Ыстаал (нууч. сталь, ниэм. Stahl диэн тылыттан, сахалыы Болот) диэн тимир харыалыгы эбэтэр атын эттиктэри кытта холбуу уһаарыллыбыта. Ыстаал харыалыгын кээмэйэ 2,14%-тан намыһах буолар, өскө онтон элбэх харыалыктаах буоллаҕына чугуун диэн ааттанар. Харыалыгы эптэххэ тимир бөҕөргүүр уонна кытаатар, ол гынан баран уунар-тэнийэр дьоҕура кыччыыр.

Thumb
Ыстаал

Ыстаалга тимирэ 45%-тан ордук буолуохтаах, оччоҕо эрэ дьиҥнээх ыстаал быһыытынан билиниллэр. Легируйдааһын көмөтүнэн атын эттиктэри кытары уһаарыллыбыт ыстаал хас да бөлөххө арахсар (үрдүк уонна намыһыах легируйдааһыннаах).

Ыстаалы уһаарыы

Чугуунтан ыстаалы уһаарыы диэн харыалыгын уонна фосфорун, күкэрин кыччатыы буолар. Харыалыгы суох гыныы ньыматынан көрөн хас да уһаарыы ньыматын араараллар: конвертордааһын, мартеннааһын уонна электротермическэй ньыма. Мартеннааһын кэнники кэмҥэ (2008 сыллаахха конкуренция күүһүрүөҕүттэн) улам аҕыйаан иһэр. Аан дойдуга конвертордааһын баһыйар.

Арассыыйа ыстаалы уһаарааччылара

Сиһилии Хампаанньа, 2007 с. таһаарыыта ...
Арассыыйа ыстаалы уһаарар хампаанньаларын аан дойдуга рейтинэ (Metal Bulletin дааннайынан)
20072006Хампаанньа2007 с.
таһаарыыта
2006 с.
таһаарыыта
1512Северсталь16,7517,60
1614Евраз16,3016,10
2123ММК13,3012,45
3331НЛМК9,069,13
4847Металлоинвест6,436,28
5147Мечел6,095,95
120120ТМК2,192,15
Сап

Wikiwand in your browser!

Seamless Wikipedia browsing. On steroids.

Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.

Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.