Ляхов арыылара
From Wikipedia, the free encyclopedia
Ляхов арыылара — Лаптевтар уонна Илин Сибиирдээҕи байҕаллары араарар Саҥа Сибиир арыыларыттан соҕурууҥҥу түөрт арыы:
- Ляхов улахан арыыта,
- Ляхов кыра арыыта,
- Остуолбалаах арыы уонна
- Семенов арыыта.
Уопсай иэннэрэ 6650 кв. км. Саҥа Сибиир арыыларыттан Санников силбэһиитэ араарар, онтон материктан Миитэрэй Лаптев силбэһиитэ.
Арыылар рельефтара хаптаҕай. Саамай үрдүк сирэ Улахан Ляхов арыытыгар Эмий таас хайа муора таһымыттан 311 м.
Кыра термокарст күөл дэлэй. Казак Меркурий Вагин 1712 сыллаахха арыйбыта. 1770 сыллаахха мамонт уҥуоҕунан эргинэр атыыһыт Уйбаан Ляхов аатын иҥэрбиттэрэ.