From Wikipedia, the free encyclopedia
2010 сыллааҕы Кыргызстан өрөбөлүүссүйэтэ, ол эбэтэр 2010 сыллааҕы Кыргызстан айдаана. 2010 с. муус устар ыйыгар Кыргызстан дойдутугар буолбут айдааннар уонна өрө туруулар. Кыргызстан олохтоохторо үксүлэрэ дойду президена Курманбек Бакиев уонна кини дьаhалтата ыыппыт политикатын утарбыттар уонна сөбүлээбэтэхтэр. Дьон дьадайан иhэр, экономика мөлтөх туруктаах. Онно эбии Бакиев бэйэтин чугас аймахтарын былааска киллэрбитин, кинилэр дойду экономикатын тутаах объектарын бэйэлэрин бас билиилэригэр ылбыттарын, Бакиев режима оппозицияны уонна көҥүл журналистары бобуутун уонна хам баттабылын дьон эмиэ күүскэ утарбыт. Айдаан Талас куоракка муус устар 6 саҕаламмыта. Муус устар 7 айдаан Бишкекка тарҕаммыта. Бырачыастааччылар полициялыын кыргыhыылара буолбута. 74 киhи өлбүтэ уонна 400 эчэйбитэ биллэр.[1] [2] Токмок, Нарын уонна Ысык Күөл куораттарга айдааннар эмиэ буолбуттара.
Бакиев Бишкектан күрээбит уонна билигин ханна баара биллибэт. Оппозиция басханнара саҥа дьаhалта тэрийэллэр, дьаhалта баhылыгынан урукку омук миниистирэ Роза Отунбаева буолар.[3][4]
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.