From Wikipedia, the free encyclopedia
Чѳҥѳчѳк тыла (лат. Armillaria mellea, нууч. Опенок осенний, настоящий).
Сэлээппэтэ бастаан, мээчиги хайа быспыт курдук, томтоҕор, тѳгүрүк, хойут онто даллайан тахсар, ортотунан чорбохтонор. Yѳhээ ѳттѳ онон-манан маҥан эбирдэхтээх, бѳлѳх-бѳлѳх ньуолах түүлэрдээх (түүтэ кэлин түhэр), кирдээх араҕас ѳҥнѳѳх. Кытыыта бастаан аллара диэки түүрүллүбүт буолар, онто хойут кѳҥѳр уонна дьурааланар. Кэтитэ 4-12 см.
Сэлээппэтин алын ѳттѳ бастаан сырдык, онтон күрэҥ, үксүн дьэбин түспүтүн курдук эбирдэхтээх таҥалайдартан турар.
Хайа туттахха иhэ үрүҥ, этэ кытаанах, үчүгэй сыттаах.
Атаҕа уhун, синньигэс соҕус, араҕас эбэтэр бороҥ ѳҥнѳѳх, онто аллараа диэкинэн хараҥарар, сонуур, кыра хатырыктаах. Тэллэй кыратыгар сэлээппэтэ атаҕын кытта биир күдьүс бүрүѳлээх үүнэр, онто улааттаҕына быhа барар уонна атаҕар үрүҥ тиэрбэс буолан олорон хаалар.
Споратын ѳҥѳ маҥан.[1]
Атырдьах ыйыттан хаhыҥ түhүѳр диэри кѳстѳр.
Мутукчалаах, сэбирдэхтээх ойуурга, үүнэн турар мастарга, чѳҥѳчѳк тѳрдүгэр, охтубут маска бѳлѳхтѳѳн үүнэр. Силискэ, эргэ чѳҥѳчѳктѳргѳ үүммэт. 200-чэ мас араас кѳрүҥүн буортулуур. Уот сиэбитэ 2-3 сыл ааспытын кэннэ ордук ѳлгѳмнүк үүнэр. Кураан, итии сайын хаппыт хатыҥҥа сиртэн 2-3 м үѳhэ баар буолар. Чѳҥѳчѳк тыла үүммүт чѳҥѳчѳгѳ күhүҥҥү хараҥаҕа сырдыыр – ити тэллэй ризоморфата («силиhэ») «умайар».
Саха сирин киин оройуоннарыгар үүнэр чѳҥѳчѳк тылын сиэнэр чааhыгар 3,05% белоктаах, 0,58% арыылаах, 0,93% минеральнай веществолардаах.
Олус минньигэс тэллэй. Сибиэhэйдии да сииргэ, тууhуурга, маринуйдуурга да бэрт.
Чѳҥѳчѳк тылын үгүстүк сүлүhүннээх саhыл тылын уонна кыhыл саhыл тылын кытта бутуйаллар.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.