Сэтинньи 9 диэн Григориан халандаарыгар сыл 313-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 314-c күнэ). Сыл бүтүө 52 күн баар.
Фашизмы, расизмы уонна антисемитизмы утары охсуһуу күнэ. 1938 сыллаахха нацистыы Германияҕа уонна Австрияҕа дьэбириэйдэргэ эрдэттэн былааннаммыт саба түһүүлэр буолбуттара, устуоруйаҕа бу түүн Курустаал түүнэ диэн аатынан киирбитэ. Дьэбириэйдэр бас билэр лааппыларын, дьиэлэрин халаабыттара, тыһыынчаттан тахса синагога урусхалламмыта, кырата 91 киһи өлбүтэ (сорох дааннайынан 2,5 тыһыынчаҕа тиийэр киһини өлөрбүттэр), 30 тыһыынча киһи хаайыыга, концлааҕырга ыытыллыбыта
- Арассыыйа Арассыыйа — Түргэнник хардарар анал этэрээт (СОБР) күнэ
- Азербайджан Азербайджан — Былаах күнэ
- АХШ АХШ — Аан дойдутааҕы көҥүл күнэ. 2001 сыллаахтан 1989 сыллааҕы Берлин эркинэ сууллуутун бэлиэтииллэр
- Германия Германия — Дьылҕаны быһаарбыт күн (ниэм. Schicksalstag). Бу күн Германия устуоруйатыгар араас сылларга элбэх улахан суолталаах уодаһыннаах да, дьоһуннаах да түбэлтэ буолбут
- Германия Германия, Австрия Австрия, Швейцария Швейцария — Айааччы күнэ
- Ииндийэ Ииндийэ (Уттаракханд) — Уттаракханд күнэ. Бу Ииндийэ хотугу штаата, уруккута туспа судаарыстыба (823–1804 сс. Гархвал хоруоллук, 1816–1947 сс. Техри Гархвал княжество-дойду) Уттар Прадеш штаакка уобалас быһыытынан киирэрэ. 2000 сыллаахха хас да сыллаах, хаан тохтуулаах иҥин туруулаһыы кэнниттэн, бу күн туспа штаат (Ииндийэ иһинэн судаарыстыба) буолбута
- Камбодьа Камбодьа — Тутулуга суох буолуу күнэ (Францияттан, 1953)
- Пакистаан Пакистаан — Икбал күнэ. Мухаммед Икбал (1877-1938), бэйиэт уонна бөлөһүөк, Пакистан туспа дойду буоларын иһин хамсааһын кыттыылаахтарын айар үлэтинэн кынаттаабыт киһи быһыытынан биллэр
- Украина Украина — Украина суругун-бичигин уонна тылын күнэ
- 1799 — Улуу Француз Өрөбөлүүссүйэтин түмүктүүр Брюмер 18 күнүнээҕи переворот буолбут. Египеттэн кыайыылаах-хотуулаах эргиллибит генерал Наполеон Бонапарт дьон өйөбүлүн сүтэрбит Директорияны былаастан туораппыт. Дойдуну үс консул салайар буолбут, олортон биирдэстэрэ Наполеон. Байыаннайдар Наполеону өйүүр буоланнар кэлин былааһы барытын кини эрэ тутар буолбут, диктатура олохтоммут. Франция норуота уон сыллаах өрөбөлүүссүйэ дьалхааныттан сылайбыт буолан диктатураны ылыммыт.
- 1818 — Миниистирдэр кэмитиэттэрэ Саха уобалаһыгар үүнүү мөлтөҕүнэн сибээстээн бурдугунан көмөлөһөргө уурбут.
- 1848 — Австрия импиэрийэтигэр Венатааҕы өрө туруу басхана Роберт Блюм өлөрүллүбүт. Бу 1848-1849 сыллардааҕы өрөбөлүүссүйэ кыайтарыытын им бэлиэтэ буолбут.
- 1867 — Дьоппуоҥҥа сёгун Токугава Ёсинобу дойдуга толору былааһы Муцухито императорга төннөрбүт, Токугава аҕатын ууһун 365 сыллаах дойдуну салайыыта түмүктэммит. Император былааһа сөргүтүллүүтүн утарар дьон балтараа сыллаах гражданскай сэрии саҕалаабыттара. Сэрии түмүктэммитин кэнниттэн Мейдзи саҥардыыта саҕаламмыта, Дьоппуон арҕаа дойдулары үтүктэр модернизация суолугар туруммута.
- 1887 — АХШ Гавайи арыыларыгар баар Перл-Харбор хомотун бас билбиттэр. Бу Чуумпу далай хаба ортотугар бэрт табыгастаах сиргэ сытар дириҥ уулаах хомоҕо АХШ флотун базата олохтоммута.
- 1900 — Арассыыйа сүүс тыһыынчалаах аармыйата Маньчжурияны бүүс бүтүннүүтүн ылбыт.
- 1915 — Дьокуускайга олохтоох худуоһунньуктар уонна муоһунан кыһаачылар быыстапкалара буолбут. Онно көскө сылдьар Емельян Ярославскай кыттыбыт.
- 1917 (эргэ стилинэн алтынньы 27) — Саха сиринээҕи Байыаннай уонна бааһынай дьокутааттар сэбиэттэрэ Петроградка большевиктар былааһы күүһүнэн ылбыттарын утаран телеграмманан бырачыас ыыппыт.
- 1918 — Германияҕа Сэтинньитээҕи өрөбөлүүссүйэ кэмигэр монархия эһиллибит, кайзер Вильгельм II бүрүстүөлүттэн суулларыллыбыт.
- 1921 — Саха сиригэр бассабыыктар кыһыл террордарын утары өрө туруу үгэннээн турар кэмигэр Максим Аммосов саха хомуньуустарын интэриэстэрин туруорсар соруктаах Арассыыйа үөс өттүгэр айаннаабыт. Эһиил бэс ыйыгар төннүбүтэ[1].
- 1930 — Саха араадьыйатын үлэтин үһүс күнүгэр Николай Субуруусскай дакылаат оҥорбут.
- 1938 — Германия уонна Австрия үрдүнэн Курустаал түүнэ диэн улахан дьэбириэй погрома буолбут. Бу түгэн дьэбириэй омугун эһэ сатаабыт Холокост бэлиитикэтин саҕаланыытынан ааҕыллар.
- 1977 — Таатта улууһун Чөркөөҕөр устуоруйа уонна өрөбөлүүссүйэ бас түмэлэ аһыллыбыт.
- 1985 — 22 саастаах Гарри Каспаров Анатолий Карповы 13:11 счетунан хотон аан дойду 13-с чөмпүйүөнэ буолар.
- 1989 — Берлин эркинин сууллуута, Илин Германия Берлин эркинигэр баар ааннары арыйбыт. Мантан саҕалаан сотору кэминэн Илин уонна Арҕаа Германиялар биир илгэ холбоспуттара.
- 1991 — Удачнайга №12 фабрикаҕа 172,5 караат ыйааһыннаах бөдөҥ алмаас көстүбүт. Кэлин бу тааска «Академик Сахаров» диэн ааты иҥэрбиттэрэ.
- 2012 — Эдьигээн сэлиэнньэтигэр аэропорт вокзалын болуоссатыгар күндүөбэй балыкка өйдөбүнньүк туруоруллубут. Балык «илим» быыһыгар оҥоһуллубут, «илим» Эдьигээн улууһун картатыттан «хатыллыбыт».
- 1818 — Иван Тургенев (1883 өлб.) — нуучча классик суруйааччыта. Өбүгэлэрин араспаанньата түүр "түргэн" диэн тылыттан тахсыбыт.
- 1903 — Иннокентий Алексеев, киэҥник биллэр аата Кеша Алексеев — Саха сиригэр Гражданскай сэрии дьоруойа. 1922 сыллаахха Чурапчы, Амма, Никольскай, Төхтүр, Покровскай кыргыһыыларыгар аатыран, Кыһыл Знамя уордьанынан наҕараадаламмыта. Олоҕун бүтэһик сылларыгар ревизордаабыта, 27 сааһыгар ыалдьан өлбүтэ. Огдообото Белорусия народнай артыыһа буолбута, уола Леонард байыаннай инженер буолбута, Москубаҕа олорбута.
- 1952 — Владимир Мохначевскай — Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, "Чороон" бөлөх мусукаана, ырыаһыта.
- 1991 — Наум Засимов (1928 с.т.) — элбэх жанрга үлэлээбит гынан баран пейзажка ордук сөбүлээн сыратын биэрбит саха живописеһа.
- 2005 — Иннокентий Потапов (07.07.1932 төр.) — худуоһунньук, РСФСР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Ойуунускай аатынан Ил бириэмийэтин лауреата, Арассыыйа художествотын академиятын чилиэнэ, ССРС наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ.
Макаров Г.Г. Северо-Восток России (Якутия, Охотское побережье и Чукотка) в 1921-1922 гг.. — Бичик, 1996. — С. 55. — 333 с.