (Тамерлан) 1395 сыллаахха сэриинэн кэлэригэр[6].

Алтан Ордуу арҕааҥы аҥара

Бастакы версияттан ураты Күөх Ордуу Алтан Ордуу арҕааҥы аҥара буоларын туһунан версия баар. 1840 сыллаахха Австрия чинчийээччитэ Й. Хаммер-Пургшталь Алтан Ордуу историятын суруйбут уонна ол үлэтигэр бу версияны эппит. Кини XV үйэҕэ суруллубут «Мунтахаб ат-таварих-и Му‛ини» Му‛ин ад-Дина Натанзи диэн киһи үлэтигэр олоҕурар[7].

Алтан Ордуу илиҥҥи аҥарын чааһа

Каһаах чинчийээччилэрэ сабаҕалыылларынан Күөх Ордуу (Көк Орда) уонна Маҥан Ордуу (Ак Орда) диэн арахсыы Алтан Ордуу илиҥҥи аҥарыгар эрэ сыһыаннаах. Бу сабаҕалааһынынан Күөх Ордуу (Көк Орда) Шибан улууһа буолар[8].

Быһаарыылар

Литература

Өссө маны көр

Wikiwand in your browser!

Seamless Wikipedia browsing. On steroids.

Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.

Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.