From Wikipedia, the free encyclopedia
Ыстаал (нууч. сталь, ниэм. Stahl диэн тылыттан, сахалыы Болот) диэн тимир харыалыгы эбэтэр атын эттиктэри кытта холбуу уһаарыллыбыта. Ыстаал харыалыгын кээмэйэ 2,14%-тан намыһах буолар, өскө онтон элбэх харыалыктаах буоллаҕына чугуун диэн ааттанар. Харыалыгы эптэххэ тимир бөҕөргүүр уонна кытаатар, ол гынан баран уунар-тэнийэр дьоҕура кыччыыр.
Ыстаалга тимирэ 45%-тан ордук буолуохтаах, оччоҕо эрэ дьиҥнээх ыстаал быһыытынан билиниллэр. Легируйдааһын көмөтүнэн атын эттиктэри кытары уһаарыллыбыт ыстаал хас да бөлөххө арахсар (үрдүк уонна намыһыах легируйдааһыннаах).
Чугуунтан ыстаалы уһаарыы диэн харыалыгын уонна фосфорун, күкэрин кыччатыы буолар. Харыалыгы суох гыныы ньыматынан көрөн хас да уһаарыы ньыматын араараллар: конвертордааһын, мартеннааһын уонна электротермическэй ньыма. Мартеннааһын кэнники кэмҥэ (2008 сыллаахха конкуренция күүһүрүөҕүттэн) улам аҕыйаан иһэр. Аан дойдуга конвертордааһын баһыйар.
2007 | 2006 | Хампаанньа | 2007 с. таһаарыыта | 2006 с. таһаарыыта |
---|---|---|---|---|
15 | 12 | Северсталь | 16,75 | 17,60 |
16 | 14 | Евраз | 16,30 | 16,10 |
21 | 23 | ММК | 13,30 | 12,45 |
33 | 31 | НЛМК | 9,06 | 9,13 |
48 | 47 | Металлоинвест | 6,43 | 6,28 |
51 | 47 | Мечел | 6,09 | 5,95 |
120 | 120 | ТМК | 2,19 | 2,15 |
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.