Николай Гаврилович Чернышевскай (24.07.1828 — 29.10.1889) — нуучча революционер демократа, сырдатааччы-энциклопедист, суруйааччы, литэрэтиирэ кириитигэ.

Thumb
Николай Чернышевскай.

Олоҕун олуктара

Саратов куоракка Александр Невскай кафедральнай собуор протоиерейин Гавриил Иванович Чернышевскай (1795-1861 сс.) дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Аҕата Пенза күбүөрүнэтин Чембарскай уйуоһун Чернышев сэлиэнньэтин крепостной бааһынайдарыттан төрүттээҕэ, онон араспаанньата Чернышевскай буолбут.

Николай кыра эрдэҕиттэн хараҕынан мөлтөх буолан 14 сааһыгар диэри дьиэтигэр олорон аҕатыгар үөрэммитэ. Аҕата олус билиилээх, үөрэхтээх, бары өттүнэн дьоҕурдаах, таҥараҕа үрдүк итэҕэллээх киһи эбит.

Архиепископ Никандр этэринэн кыра эрдэҕиттэн француз-гувернер киһи ньээҥкэлэспит эбит. Ол иһин аан маҥнайгы суола онтон саҕаламмыт. Николай олус билиилээх эбит. Кинигэ бөҕө аахпыт, ол иһин кыра эрдэҕинэ “библиофаг” (кинигэни сиэччи) диэн хос аатааҕа.

1843 сыллаахха Саратов куорат духовнай сэминээрийэтигэр үөрэнэ киирбит. Ол онно 3 сыл үөрэммит. Бу үөрэххэ барыларын өйүнэн баһыйара биллибит. Сэминээрийэни бүтэрбэккэ сылдьан 1846 сыллаахха Петербург куоракка университет устуоруйа-филология факультетыгар үөрэнэ киирбит. Бу сылларга киһи барыта билэр дьиҥнээх революционер-демократа, социалиһа Чернышевкай үүнэн-сайдан тахсыбыт эбит. Олоххо сыhыана античность, француз, англичанин омук тылын-култууратын үөрэппититтэн тахсан кэлбит. Ньютону, Лаплаһы, Лаланданы, Гегели ааҕарыттан үөрэтиититтэн кини олоҕу көрүүтэ барыта онтон саҕаламмыт эбит. Бу сылларга Чернышевскай маҥнайгы художественнай айымньыларын суруйан саҕалаабыт.

1850 сыллааха үөрэммит куурсун кандидат дуоһунаһынан бүтэрэн, Саратов куорат гимназиятыгар үлэҕэ киирбит. 1851 сыллаахтан үлэтин саҕалаабыт. Үлэлии сылдьан эдэр учуутал революционнай идеяларын айымньыларын нөҥүө тарҕатыыны саҕалаабыт.

1853 сыллаахха кэргэнин Ольга Сократовна Васильеваны көрсүбут. Сыбаайбалаан баран Саратов куоратыттан Санкт-Петербурга көспүттэрэ. 1854 сыллаахха тохсунньу 24 күнүгэр үрдүк бирикээһинэн иккис кадетскай куорпуска учууталынан анаммыт. Суруйааччы бэйэтин олус үчүгэй үлэһитинэн көрдөрбүт, ол эрээри биир офицеры кытта сатаспакка ууратыллыбыт[1].

1855 сыллаахха «Эстетическое отношение искусства к действительности» диэн магистр диссэртээссийэтин көмүскээбит, бу үлэ материалистическай эстетика Россияҕа төрүттэнэрин көҕулээбитэ.

1860-с сылларга Чернышевскай нуучча философскай материализмын оскуолатын бас-көс киһитинэн билиниллибитэ. Кини бөлүһүөпүйэҕэ сүрүн үлэтэ — «Антропологический принцип в философии» (1860). Онно дуализмы уонна иделистистическэй монизмы утарар материалистическай монизмҥа олоҕурар санаатын суруйбута.

1857 с. бүтэһигэр экономикаҕа уонна бэлиитикэҕэ сыһыаннаах ыстатыйаларын суруйар, ол ыстатыйалар бастатан туран аграрнай реформа оҥорууга туһуламмыттара. 1858 сыллаахха реформаны өрөбөлүүссүйэ көмөтүнэн тохтоторго ыҥырбыта, ону ситиһиилээх реформа өрөбөлүүссүйэни өйүүр санаалары тохтотор кыахтааҕынан быһаарбыта.

1861 сыллаахха «Высочайший манифест от 19.02.1861 Об отмене крепостного права» диэн докумуон тахсар, реформа саҕаланар. Чернышевскай бу кэмҥэ үлэтин далааһына муҥутуур. «Сир уонна көҥүл» кистэлэҥ уопсастыбаҕа киирбэтэр даҕаны, онно киирэр дьону көҕүлүүр киһи буолар. Маркс уонна Энгельс ол иһин кинини «өрөбөлүүссүйэ баартыйатын баһылыгынан» ааттаабыттара.

Чернышевскайы «Великорусс» диэн ааттаммыт прокламация ааптарынан ааҕаллара. Онно бааһынайдарга сири биэрии, Польшаны босхолооһун, демократтыы конституцияны ылыныы, присяжнайдар сууттарын тэрийии уонна олохтоох салайыыны тэрийии ирдэбиллэрэ турбуттара.

1861 сыл балаҕан ыйыттан полиция кистэлэҥ кэтэбилигэр сылдьар. Жандармнар тойонноро Долгоруков Чернышевскай туһунан маннык суруйар:

Подозревается в составлении воззвания «Великорусс», в участии составления прочих воззваний и в постоянном возбуждении враждебных чувств к правительству.

1862 сыллаахха Петербурга буолбут баһаардары тэрийиигэ уорбалар этэ. 1862 сыл ыам ыйыгар «Современник» сурунаал 8 ыйга сабыллыбыта.

1863 сыллаахха «Современник» сөргүтүллүбүтүн кэннэ онно «Что делать?» арамаана бэчээттэммитэ. Ол саҕана Чернышевскай хайыы-үйэ Петропавловскай кириэппэскэ хаайылла сытара.

Тутуу уонна силиэстийэ

1862 сыллаахха от ыйын 7 күнүгэр «Барским крестьянам от их доброжелателей поклон» диэн прокламацияны суруйууга буруйданан Чернышевскай тутуллан Петропавловскай кириэппэскэ соҕотох камераҕа хаайыллыбыта.

Докумуоннарга уонна жандармерия кистэлэҥ полицияны кытта суруйсууларыгар Чернышевскай «враг Российской Империи номер один» диэн ааттаммыта.

Силиэстийэ балтараа сыл кэриҥэ барбыта. Чернышевскай силиэстийэлиир хамыыһыйаны кытта унньуктаахтык турууласпыта. Сокуоннайа суох дьайыыларын утаран 9 хонукка аччыктааһыны биллэрэ сылдьыбыта. Хаайыыга да сытан үлэтин тохтоппотоҕо. 678 суукка тухары Чернышевскай 200 ааптар лииһиттэн итэҕэһэ суоҕу суруйбута. Ол иһигэр «Современник» 3, 4 уонна 5 нүөмэрдэригэр тахсыбыт «Что делать?» арамаанын (1863).

Хаайыы

1864 сыл ыам ыйын 19 (31) күнүгэр года Петербурга болуоссакка гражданскай казнь туома ыытыллыбыта: бириигэбэрин аахпыттара, тобуктатан баран төбөтүн үрдүгэр шпага тоһуппутара, ол кэнниттэн саат баҕанатыгар баайан сүүрбэччэ мүнүүтэ туруорбуттар, ол эрээри, дьон сибэкки быраҕан, долгуйан киирэн барбытын иһин, ыксалынан хаайыыга илдьэ барбыттар. Сарсыныгар Сибииргэ этааптаабыттара. 1864 сыл от ыйын 2 (14) күнүгэр Иркутскайга тиийбит. Онтон, ол ый 10 (22) күнүгэр Усолье туус собуотугар тиийбит. Бу күнтэн хаайыытын болдьоҕо саҕаламмыт. 1866 сыллаахха бастаан Нерчинскэйгэ Кадая хаайыытыгар, онтон Александровскай Собуокка ыытыллыбыт, онно 1871 сыллаахха диэри олорбут. Онтон хаатыргатын болдьоҕо бүтэн Бүлүү куоратыгар көскө олорбута.

1883 сыллаахха Арассыыйа арҕаа өттүгэр барарын көҥүллэбиттэрэ, онон Астрахань куоракка көспүтэ. Онно 5 аҥаар сыл олорбута, уола Михаил Москубаҕа эбэтэр Петербуурга көһөрүн көҥүллэтэ сатаабыта да, боппуттара. Онтон Саратовка көһөрүн көҥүллээбиттэрэ. Онно 1889 сыл бэс ыйын 27 күнүгэр тиийбитэ.

Быһаарыылар

Ылыллыбыт сирэ

Wikiwand in your browser!

Seamless Wikipedia browsing. On steroids.

Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.

Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.