From Wikipedia, the free encyclopedia
Хазар хаҕаната (Хазария) (650—969)[1] — орто үйэтээҕи хазар диэн түүр тыллаах көс омугун дойдута. Хазар хаҕаната Арҕааҥы Түүр хаҕанатыттан арахсыбыт уонна туспа дойду буолбут. Хазардар Хотугу Кавказ, Аллараа уонна Орто Поволжье, хотугулуу арҕааҥы Казахстаан, Азов күөл кытылларын, Кырыым уонна Днепр өрүскэ диэри Илиҥҥи Европа сирдэрин баһылаан олорбуттар. Хазар хаҕанатын киинэ аан маҥнай Дагестааҥҥа, онтон Волга өрүс хочолоругар баар этэ. Хаҕанат баһылыктара иудей итэҕэлин ылыммыттара. Хазар хаҕаната өр кэмҥэ Арааб халифатын кытта утарыласпыта.
Аан маҥнай хазардар Азияҕа көһө сылдьыбыттара. Кинилэр тыллара түүр тыллар[2] оҕур бөлөҕөр киирэр. Оҕур тыллаахтар Европаҕа аан маҥнай 463 сыллаахха кэлбиттэрэ[3]. Хазардар тустарынан аан бастакынан Псевдо-Захарий диэн дьиҥнээх аата биллибэт Византия историга 555 сыллаахха ахтыбыт[4]. Былыргы суруктарга хазардар дойдуларын Берсилия диэн ааттыыллар. Чинчийээччилэр сабаҕалыылларынан Берсилия билиҥҥи Дагестаан сиригэр баар этэ[5].
Хазардар VI үйэ бастакы аҥарыгар савир диэн бииһи кытта холбоһоннор Соҕурууҥу Кавказка сэриинэн сылдьар этилэр. Хосроу Ануширван (531–579) Ираан ыраахтааҕыта хазардартан көмүскэнээри аатырбыт Дэрбэнт эркинин туппута.
Хазар хаҕанатын тэриллиитэ Түүр хаҕанатын историятын кытта ситимнээх. Ашина баһылыктардаах былыргы түүрдэр 551 сыллаахха Түүр хаҕанатын тэрийбиттэрэ. Сотору буолан баран бу хаҕанат икки аҥы: илиҥҥи уонна арҕааҥы хаҕанаттарга арахсыбыта. VI үйэ иккис аҥарыгар Арҕааҥы хаҕанат баһылыктара Хара муора хоту өттүгэр сытар сирдэри баһылаабыттара, олохтоох биистэр, ол быыһыгар хазардар түүр хаҕанын былааһын ылыммыттара.
Хазардар 627 сыллаахха Соҕуруу Кавказка баар Албания дойдутугар сэриинэн барбыттара уонна Византияны кытта холбоһон Тбилиси куораты сэриилээн ылбыттара[6].
630-с сыллартан саҕалаан Арҕааҥы Түүр Хаҕанатын ыһыллыыта саҕаламмыта. Ол түмүгэр Илиҥҥи Европаҕa икки саҥа дойду үөскээбитэ: Хара муора хотугу өттүгэр Кубрат хаан 632 сыллаахха Улуу Болгарияны тэрийбитэ, уонна Каспий күөл хотугу өттүгэр Хазар хаҕаната тэриллибитэ.
Кубрат хаан өлбүтүн кэннэ Улуу Болгария ыһыллыбыт. Ол түгэни хазардар туһаммыттар уонна болгардар сирдэрин сэриилээбиттэр. 660-с сылларга болгардар хааннара Аспарух дьонун кытта Дунай өрүс анараа өттүгэр көспүт уонна Болгария дойдутун тэрийбит. Улуу Болгария сирдэригэр хаалбыт Батбайан баһылыктаах болгардар хазардар былаастарын билиммиттэр. VII үйэ бүтүүтүгэр хазардар Кырыым, Азов муора хоту өттүн, Хотугу Кавказ сирдэрин баһылаабыттар. Илин Хазар хаҕаната ханыаха диэри тэнийбитэ чопчу биллибэт[7].
Бу кэмҥэ хазардар болҕомтолоро сүрүннээн Соҕурууҥу Кавказ диэки этэ. Хазардар онно икки суолунан барар этилэр: бастакыта Дэрбэнт куоратынан Кавказ Албаниятыгар, онтон Арменияҕа уонна салгыы Ирааҥҥа; эбэтэр Грузияҕа баар Дарьяль хапчаанынан. Хазардар дьайыылара күүстээх буолан араас тылларга Каспий муората "Хазар" дэнэр (холобур, перс тылыгар دزیای خزر daryā-i xazar).
Сасанид Ираанын араабтар сэриилээн ылбыттарын кэннэ хазардар Соҕуруу Кавказка сэриилэрэ тохтообута. Араабтар Грузияны уонна Албанияны баһылаан баран 653 сыллаахха Дэрбэҥҥэ тахсыбыттара уонна хазардары сэриилээбиттэрэ[8].
VIII үйэ саҕаланыытыгар тохтоло суох арааб-хазар сэриилэрэ буолбуттара. Хазар хаҕаната араабтары утары Византияны кытта холбоспута, Арааб халифата буоллаҕына хазардары утары Волга булгардарын кытта доҕордуу сыһыаны олохтуу сатаабыта. 717–718 сылларга араабтар Константинопольу төгүрүйбүттэригэр хазардар Византияҕа көмөҕө кэлбиттэрэ уонна Соҕуруу Кавкаһы сэриилээбиттэрэ. 730 сыллаахха хаҕан уола Бардьил билиҥҥи Ирааҥҥа баар Ардэбил куораты сэриилээбит уонна 25-тыһыынчалаах арааб сэриитин кыргыбыт, ол кыргыһыыга Дьаррах диэн ааттаах үрдүк сололоох арааб киһитэ өлбүт. Хазардар билиҥҥи Турцияҕа баар Дийарбакыр уонна Иракка баар Мосул куораттарга сэриинэн тиийбиттэр[9]. Ол эрээри 732/733 сыллаахха араабтар улахан стратегическэй суолталаах Дэрбэнт куораты баһылаабыттар.
737 сыллаахха Марван ибн Муһаммад диэн ааттаах арааб сэрииһитэ 150-тыһыынча сэрииһиттээх Хазар хаҕанатыгар саба түспүт. Араабтар Сэмэндэр диэн Хазар хаҕанатын киин куоратын сэриилэн ылбыттар уонна Дон эбэтэр Волга өрүскэ диэри тиийбиттэр[10]. Хазардар хоттороннор ислам итэҕэлин ылыныах буолан сэриини түмүктээбиттэр[11].
Хазар хаҕаната көҥүлүн сүтэрбэтэҕэ, араабтар буоллаҕына Хотугу Кавказтан барбыттар. Сотору кэминэн Халифакка эмиэ ыһыллыы саҕаламмыт уонна былааска Аббасид аҕа ууһа кэлбит. Кинилэр хотугу сэриилэртэн аккаастаммыттар[12].
Хазар хаҕанатын историятыгар Дагестаҥҥа олорбут дьэбириэйдэр улахан оруолу оонньообуттар[13]. Быһа холоон 740 сыллаахха Булан диэн ааттаах хазар сэрииһитэ иудаизмы ылыммыт[14]. IX үйэ саҕаланыытыгар Булан сыдьаана Обадийа хаҕаҥҥа чугаһаан кини көмөлөһөөччүтэ буобут. Ол кэмҥэ хаҕанакка икки былаас систиэмэтэ үөскээбит: сокуон быһыытынан былааһы хаҕан тутан олорбут, ол эрээри дьиҥнээх былааһы хаҕан көмөлөһөөччүтэ бэк ылбыт. Ол курдук Булан аҕа ууһа былааска кэлбит[15].
Ол кэмтэн ылата хазардар сэриинэн буолбакка ордук атын дойдулары кытта атыы-эргиэнэн дьарыктанар буолбуттар. Ол эрээри IX үйэҕэ Омуктар көһүүлэрин саҥа долгуна саҕаламмыт. Ол курдук 830-с сылларга Хара муора хотугу өттүгэр венгрдар көһөн кэлбиттэр. Ол кэннитэн печенегтэр, оҕустар уонна половецтэр кэлбиттэр. Омуктар көһүүлэрин түмүгэр Хазар хаҕаната мөлтөөбүт уонна кэхтибит.
939 сыллаахха рустар баһылыктара Хельг[16] Византия көмөтүнэн хазардары сэриилэбит, ол эрээри хазар сэрииһитэ Пэсах рустары кыргыбыт уонна Кырыымҥа баар Византия куораттарын сэриилээбит[17].
965 сыллаахха Святослав кинээс хазар сэриитин үлтүрүппүт уонна Саркэл диэн Хазар хаҕанатын киин куоратын сэриилээн ылбыт. Ол сыл эбэтэр 968/969 сыллаахха рустар оҕустары кытта холбоһон Итиль уонна Сэмэндэр куораттары баһылаабыттар. Бу курдук Хазар хаҕанатын историята түмүктэммитэ[18].
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.