From Wikipedia, the free encyclopedia
Филиппов Петр Иванович (1915.06.25 - 1985.02.12) - прозаик, литература ырытааччыта. Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ. 1966 сылтан ССРС СС (Суруйааччылар сойуустарын) чилиэнэ.
Сунтаар улууһугар Сунтаар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1932 сыллаахха Сунтаардааҕы колхоз эдэр ыччат оскуолатын, 1952 сыллаахха Дьокуускайдааҕы областной партийнай оскуоланы, 1958 сыллаахха ССКП КК Үрдүкү Партийнай оскуолатын бүтэрэр. Алын сүһүөх оскуолаҕа үөрэтээччинэн үлэлээбитэ, комсомольскай үлэҕэ сылдьыбыта, "Ленские маяки" диэн улуустар хаһыаттарыгар редактордаабыта, "Кыым" хаһыат редакторын солбуйааччыта буола сылдьыбыта, Саха АССР телевидение уонна радио Судаарыстыбаннай Комитетын литературнай-уран биэриилэр сүрүн редакторын солбуйааччыта этэ. 1942 сылтан ССКП чилиэнэ.
1937 сыллаахха бэчээттэнэн саҕалаабыта. 1961 сыллаахха "Хотугу сулус" сурунаалга М.К. Аммосов туһунан бастакы улахан очеркатын таһаарар. Филиппов очерктара уонна литературнай мэтириэттэрэ 1967 сыллааха "Дьыллар уонна дьоннор" диэн хомуурунньук буолан тахсыбыттара.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.