From Wikipedia, the free encyclopedia
Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа — ССРС-ка саамай үрдүк бочуоттаах аат. Бу ааты сэрии кэмигэр эбэтэр үлэҕэ хорсун-хоодуот быһыыны оҥорбут эбэтэр уһулуччулаах көрдөрүүнү ситиспит дьоҥҥо иҥэрэллэрэ.
Анал бэлиэ 1934 сыллаахха муус устар 16 күнүгэр ССРС Киин ситэриилээх Кэмитиэтин уурааҕынан олохтоммута. Бу аат Хотугу Муустаах акыйааҥҥа хаайтарбыт «Челюскин» диэн мууһу хайытан устар борохуот экипаһын уонна научнай үлэһиттэрин ситиһиилээхтик быыһаабыттарга анаммыта. Сэбиэскэй Сойуус бастакы Дьоруойдарынан летчиктар А.Ляпидевскай, М.Слепнев, В.Молоков, Н.Каманин, М.Водопьянов, И.Доронин буолбуттара.
Дьоруой Кыһыл Көмүс Сулуһа сэбиэскэй норуот уонна государство иннигэр ытык иэстэрин толорбут бастыҥ дьоҥҥо туттарыллар үрдүктэн үрдүк суолталаах наҕараада буолар. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа диэн аат 12729 киһиэхэ, ол иһигэр Саха сириттэн 25 буойуҥҥа уонна тас дойдулар 44 бэрэстэбиитэллэригэр туттарыллыбыта.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.