From Wikipedia, the free encyclopedia
Уопсастыбаҕа сиэрдээх сыһыан аан дойдутааҕы күнэ (ХНТ тылларынан: араб. اليوم العالمي للعدالة الاجتماعية, исп. Día Mundial de la Justicia Social, нууч. Всемирный день социальной справедливости, фр. Journée mondiale de la justice sociale) ХНТ Генеральнай Ассамблета № A/RES/62/10 нүөмэрдээх 2007 сыл ахсынньы 18 тахсыбыт резолюциятынан бэлиэтэнэр. Сыл ахсын олунньу 20 күнүгэр 2009 сылтан ыла бэлиэтэнэр.
Резолюцияҕа аан дойду бүттүүнэ быстар дьадаҥы буолууну суох гыныыга, дьон үлэлээх буолууларын ситиһиигэ, дьахтар уонна эр киһи тэҥ буолуутун ситиһиигэ, уопсастыба баай-тот буолуутун уонна сиэрдээх буолуутун ситиһиигэ салгыы күүскэ үлэлиэхтээҕин туһунан этиллэр.
Аан бастаан маннык күнү олохтуур туһунан Кыргыстаан бэрэсидьиэнэ Курманбек Бакиев эппитэ. Кэлин бу этиини Кыргыстаан тас дьыалаҕа миниистирэ Эднан Карабаев Генеральнай Ассамблея 62-с сиэссийэтигэр көтөхпүтэ.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.