From Wikipedia, the free encyclopedia
Гавриил Васильевич Ксенофонтов (16.01.1888—28.08.1938) — саха учуонайа, биллиилээх историк, этнограф, политическай, общественнай диэйэтэл..
1888 сыллаахха тохсунньу 4 күнүгэр (урукку стилинэн), саҥа стилинэн тохсунньу 16 күнүгэр, Арҕаа Хаҥалас улуус Төрдүс Малдьаҕар нэһилиэгэр төрөөбүт. 1912 сыллаахха Томскайдааҕы университет юридическай факультетын бүтэрбитэ. 1913—1917 сс. Дьокуускайга итэҕэллээх присяжнай быһыытынан үлэлээбитэ.
1920—1923 сс. Иркутскайдааҕы университекка үлэлээбитэ. Чинчийиилэригэр матырыйаал хомуйаары маннык экспедициялары тэрийбитэ:
1921 с. — Саха Сирин киин улуустарынан.
1923—1924 сс. — Өлүөнэ уонна Өлөөн өрүстэринэн.
1925—1926 сс. — Дьокуускай-Арҕаа Хаҥалас-Бүлүү уокуруга-Чуона-Ербогачен-Аллараа Тунгуска-Красноярскай-Хакасия-Арҕаа Бүрээтийэ.
1928 сылтан Иркутскайга олорбута. 1930-с сылларга Саха АССР Совнаркомун научнай-чинчийэр институтугар үлэлээбитэ. Ити кэмҥэ «Эллэйада» уонна «Урааҥхай сахалар» диэн улахан үлэлэрин бэлэмнээбитэ. «Эллэйада» — Эллэйгэ аналлаах, Эллэй туһунан былыргы үһүйээннэр. Ити кинигэ илиинэн суруллубутун 1965 сыллаахха П. Е. Ефремов итэҕэли утарар литература архыыбыттан булан, 1977 сыллаахха бэчээттэммитэ. «Урааҥхай сахалар» диэн сахалар былыргы устуоруйаларын туһунан очеркалар аан бастаан 1937 с. бэчээттэммитэ.
Г. В. Ксенофонтов 1937 сыллаахха Дмитров куоракка көспүтэ. Онно олорон «Урааҥхай сахалар» иккис туомун бүтэрбитэ.
1938 с. муус устар 22 к. кинини Москва чугаһынааҕы Дмитров куоракка үлэлии олордоҕуна «сахалар дьыалаларыгар» П. А. Ойуунускайы кытта тутан ылан хаайбыттара. 1938 с. атырдьах ыйын 28 к. ССРС Үрдүкү Суута үспүйүөннээһин иһин буруйдаан ытарга уураахтаабыта уонна ити күн ытыллыбыта. Көмүллүбүт сирэ — «Коммунарка» диэн НКВД полигона. 1957 с. атырдьах ыйын 22 к. ССРС Үрдүкү Суутунан сырдык аата тиллибитэ.
Г. В. Ксенофонтов аатын Покровскай куоракка баар кыраайы үөрэтэр түмэл сүгэр.
Хаҥалас улууһугар кини аатын кыраайы үөрэтэр музей уонна Тиит Аpыы орто оскуолата сүгэллэр.
Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.