Ахсынньы 2 диэн Григориан халандаарыгар сыл 336-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 337-c күнэ). Сыл бүтүө 29 күн баар.
- 1409 — Лейпциг университета аһыллыбыт.
- 1766 — Швеция түмэнэ Бэчээт көҥүлүн туһунан сокуону ылбыт, бу сокуон аан дойдуга тыл көҥүлүн туһунан бастакы сокуон буолбута.
- 1805 — Аустерлиц кыргыһыытыгар Наполеон Улуу Аармыйата баһыйар ахсааннаах Арассыыйа уонна Австрия импиэрийэлэрин холбоhуктаах сэриилэрин урусхаллаабыт. Түмүгэр Австрия элбэх сири сүтэрэн сэрииттэн тахсарга күһэллибит.
- 1849 — Саха уобалаһыгар уокурук бырааптаах Охуоскай кыраай киирбит.
- 1908 — Кытай бүтэһик императора Пу И икки сааһыгар бүрүстүөлгэ олорбут.
- 1934 — Сэбиэскэй суруйааччылар Бастакы бүттүүн Саха сиринээҕи кэмпириэнсийэлэрэ саҕаламмыт. Мунньах ахсынньы 11 күнүгэр түмүктэммитэ. Тэрийэр кэмитиэти Амма Аччыгыйа салайбыта[1]. Сүрүн дакылааты ВКП(б) Саха сиринээҕи обкуомун иккис сэкиритээрэ Николай Окоемов оҥорбута, Күлүмнүүр, Өксөкүлээх уонна Алампа айымньыларын кириитикэлээбитэ, ол эрээри кинилэр айар үлэлэрин чинчийэр туһалааҕын ыйбыта.
- 1942 — АХШ Чикаготыгар Италияттан төрүттээх учуонай Энрико Ферми бастакынан хонтуруолланар субурҕа ядернай реакцияны ыыппыт.
- 1971 — Сэбиэскэй Сойуус станцията «Марс-3» аан дойду устуоруйатыгар бастакынан Марс ньууругар олорбут.
- 1949 — Дьону атыылыыры уонна проституцияны утарар Конвенция ылыныллыбыт.
- 1950 — Кэриэйэ сэриитэ: Чонгчон өрүскэ кыргыһыыга Кытай сэриилэрэ ХНТ сэриитин үлтүрүтэн, Хотугу Кэриэйэттэн үүрбүттэр.
- 1961 — Кууба баһылыга Фидель Кастро бэйэтин марксист-ленинец диэн ааттаммыт уонна Кууба хомуньууһуму ылынарын биллэрбит.
- 1982 — АХШ-ка Барни Кларк диэн киһиэхэ аан дойду устуоруйатыгар бастакынан оҥоһуу сүрэх олордубуттар.
- 2001 — Enron моҥкуруут буоларын туһунан биллэрбит.
- 2005 — «О защите государственной собственности в алмазно-бриллиантовом комплексе Республики Саха (Якутия)» диэн боротокуолга илии баттаммыт. Бу дөкүмүөҥҥэ АЛРОСАны федерализциялааһын механизма бигэргэтиллибит. Боротокуол чэрчитинэн федеральнай киин АЛРОСА хампаанньа 50% +1 акциятын бас билбитэ. Кэлин 2013 сыллаахха Росимущество уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтэ аахсыйаларын 7-лии бырыһыанын кэтэх бас билиигэ атыылаабыттара.
- 2007 — Арассыыйаҕа бэһис ыҥырыылаах Дуумаҕа быыбар буолбут.
- 2022 — С-Петербург аттыгар Нева кытылыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин аатыттан Ленинграады көмүскээбит Саха сирин буойуттарыгар мэҥэ таас турбут. Улуу сэрии кэмигэр ити Нева тилэхчээнэ (Невский пятачок) диэн ааттанар үрдэли баһылыыр иһин кыргыһыыларга сэттэ ый иһигэр 50-85 тыһыынча сэбиэскэй саллаат өлбүт. Ол иһигэр сүүстэн тахса Саха сириттэн сылдьар дьон.
- 1876 — Юсуф Акчурин — татаар суруйааччыта, суруналыыс, устуорук, бэлиитик, түркчүлүк (пантюркизм) идеолога.
- 1929 — Федот Потапов — драматург, режиссер. 1961—1983 сылларга Саха судаарыстыбаннай муусука уонна дыраама, кэлин дыраама тыйаатырын сүрүн режиссера, 1985 сыл ыам ыйыттан Нүөрүҥгүрү куорат өрөспүүбүлүкэтээҕи куукула тыйаатырын режиссера. РСФСР үтүөлээх артыыһа, Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
- 1936 — Николай Тихонов — экэниэмикэ билимин дуоктара, профессор, Аграрнай үөрэхтээһин норуоттар икки ардыларынааҕы академиятын, Хотугу форум академиятын академига, Саха сирин бочуоттаах кырдьаҕаһа.
- 1948 — Афанасий Дьяконов (13.07.1990 өлб.) — Саха сиригэр XVIII-XIX үйэлэргэ түүлээх бултааһынын уонна эргиэнин чинчийбит учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- 1970 — Эрнст Березкин — саха бэлиитигэ, Ил Түмэн III, IV ыҥырыыларын дьокутаата, 2002-2005 сылларга СӨ Үп миниистирэ. 2014 сыллаахха СӨ Ил Дарханын быыбарыгар хандьыдаат (2-ис миэстэ, 29% куолас).
- 1547 — Эрнан Кортес — Миэксикэни сэриилээбит, ацтектар судаарыстыбаларын сууһарбыт Испания конкистадора.
- 1969 — Климент Ворошилов (1881 төр.), сэбиэскэй аармыйа, баартыйа уонна судаарыстыба диэйэтэлэ, Сэбиэскэй Сойуус бастакы маршалларыттан биирдэстэрэ.
- 1974 — Зинаида Ермольева (1898 төр.), сэбиэскэй микробиолог, эпидемиолог, антибиотик айааччы.
- 1979 — Василий Соловьёв-Седой (1907 төр.), композитор, пианист, Социалистыы Үлэ Дьоруойа, ССРС норуодунай артыыһа.
Материалы первой всеякутской конференции советских писателей: (2-11 декабря 1934 года) / Н. Е. Мординов. — Якутск: Якутское государственное издательство, 1936. — 161 с. — 4200 экз.