From Wikipedia, the free encyclopedia
Василий Васильевич Никифоров — Күлүмнүүр (18.05.1866—15.09.1928) — Саха Сирин уһулуччулаах общественнай, политическэй диэйэтэлэ, краевед-учуонай, суруйааччы, публицист, Сахалар сойуустарын салайааччыта, Саха Сиригэр земствоны киллэрии көҕүлээччитэ уонна тэрийээччитэ.
Василий Васильевич Никифоров 1866 с. ыам ыйын 18 күнүгэр (с.и.) Саха уокуругун Дүпсүн улууһугар (билиҥҥи Уус-Алдан улууһугар) сэниэ дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Аҕата — Баһылай Никииппэрэп — Дьокуускайдааҕы уезднай училищаҕа үөрэммит киһи — 1840-с сыллар бүтүүлэригэр Дүпсү улууһун суруксута эбит (бэйэтин төрдө — Арҕаа Хаҥалас улууһа). 1851 с. хас да нэһилиэк «ревизские сказки» дэнэр дөкүмүөнүн сатабыллаахтык оҥорон куортугунан наҕараадаламмыт[1]. Оҕолорун (4 уол, 4 кыыс) үөрэхтээх дьон оҥороору дьиэтигэр оскуола арыйан үөрэттэрбит. Онно көскө сылдьар аҕабыыт учууталлаабыт. Ол гынан баран уола Василий ахтарынан, арыгыннан үлүһүйэр таҥара үлэһиттэрин кытта куомуннаһан, бэйэтэ арыгыһыт буолан хаалбыт, онон уола үстээҕэр өлбүт. Василийы 1872 сыллаахха улуус суруксута Даниил Федорович Охлопков иитэ ылбыт.
Василий бастакы учууталынан политсыылынайдар Н. П. Странден, П. Д. Ермолов, Д. А. Юрасов уонна П. П. Подбельскай этилэр. 1874 сыллаахтан Охлопков уолун үөрэттэрээри Страндены бэйэтин дьиэтигэр олордор. 1875 сыллаахха Охлопков уолу Нецветова диэн Странден билэр дьахтарыгар Дьокуускайга олохтуур. Нецветова бэлэмнээбитин кэннэ 1877 сыллаахха уол Дьокуускайга эр дьон прогимназиятыгар киирбит. Онтун 1885 с. бүтэрбит. Учууталын Странден дьиэтигэр Нам улууһугар көскө сылдьар медик-устудьуон А. А. Сиповичтыын билсэр. Доҕотторун А. А. Афанасьевтыын уонна В. П. Поповтуун киниэхэ дьону эмтииригэр нэһилиэктэри кэрийэригэр көмөлөһөллөр, бу сылдьан медицинанан үлүһүйэллэр, уонна бары бэйэлэрин улуустарыгар балачча өр кэмҥэ фельдшер үлэтин толороллор.
Үөрэнэ сылдьан кэлин бииргэ үлэлэспит дьонун кытта — бырааттыы Илья, Федор, Иосиф Поповтары, П. А. уонна М. А. Афанасьевтары, П. Н. Сокольниковы, В. Я. Слепцовы, Е. Д. Николаев II, онтон биллиилээх общественнай диэйэтэл Е. Д. Николаевтыын — билсэр.
Оскуоланы бүтэрэр 1885 сылыгар ииппит аҕата дьадайан хаалан гимназия дириэктэрэ көҥүлүнэн тохсунньуга төрөөбүт улууһугар суруксуттуу тахсар. Сайын бэс ыйыгар алта кылаастаах прогимназияны бүтэрэр, уонна салгыы үлэлиир. Бу кэмҥэ көскө сылдьар Папий Павлович Подбельскайы кытта билсэр, кини көҕүлээһининэн табаарыстарын кытта Дүпсүҥҥэ уонна Мэҥэҕэ Саха сиригэр бастакы библиотекалары арыйар.
1886 сыллаахха Дьокуускайга Илин Сибиир генерал-губернатора граф А. П. Игнатьев кэлэринэн ситимнээн, П. П. Подбельскай көмөтүнэн, Дүпсүн улууһун туругун туһунан дакылаат-сурук оҥорор. Манна сир барыта чааһынай билиигэ киириэ суохтааҕын туһунан этэр, олохтоохтор ыар баттыгастаах олохторун кэпсиир, түһээннэрэ наһаа үрдүгүн суруйар уонна сахаларга бэйэни салайыныыны киллэрии туһунан этии киллэрэр.
1887 с. Дьокуускайдааҕы уобалас музейыгар былыргы таҥастары уонна былыргы бухатыыр тимир бэргэһэтин сорҕотун бэлэхтиир. Ити маллар тустарынан этнографическэй справка оҥорор.
1889 с. кулун тутарыгар сыылынайдар өрө турууларын кэмигэр Подбельскай өлөрүллүбүтүн кэннэ кини архыыбын П. А. Афанасьевтыын ойуурга кистииллэр[2].
1890 сыллаахха Дүпсүн кулубата буолар. Бу дуоһунаска үлэлии сылдьан кини сири таҥастааһыны кэҥэтэргэ, культураны көтөҕүүгэ, дьон ыраас олоҕун туһугар, арыгылааһыны уонна хаартылааһыны утары охсуһар. Атыыһыт К. Д. Спиридоновтыын кыттыһан Дүпсүҥҥэ бастаан приход оскуолатын, онтон кини олоҕор министерскэй оскуоланы арыйтарар. Үөрэҕириигэ үлэтин иһин үрдүк наҕараадаҕа тиксэр — тохсунньу 25 күнугэр 1895 с. император Станиславскай лиэнтэлээх үрүҥ көмүс мэтээл биэрэр.
1894—1896 сылларга Сибиряков экспедициятын үлэтигэр кыттар.
1900 сыллаахха быраас Сокольниковтыын кылгас саха-нуучча тылдьытын оҥорорго сахалартан харчы хомуйар. Кинилэр көрдөһүүлэринэн тылдьыт матырыйаалын хомуйууну политсыылынай Э. К. Пекарскай бэйэтигэр ылыммыт, онтон бу дьыалаҕа атын сыылынайдары уонна саха үөрэхтээхтэрин кытыннарбыт.
1906 сыллаахха Сахалар сойуустарын (Союз якутов) тэрийэр. Сойуус аатыттан Миниистирдэр сэбиэттэрин бэрэстээтэлэ С. Ю. Витте аатыгар ирдэбиллэрин ыытар. Арассыыйа импиэрийэтин ис дьыалаҕа миниистирин Дурново П. Н. бирикээһинэн тохсунньу 19 (билиҥҥиннэн олунньу 1) күнүгэр хаайыыга угуллар. Бу сытан «Манчаары түөкүн» диэн дырааматын суруйар. От ыйын 25 күнүгэр (саҥаннан атырдьах ыйын 7) суут буолуор диэри босхолонор. Алтынньыга «үөрэххэ тардыһар сахаларга» анаан «Саха кулууба» диэни тэрийэр. Бу кулуупка сахалыы ааҕыылары ыытар, «Манчаарытын» туруорар.
1907 сыллаахха Саха сиригэр холуобунай буруйдаахтары көскө ыытары утарар ыстатыйата «Якутский край» хаһыакка тахсыбыт.
1923 сыллаахха Москубаҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы тыа хаһаайыстыбатын I быыстапкатыгар Саха АССР павильонун тэрийбит. Балаҕан ыйын 30 күнүгэр үөрүүлээх аһыллыыга тыл эппит.
1927 с. Дьокуускайга кэлэ сылдьан конфедералиистар дьыалаларынан тыллаабатаҕын иһин тутуллар. Атырдьах ыйын 1928 с. В. В. Никифоров ытылларга ууруллубут, онтон бу бириигибэры концлааҕырга 10 сылга ыытыынан уларыппыттар. Балаҕан ыйын 15 күнүгэр 1928 сыллаахха Новосибирскай куорат түрмэтин балыыһатыгар өлбүтэ[3]. 1992 сыл олунньутугар реабилитацияламмыта.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.