From Wikipedia, the free encyclopedia
Сулуу — 1) кэргэн кэпсэтэр киһи кыыс дьонугар биэрэр үбэ-аһа, манньата (кэпсэтиинэн харчы да, сүөһү да буолуон сөп), кэлин энньэ быһыытынан эбэтэр, уруу сатамматаҕына, төннөрүллэр; 2) төлөбүр[1].
Ыал буолуон баҕарар киhи кыыhы атын аҕа ууhуттан көрдүүрэ. Талан булаат, кыыс дьонугар суорумдьу киhини такайан ыыталлара. Дьиэлээх киhи кыыһын сулуутун этэрэ, энньэ да туhунан тыл быктарара. Дьиэлэнээччи сулуу атыытын кытта сөбүлэстэҕинэ, ыкса уруутун хомуйан кыыс дьиэтигэр, сыҥаах хоҥнорор сулуутун аҕалан, суорумдьу кэпсэтиитин бигэргэтэрэ. Өскөтө эр киһи хоонньоһор сулууну төлөөтөҕүнэ, эр быhыытынан билиниллэрэ. Онтон сулуу толору төлөннөҕүнэ, кыhыҥҥы кэмҥэ уруу тэриллэрэ.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.