From Wikipedia, the free encyclopedia
Саһаан (нууч. сажень) — былыргы Арассыыйаҕа туттуллубут уста кээмэйэ.
XVII ү. казеннай саһаан устата 2,16 м эбит, 3 арсыынтан турар (биир арсыыҥҥа 16 вершок киирэр - 72см). 1835 сыллаах Николай I ыраахтааҕы «О системе российских мер и весов» ыйааҕынан, саһаан устата 7 английскай фуут саҕа буолбут, ол аата 2,1336 миэтэрэ. 1924 сыллаахха ССРС-ка метрическэй систиэмэ киириэҕиттэн туттуллубат буолбута.
Урут өссө кылгас эбит үһү араас чинчийээччилэр этэллэринэн 142 сантиметртан 152 см-га дылы — бүтэһик уста илиитин туора туппут киһи тарбахтарын төбөлөрүн ыккардыларын ырааҕар тэҥ.
Саха тылыгар саһаан диэн тыл иккис суолталаах: кыстаммыт, кыһын оттуллар мас.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.