From Wikipedia, the free encyclopedia
Сэдэх ыарыылар күннэрэ (Орфан ыарыылар күннэрэ, ааҥл. Rare Disease Day) — оннук ыарыылар тустарынан билиини тарҕатаары бэлиэтэнэр. Сэдэх ыарыылары элбэх киһи билбэт буолан (ол иһигэр саҥа ыалдьыбыт ыарыһахтар бэйэлэрэ уонна быраастар), хойут биллэллэр, онон түргэнник эмтэниэх да ыарыыны баалатан кэбиһэллэр.
Сэдэх ыарыылаах олорор хайдаҕар дьон болҕомтотун тардар соруктаах, ону таһынан оннук ыарыылаах дьон диагностикаҕа, эмтэниигэ уонна көрүүгэ-истиигэ тэҥ бырааптаахтарын туһунан дьоҥҥо этээри. Тэрээһиннэр нэһилиэнньэҕэ барытыгар эрэ туһуламматтар, былаас уорганнарыгар, эми оҥорооччуларга, учуонайдарга, миэдиктэргэ эмиэ туһуланаллар.
EURORDIS диэн сэдэх ыарыылары үөрэтэр Европа дойдуларын тэрилтэтэ сыл саамай сэдэх күнүгэр олунньу 29 күнүгэр 2008 сыллаахтан бэлиэтиир буолбута. 29-һа суох сыл 28-ска бэлиэтэнэр. Бастаан Европаҕа эрэ бэлиэтэнэр курдук тэриллибитэ эрээри, эһиилигэр 2009 сыллаахха АХШ-ка бэлиэтээбиттэрэ, оттон 2019 сыллаахха бу күҥҥэ аналлаах тэрээһиннэри сүүстэн тахса дойду ыыппыта[1].
Аан дойдуга алта тыһыынчаттан тахса сэдэх ыарыы баара биллэр, Сир олохтоохторун 3,5 - 5,9% бу ыарыыларынан ыалдьаллар. Сэдэх ыарыы 72% – генетика төрүөттээх, атыттара инфекция (бактери эбэтэр вирус), аллергия, тас эйгэ дьайыыта эбэтэр раак сэдэх көрүҥнэрэ буоллалар. Генетика ыарыыларыттан 70% оҕо саастан саҕаланналлар.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.