From Wikipedia, the free encyclopedia
Марк Дмитриевич Слепцов (28.11.1914—16.06.1989) — Саха АССР норуодунай артыыһа, РСФСР норуодунай артыыһа.
1914 сыллаахха сэтинньи 28 күнүгэр Саха АССР Чурапчы улууһун Бахсы нэһилиэгэр төрөөбүт.
1932-34 сылларга Саха тыйаатыырын устуудьуйатыгар үөрэммитэ. 1934-36 сылларга Луначарскай аатынан Москубатааҕы тыйаатыр ускуустубатын институтуугар (ГИТИС) үөрэммитэ.
1936 сылтан Саха тыйаатырын артыыһа. 1940 сыллаахха Ньурбаҕа Иккис судаарыстыбаннай холкуос тыйаатырын арыйбыта, кылаабынай режиссердаабыта. Олоҕун тухары сүүстэн тахса оруолга ооньообута.
Дьокуускай дьокутааттарын сэбиэтин 8-с ыҥырыытыгар талыллан үлэлээбитэ.
1989 сыллаахха өлбүтэ.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.