Руфов Семен Титович — Сэмэн Руфов — бэйиэт, тылбаасчыт, саха норуодунай суруйааччыта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
Кылгас чахчылар Төрөөбүт аата:, Төрөөбүт күнэ: ...
Руфов Семен Титович |
|
Төрөөбүт аата: |
Руфов Семен Титович
|
---|
Төрөөбүт күнэ: |
5 ахсынньы 1927({{padleft:1927|4|0}}-{{padleft:12|2|0}}-{{padleft:5|2|0}})
|
---|
Төрөөбүт сирэ: |
Тамалакаан, Үөһээ Бүлүү улууһа, Саха уобалаһа ССРС ССРС
|
---|
Өлбүт күнэ: |
19 кулун тутар 2016({{padleft:2016|4|0}}-{{padleft:3|2|0}}-{{padleft:19|2|0}}) (88 сааһыгар)
|
---|
Өлбүт сирэ: |
Дьокуускай
|
---|
Дойдута: |
ССРС ССРС
|
---|
Дьарыга: |
бэйиэт, суруйааччы, тылбаасчыт
|
---|
Айымньыларын тыла: |
саха
|
Сап
Кыра сааһыттан кинигэ ааҕыытыгар ылларбыт, ордук нуучча классиктарын — Пушкины, Лермонтовы — сахалыы тылбаастарын сөбүлээн аахпыт. Атаһа, профессор Николай Тобуроков кэпсииринэн, оннооҕор оттуу сылдьан, хотуурунунан отун охсоругар Пушкин хоһоонун ааҕар эбит: «Мой дядя самых честных правил, Когда не в шутку занемог…». Оскуолаҕа Михаил Лермонтов «Выхожу один я на дорогу» хоһоонун, атын да нуучча поэттарын хоһооннорун курдук, өйдөөн хаалбыт. Ол сыллартан сааһын тухары Лермонтов төрөөбүт сиригэр — Тарханы сэлиэнньэҕэ — бара сылдьыан, поэт уҥуоҕун аттыгар олордуллубут дуб маһы көрүөн ыраламмыт эбит. Бу баҕа санаата Сэмэн Руфов 84 сааһыгар туолбут[1]. Дуб маһы, буурҕа суулларан, поэт уҥуоҕун таһыгар эрбэммит умнаһа эрэ өйдөбүл буолан ууруллубутун көрөн кэлбит.[2]
- 1954 сыллаахха Дьокуускайдааҕы культпросвет оскуола бибилэтиэкэҕэ салаатын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбит.
- Хас да сыл тыа сирин бибилэтиэкэтигэр сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит.
- 1957—1958 сс. — «Эдэр коммунист» хаһыат литсотруднига.
- 1962 сылтан ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
- 1963 с. А. М. Горькай аатынан Литература институтун үөрэнэн бүтэрбит.
- 1991 сылтан Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
- Кулун тутар 19 күнүгэр 2016 сыллаахха олохтон туораабыта.
Үлэлээбит сирдэрэ:
- «Хотугу сулус» сурунаал редакциятыгар корреспондент, салаа сэбиэдиссэйэ;
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Түмсүүлэрин салалтатын бэрэссээдэтэлин солбуйааччыта;
- «Литератор Якутии» Ассоциация бэрэссэдээтэлэ.
Айымньылара 1955 сылтан саҕалаан бэчээттэммиттэр.
Бастакы хоһооннорун кинигэтэ «Кэл, олор, кэпсэтиэх» күн сирин 1959 сыллаахха көрбүт.
Оҕолорго анаан уонча кинигэни суруйбут.
Тылбаасчыт
Биллиилээх тылбаасчыт — төрөөбүт тылыгар атын омук биллиилээх поэттарын айымньыларын тылбаастаабыта. Тылбаастарын кинигэтэ «Сулустаах халлаан» 1998 сыллаахха бэчээттэммит.
- Уильям Шекспир, 154 сонет
- Шота Руставели, «Витязь в тигровой шкуре» поэма
- Абай Кунанбаев айымньылара
- Константин Иванов, «Нарспи» поэма
- Кэл, олор, кэпсэтиэх: Хоһооннор. — Дьокуускай:Кинигэ кыһата, 1959. — 56 с.
- Садись, поговорим: Стихи. — М.: Современник, 1977.
- Лирические строфы: Стихи. — Якутск, 1980.
- Саха норуодунай суруйааччыта
- Российскай Федерация культуратын үтүөлээх үлэһитэ
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ
- «За доблестный труд в годы ВОВ 1941—1945 гг.» мэтээл
- Эрилик Эристиин аатынан литературнай бириэмийэ лауреата
- Иван Арбита аатынан литературнай бириэмийэ лауреата[1]
- Казахстан "Алаш" литературнай бириэмийэтин лауреата
- Афанасий Илларионов аатынан суруналыыстар бириэмийэлэрин лауреата[1]
- Иван Яковлев аатынан Чувашия национальнай бириэмийэтин лауреата[1]
- «В память о 200-летии Отечественной войны 1812 г.» (2012)[2]
- Сэмэн Руфов, 85 сааһыгар сылдьан, өйүттэн Александр Пушкин «Медный всадник» поэматын, 60-н тахса Пушкин, Лермонтов, Некрасов, Баратынскай, Огарев, Фет о. д. а. поэттар хоһооннорун ааҕар эбит. 84 сааһыгар сылдьан, сайын эбии 4 хоһоону өйүгэр хатаабытын кэпсээбит.[1]
- Табаахха сыһыана. Табааҕы 10 сааһыттан тардыбыт. Ол төрүөтэ — бэлэһин былчархайдара ыалдьыбытыгар төрөппүттэрэ «золотухалаабыт» диэн, онто махорканы эбэтэр сэбирдэх табааҕы тартаҕына эмтэнэр диэбиттэр. Ол курдук тардан, ылларан хаалбыт. 50 сааһыгар биирдэ бырахпыт.[1]