![cover image](https://wikiwandv2-19431.kxcdn.com/_next/image?url=https://upload.wikimedia.org/wikipedia/commons/thumb/e/e4/DNA_chemical_structure.svg/langsah-640px-DNA_chemical_structure.svg.png&w=640&q=50)
Дезоксирибонуклеиннаах аһыыба
From Wikipedia, the free encyclopedia
Дезоксирибонуклеиннаах аһыыба (кылгатыллыбыта ДНА) диэн тыынар тыыннаах генетикалаах куодун тутар молекулата. ДНА харамайдарга, үүнээйилэргэ, бактерияларга дылы баар.
![Thumb image](http://upload.wikimedia.org/wikipedia/commons/0/0c/DNA_animation.gif)
![Thumb image](http://upload.wikimedia.org/wikipedia/commons/thumb/e/e4/DNA_chemical_structure.svg/640px-DNA_chemical_structure.svg.png)
![Thumb image](http://upload.wikimedia.org/wikipedia/commons/thumb/0/08/Dna-split.png/180px-Dna-split.png)
ДНА эт хас сааныктарыгар барыларыгар баар, сүнньүнэн ол үрүҥэстэргэ сытар, уонна төрөтүллүбүт оҕоҕо төрөппүттэриттэн бэриллэр. Ол иһин оҕо төрөппүттэригэр маарынныыр буолар, ол курдук тириитэ, хараҕын, баттаҕын өҥө уонна да атын уратылара.
Эт ДНАтын чааһыгар сороҕо информацияны сүкпэт. Сорох ДНА чаастара туохха туттулларын туһунан чинчийии өссө да бара турар. Ол курдук, киһи 98% информацияны биллэрэрэ суох буолар. [1]
Вирустар эккэ сысталларыгар ДНА уонна РНА информацияларын тутталлар.[2]