From Wikipedia, the free encyclopedia
Дезоксирибонуклеиннаах аһыыба (кылгатыллыбыта ДНА) диэн тыынар тыыннаах генетикалаах куодун тутар молекулата. ДНА харамайдарга, үүнээйилэргэ, бактерияларга дылы баар.
ДНА эт хас сааныктарыгар барыларыгар баар, сүнньүнэн ол үрүҥэстэргэ сытар, уонна төрөтүллүбүт оҕоҕо төрөппүттэриттэн бэриллэр. Ол иһин оҕо төрөппүттэригэр маарынныыр буолар, ол курдук тириитэ, хараҕын, баттаҕын өҥө уонна да атын уратылара.
Эт ДНАтын чааһыгар сороҕо информацияны сүкпэт. Сорох ДНА чаастара туохха туттулларын туһунан чинчийии өссө да бара турар. Ол курдук, киһи 98% информацияны биллэрэрэ суох буолар. [1]
Вирустар эккэ сысталларыгар ДНА уонна РНА информацияларын тутталлар.[2]
ДНА икки спиральга майгынныыр туруктаах, уонна хас туруута нуклеодит диэн ааттанар.
ДНА-ны бастаан сааныктан Швейцарияҕа 1869 сыллаахха таһаарбыттара, Фредерих Мишер бактерияны үөрэтэ сылдьан саанык ортотугар баары булбут, уонна нуклеин диэн ааттаабыт.[3]
1928 сыллаахха Фредерик Гриффит пневмоккок араастарын үөрэтэ сылдьан сорох чааһа атын пневмоккокка холбоспут.[4] Ол система генетикалаах информацияны ДНА тутар диэн бастакы чуолкайа биллибит.
1943 сыллаахха Эйвери-МакЛед-МакКарти эксперимена ДНАны пневмоккок сааныга хайдах улаатарын быһаарбыт.[5][6]
1952 сыллаахха Алфред Херши уонна Марта Чэйз ДНА удьуордааһыныныгар оруола бигэргэппит.[7]
1950-с сыллаардаахха Эрвин Шаргафф [8] тимин ахсаана урукку аденин ахсааныгар тэҥнэһэрин булбут, ону тэҥэ атын нуклеидтар - гуанин уонна цитозин ахсаана эмиэ тэҥ буоларын булбут.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.