From Wikipedia, the free encyclopedia
Үрүмчи (уйгур. ئۈرۈمچی Ürümchi, кытай. 乌鲁木齐 Wūlǔmùqí) диэн Кытай Синдьээн Уйгур Аутоном Регионун киин куората, дойду хотугулуу арҕаатыгар баар.
Үрүмчи ئۈرۈمچی Ürümqi 乌鲁木齐 |
|
— Префектура суолталаах куорат — | |
Кытай хаартатыгар | |
Координаталара: 43°48′ с. ш. 87°35′ в. д.43.800° с. ш. 87.583° в. д. (G) (O) | |
---|---|
Дойду | Кытай |
Провинция | Синдьээн |
Дойду таhымнаах үллэстиилэрэ | 8 |
Cалалтата | |
- КПК комитетын сэкэрэтээрэ | Ли Жи (栗智) |
- Баhылык | Дьила Исамуддин |
Иэнэ | |
- Total | 10 989 km² (4242,9 sq mi) |
Олохтоохторо (2005) | |
- Total | 2 681 834 |
- Чиҥэ | 244/km² (632,1/sq mi) |
Кэм курдааһына | China Standard Time (UTC+8) |
Почта кода | 830000 |
Area code(s) | 991 |
License plate prefixes | 新A |
БИО (2007) | CNY 78.2 billion |
- per capita | CNY ? |
ISO 3166-2 | CN-65-01 |
Сайт: www.urumqi.gov.cn (Кытайдыы) |
Икки тыhыынча сыл анараа өттүгэр Үрүмчи Солко суолун хоту сырыытыгар турар суолталаах куорат этэ, бүтүн Эуразия эргиэн уонна култуура ситимнэрэ ааhаллара. Таҥ династия императора Тайзоҥ салалтатын 22-с сылыгар, 648 c., билиҥҥи Үрүмчиттэн 10 км соҕуруу, Лунтай диэн куорат тутуллубута. Лунтайга олохтоох дьаhалта уонна Солко суолун устун барар караваннартан түһээн хомуйар органнар бааллара. Сиҥ династия кэмигэр (1763) Сянлоҥ император улааппыт куораты "Диhуа" диэн ааттаабыта. 1884, Гуаҥ Ху император Синдьээҥ провинцияны тэрийбитэ уонна Диhуа кини киин куората буолбута. Кытай Дьон Республикатын дьаhалтата олохтоммутугар, олунньу 1 1954 c. куорат Үрүмчи диэн ааттаамыта. Бу аат монголлууттан "кэрэ мэччирэҥ" диэн тылбаастанар.
1989 сыл ыам ыйыгар олохтоох мусульманнар долгуйуулара буолан ааспыта. Төрүөтэ - 1987 сыллаахха "Секс үгэстэрэ" (кыт. 性风俗) диэн мусульманнар секс олохторун туһунан суруллубут кинигэ тахсыыта. Бу долгуйууларга 150-чэ киһи оһолломмут.
1992 сыл кулун тутар 5 күнүгэр, Кытай саҥа дьылын саҕана, киэһэ 7:40 теракт буолбута - 52-с № автобуска бомба эстэн, 3 киһи өлбүтэ, 23 – оһолломмут.
1997 сыл олунньу 25 күнүгэр үс маршрутнай автобус эстибитэ. Онно 9 пассажир (олортон 3 оҕо) өлбүтэ, 74 киһи оһолломмут.
2009 сыл бэс ыйын 26 күнүгэр Кытай Шаогуань куоратын (Гуаҥдуҥ провинцията) биир оонньууру оҥорор фабрикатыгар уйгуур уонна кытай үлэһиттэрин икки ардынан охсуһуу буолан, 118 киһи (улахан аҥара уйгуурдар) оһолломмута, икки уйгуур өлбүтэ. Мантан сылтаан от ыйын 5 күнүгэр Үрүмчигэ олорор кытайдар уонна уйгуурдар икки ардынан улахан хапсыһыы буолбута. Түмүгэ 197 киһи өлбүтэ (Кытай официальнай даннайдара) - олортон 134 кытайдар, 11 хуйдар, 10 уйгуур уонна 1 маньчжур, 1721 киһи оһолломмута. Уйгур Аан дойдутааҕы Конгреһа этэринэн, өлбүт киһи ахсаана - 600чэ киһи. Маны таһынан 627 массыына уоттаммыта уонна 633 дьиэ буортуламмыта. Ол күннэргэ куоракка массыына хамсааһына тохтообута, уонна хас да ый интернет уонна телефон сибээһэ быһыллыбыттара.
2000 с. Үрүмчи олохтоохторун ахсаана 2,081,834, дьон чиҥэ 174.53 олохтоох/км². Олохтоохторун 75.3% кытайдар, 12.8% уйгурдар, 8.0% хуйдар уонна 2.3% казахтар уонна кыргызтар.
Үрүмчи 7 оройуоҥҥа уонна 1 эргиҥҥэ үллэстэр:
Үрүмчи Кытай арҕаа өттүн ордук улахан куората. Гиннес рекордтар кинигэтигэр аан дойду океаныттан ордук ыраах куорат быhыытынан киирэр, ордук чугас байҕал кытыла 2,500 км ыраахха баар. Куорат иэнэ 10,989 км². Үрдэлэ 800 м.
Үрүмчи континентал дала климаттаах, куйаас кураанах сайыннардаах (от ыйын орто температурата 24 °C) уонна сииктээх тымныы кыhыннардаах (тохсунньу орто температурата -16 °C). Сыллааҕы орто температура 5.4 °C уонна сыллааҕы сөҥүү 273 мм.
Үрүмчи Синдьээҥ бастыҥ индустрия киинэ. Үрүмчи Карамайдыын уонна Баянголлыын Синдьээҥ бүтүн индустрия таhаарыытыттан 64.5% таhаараллар. Үрүмчи регион ордук улахан атыылаhыы киинэ, ол курдук 2007 с. туттуллар маллар бытархай атыылара ¥32.2 млрд буолбута (2006 сыллааҕар 18.24% элбэх). Тус БИО таhыма 2007 c. US$4,000.
Экономика киинин быhыытынан, Үрүмчи урбан сирэ 1990-с сс. ыла кэҥээн иhэр. Үрүмчигэ баар Жоҥшан суола (中山路) Кытай уон ордук аатырар эргиэн уулуссаларын ахсааннарыгар киирсэр уонна Синдьээҥҥэ көмпүүтэр, мобил телефон уонна электроника ордук бөдөҥ баhаара буолар.
Үрүмчи Дивопу диэн аэропорда Кытай биэс сүрүн аэропордарыттан биирдэстэрэ. Бу аэропортан Кытай иһинээҕи куораттартан ураты Казахстан (Алматы, Астана), Россия (Новосибирскай, Москуба), Кыргызстан (Бишкек), Узбекистан (Ташкент), Азербайджан, Туркменистан, Иран уо.д.а. дойду куораттарыгар дылы рейстар бааллар.
Үрүмчи China National Highway 312 уонна China National Highway 314 суолларга турар.
2018 сыл. бүтүүтүгэр Үрүмчигэ метро Бастакы линията аһыллыбыта. Бастакы линия уһуна 27 км.
Urumqi People's Broadcasting Station уонна Xinjiang People's Broadcasting Station радио станциялара кытай, уйгур, казах, монгол, нуучча уонна кыргыз тылларынан биэриилэрин ыыталлар.
Xinjiang Television Station (XJTV), Үрүмчигэ баар, Синдьээҥ Уйгур Аутоном Регионын сүрүн ТВ биэрии станцията. Үрүмчи куорат олохтоох телевидение станцията Urumqi Television Station (UTV) (乌鲁木齐电视台).
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.