Балаҕан ыйын 20 диэн Григориан халандаарыгар сыл 263-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 264-c күнэ). Сыл бүтүө 102 күн баар.
- 622 — Мухаммед батыһааччыларын илдьэ Меккаттан Мединаҕа көспүт (хиджра).
- 1066 — Фулфорд аттынааҕы кыргыһыы.
- 1187 — Саладин крестоносецтар былдьаан олорор Иерусалимнарын төгүрүйбүт.
- 1519 — Фернан Магеллан эспэдииссийэтэ саҕаламмыт.
- 1651 (уруккуннан балаҕан ыйын 10) — Иван Акинфов уонна Осип Степанов Сибиир бирикээһигэр Дьокуускай остуруогун бойобуода Дмитрий Францбековтан туппуттарын туһунан суруйбуттар. Остуруокка төһө сэрии сэбэ уонна хаһаас баарын отчуоттаабыттар[4].
- 1802 — Ыраахтааҕы Александр I коллегиялар оннугар министиэристибэлэри олохтуур туһунан ыйааҕа тахсыбыт. Бастаан аҕыстар этэ: байыаннай, байҕал, тас дьыала, ис дьыала уонна полиция, юстиция, үп, урбаан уонна норуоту сырдатыы.
- 1862 — Санкт-Петербурга Арассыыйа бастакы консерваторията олохтоммут.
- 1870 — Италия холбонуута түмүктэммит. Италия сэриилэрэ Папа Судаарыстыбатын ылбыттар уонна Римҥэ киирбиттэр. Папа Пий IX ону билиммэтэх уонна дыбарыаһыттан Ватикан томторугар көһөн тиийэн олохсуйбут.
- 1946 — Канны куоракка бастакы киинэ бэстибээлэ аһыллыбыт. Дьиҥэр сэрии иннинэ Венецияҕа (ол саҕана фашистар былаастарыгар олорбута) буолбут киинэ бэстибээлин утары "көҥүл аан дойду" бэстибээлин быһыытынан 1939 сыллаахха буоллуохтааҕа, ол эрээри сэрии саҕаланан хаалан тохтообута. Онон бастакы Каннскай бэстибээл сэттэ сыл хойутаан буолбута.
- 1959 — бу күн тоҕус хонук инники АХШ байҕал пехотатыттан радикальнай санааларын иһин ууратыллыбыт Ли Харви Освальд (Lee Harvey Oswald) Сэбиэскэй Сойууска кэлбит. Кэлин Киевтэн сылдьар дьахтары ойох ылбыта. Хойутуу бу киһи АХШ бэрэсидьиэнин Джон Кеннедини ытан өлөрбүтэ.
- 1990 — Соҕуруу Осетия Грузияттан араҕарын туһунан биллэрбит.
- 1992 — Франция гражданнара үгүстэрэ референдумҥа Европа Сойууһугар киирэргэ куоластаабыттар.
- 2002 — Кармадон хапчааныгар Хотугу Осетияҕа таастаах муус сууллан 125 киһи өлбүт. Өлбүт дьон истэригэр киинэ артыыһа уонна режиссера Сергей Бодров уонна киинэ устар бөлөх бааллара.
- 2019 — Аан дойду үрдүнэн 4 мөлүйүөн кэриҥэ киһи, үксэ устудьуоннар, климат уларыйыытын утары демонстрациялары ыыппыттар.
- 1857 — Сергей Ястремскай — Саха сиригэр көскө кэлэ сылдьан саха тылын грамматикатын үөрэппит киһи.
- 1857 — Николай Виташевскай — этнограф, суруйааччы, народниктар хамсааһыннарын биллэр-көстөр диэйэтэлэ, политсыылынай. 1882 сыллаахха былааһы утаран Сибииргэ көскө ыытыллыбыт, онно Саха сирин олоҕун-дьаһаҕын чинчийбит.
- 1919 — Феодосий Донской — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, суруналыыс, социолог-чинчийээччи. Кини бииргэ сэриилэспит табаарыһын, Чувашияттан сылдьар Коннов Ф. Ф., кытта урусхалламмыт рейхстаг эркинигэр бэлиэ-сурук хаалларбыттарын, ТАСС уонна «Кыһыл Сулус» хаһыат фотокорреспондена Анатолий Морозов түһэрбит хаартыската 1946 сыл күһүнүгэр «Огонек» сурунаалга бэчээттэммитэ. Ньурба улууһун, Эбээн-Бытантай улууһун уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ.
- 1930 — Семен Ковлеков (09.03.2003 өлб.) — Саха Сирин сэбиэскэй кэминээҕи устуоруйатын чинчийбит учуонай, история билимин кандидата, доцент.
- 1955 — Наталья Попова — филология билимин кандидата, турок уонна саха тылын грамматикаларыгар идэтийэр.
- 1987 — Билял Махов — Арассыыйа көҥүл уонна греко-римскай тустууга бөҕөһө. Көҥүл тустууга аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнэ, көҥүл тустууга Европа чөмпүйүөнэ, көҥүл уонна греко-римскай тустууга Арассыыйа чөмпүйүөнэ. Ырахан ыйааһыҥҥа UFC профессиональнай бөҕөһө.
РГАДА, Ф. 1177. Якутская приказная изба. Д.977, л. 1-2 (А.А. Калашников История Якутии в фондах федеральных архивов России, справочник. — второе, дополненное. — Якутск: Медиа-холдинг "Якутия", 2012. — С. 206. — 328 с. — 500 экз.)