Тохсунньу 14 диэн Григориан халандаарыгар сыл 14-с күнэ. Сыл бүтүө 351 күн (ордук хонуктаах сылга 352 күн) баар.
Бэлиэ күннэр
- ЮНЕСКО — Логика аан дойдутааҕы күнэ
- Соҕуруу уонна Соҕуруулуу-Илин Азия дойдулара — Сулус кэминэн кыһыҥҥы күн туруута (Күн Чубуку сулус бөлөҕөр киириитин бэлиэтииллэр.)
- Узбекистан — Дойду көмүскээччилэрин күнэ
- Ииндийэ — Кумааҕы "змейдэр" дойдулар ардыларынааҕы фестиваллара
- Грузия — Былаах күнэ. 2004 сыллаахха 500-чэ сыл туттуллубакка сылдьыбыт биэс кириэстээх былыргы былаах Грузия былааҕа буолбут
- Таиланд — Ойуур харыстабылын национальнай күнэ
- Тунис — Өрөбөлүүссүйэ уонна ыччат күнэ
- АХШ — Ратификация күнэ (Америка Өрөбөлүүссүйэтин түмүктээбит 1783 сыллааҕы Улуу Британияны кытары дуогабар)
Түбэлтэлэр
- 1506 — Римҥэ урукку Нерон Көмүс дьиэтэ турбут сиригэр виноградникка "Лаокоон уонна уолаттара" диэн ааттаах скульптура көстүбүт. Бу скульптураны Плиний бэйэтин суруйууларыгар ахтар, скульптура мрамортан биһиги эрабыт иннинэ 40-20 сс. оҥоһуллубут.
- 1700 — Ыраахтааҕы Бүөтүр I нуучча дворяннарыгар уруккулуу уһун таҥас оннугар европалыы кылгас көстүүм кэтэллэригэр дьаһайбыт.
- 1784 — АХШ тутулуга суох буолуутун иһин сэрии: АХШ кэнгириэһэ Улуу Британияны кытта түһэрсиллибит Парижтааҕы сөбүлэҥи бигэргэппит. Бу күн билигин АХШ-ка Ратификация күнүн быһыытынан бэлиэтэнэр.
- 1902 — Кытай-Илин тимир суола (нууччалыы кылгатан КВЖД диэн аатынан биллэр) "Маньчжурия—Харбин" учаастага аһыллыбыт.
- 1913 (урукку ааҕыынан тохсунньу 1 күнүгэр) — Дьокуускай уокуругун Боотуруус улууһа икки улууска хайытыллыбыт: Боотуруус уонна Таатта. Таатта улууһугар Алдан, Тыараһа, 2-с Дьохсоҕон, 1-кы Игидэй, 1-кы Дьохсоҕон, Уус-Амма, Дьүлэй, 1-кы Хайахсыт, 4-с Дьохсоҕон, 2-с Игидэй, 3-с Дьохсоҕон уонна Күнээйи, барыта 12 нэһилиэк киирбит. Ол эбэтэр саҥа улууска 4219 дууһа, 2113 үлэһит бэриллибит, эр киһитэ - 4434, дьахтара - 4313.
- 1918 — Финляндия уонна Сэбиэскэй Арассыыйа саҥа халандаарга көспүттэр.
- 1943 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр АХШ бэрэсидьиэнэ Франклин Д. Рузвельт уонна Улуу Британия премьер-миниистирэ Уинстон Черчилль Касабланкатааҕы конференцияны саҕалаабыттар. Конференцияҕа икки кыттыгастыы дойду баһылыктара уонна Штаб салайааччыларын холбоһуктаах кэмитиэтэ сэрии стратегиятын ырыппыттар.
- 2005 — «Гюйгенс» диэн Европа космоска агентствотын зонда Сатурн аргыһыгар Титаҥҥа сымнаҕастык түспүт. Бүгүҥҥү (2021 сыл) туругунан бу Тас Күн систиэмэтигэр соҕотох сымнаҕас түһүү.
- 2010 — Йемен "Аль-Каида" диэн террор тэрийэр бөлөххө аһаҕас сэриини биллэрбит.
- 2011 — Тунис бэрэсидьиэнэ Зин эль-Абидин Бен Али Саудовскай Аравияҕа күрээбит. Бу дойдуга кини былааһын утары буолбут хас да бөдөҥ демонстрацияны «Арааб сааһа» саҕаланыытынан ааҕаллар.
- 2023 — Чурапчы Улахан Күөлүн ыанньыксыта Гаврил Терентьев лотереяҕа 10 мөлүйүөн солкуобайы сүүйбүт. Бу түбэлтэни уонна Терентьев мүлчүргэннээх сырыыларын хаһыаттар, ситим-сирдэр уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо уһуннук кэпсэл оҥостубуттара[1].
Төрөөбүттэр
- 1855 — Владимир Иохельсон — этнограф, народник, Саха сиригэр көскө олоро сылдьыбыт киһи, Нью-Йорка өлбүтэ. Кини сахалар култуураларын туһунан ытыктабыллаахтык суруйбута, элбэх саха малын-салын омук түмэллэригэр хомуйбута, сахалары үөрэтиигэ дьоһуннаах кылааты киллэрбитэ.
- 1908 — Василий Местников — ССРС норуодунай артыыһа, Саха тыйаатырын тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ, режиссер, олоҥхону тыйаатырга сыһыарбыт киһи.
- 1922 — Василий Колмогоров — Иккис аан дойду сэриитин кыттыылааҕа, 1961—1977 сылларга ССКП Намнааҕы райкомун сэкирэтээрэ, кэлин Саха АССР салалтатыгар араас дуоһунастарга үлэлээбитэ, Нам уонна Кэбээйи улуустарын Ытык киһилэрэ.
- 1925 — Юкио Мисима — дьоппуон литэрэтиирэтигэр XX үйэ иккис аҥаарын саамай биллэр суруйааччыта, драматург.
- 1938 — Христофор Горохов - Элгэстэй — бэйиэт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна.
- 1950 — Михаил Дьячковскай - Көлбө — бэйиэт, прозаик.
- 1969 — Акулина Акимова — "Туймаада" государственнай вокальнай ансаамбыл солиһа, СӨ үтүөлээх артыыһа, СӨ култууратын туйгуна.
Өлбүттэр
Wikiwand in your browser!
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.